Эсфирь 4
4
Мардохей Эсфирьтэн көмө көрдөһөр
1Мардохей итини билэн, кэтэ сылдьар таҥаһын хайа тардыммыта. Кини кутурҕан бэлиэтигэр куһаҕан дороххой таҥаһы таҥнан,#4:1 ...кутурҕан бэлиэтигэр куһаҕан дороххой таҥаһы таҥнан... – былыр дьэбириэй дьоно, аньыыларын кэмсинэн, сыгынньах эттэригэр тэбиэн түүтүттэн өрүллүбүт хатыылаах, мара-сара таҥаһы кэтэн баран, астан аккаастанан туран Таҥараҕа үҥэллэрэ. төбөтүгэр күлү куттан баран, аһыйан-кутуйан, марылаччы ытыы-ытыы куорат устун барбыта. 2Куһаҕан таҥастаах киһи дыбарыас тиэргэнигэр киирэрэ көҥүллэммэт буолан, Мардохей ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун ааныгар эрэ тиийбитэ. 3Ыраахтааҕы дьаһалын ыйааҕа тиийбит уобалаһыгар барытыгар иудейдар дириҥ кутурҕаҥҥа ылларан, астан-үөлтэн аккаастанан туран үҥэллэрэ, ис-истэриттэн энэлийэн ытаан-соҥоон бараллара; үгүстэр куһаҕан таҥаһы кэтэн баран күлгэ сыталлара.
4Эсфирьгэ чаҕар кыргыттара уонна аттакылара кэлэн, Мардохей туһунан кэпсээбиттэрэ. Сарыысса улаханнык дьиксинэн, кутурҕан таҥаһын оннугар кэттин диэн, Мардохейга атын таҥаһы ыыппыта да, ону анарааҥҥыта ылбатаҕа. 5Онуоха Эсфирь Гафаҕы, ыраахтааҕы киниэхэ чаҕарынан анаабыт аттакыларыттан биирдэстэрин, ыҥыран ылан, Мардохей туохтан, тоҕо итинник аймаммытын биллэрэ ыыппыта.
6Гафах тахсан ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун аанын утары турар куорат болуоссатыгар Мардохейга тиийбитэ. 7Дьэ онно Мардохей туох быһыыга-майгыга түбэспитин, Аман иудейдары кыргалларын туһугар ыраахтааҕы хааһынатыгар төһө үрүҥ көмүһү ыйаан биэриэх буолбутун барытын киниэхэ кэпсээн биэрбитэ. 8Итиэннэ аттакыга дьаһал суругу, иудейдары кыргар туһунан Сузыга тахсыбыт ыйааҕы, туттаран баран, итини Эсфирьгэ көрдөрөн туран барытын кэпсииригэр соруйбута. Ону таһынан ыраахтааҕыга баран норуотуҥ туһугар көрдөс-ааттас диэн Эсфирьгэ илдьиттээбитэ.
9Гафах хотунугар төннөн кэлэн, Мардохей тугу эппитин тиэрдибитэ. 10Онуоха Эсфирь Гафаҕынан Мардохейга маннык илдьиттээбитэ: 11«Ыраахтааҕы чугас үлэһиттэрэ да, кини бас билэр сирин норуоттара да бары билэллэр: ким да буоллун, эр киһи да, дьахтар да, ыраахтааҕы ис тиэргэнигэр ыҥырыыта суох киирдэҕинэ, уурааҕа биир – өлөрүүгэ ууруллар. Арай ыраахтааҕы ол киһи диэки кыһыл көмүс торуоскатын ууннаҕына эрэ, кини тыыннаах хаалар. Оттон мин ыраахтааҕыга ыҥырыллыбатаҕым хайыы үйэ отут күн буолла».
12Эсфирь эппитин Мардохейга тиэрдибиттэрэ. 13Онно Мардохей Эсфирьгэ маннык хардарбыта: «Иудейдартан барыларыттан мин эрэ ыраахтааҕы дыбарыаһыгар тыыннаах ордуом дии санаама. 14Итинник быһаарыылаах күҥҥэ саҥата-иҥэтэ суох хааллаххына, көмө да, өрүһүлтэ да иудейдарга атын суолунан син биир кэлиэҕэ, оттон эн туох баар уруулуун-аймахтыын бары өлүөххүт. Ким билэр, эн, баҕар, итинник өлөр-тиллэр күҥҥэ туһалаары, сарыысса буолбутуҥ буолаарай?»
15Онуоха Эсфирь Мардохейга маннык илдьиттээбитэ: 16«Баран, Сузыга баар иудейдары барыларын мус, уонна бары мин туспар астан туттунан үс түүннээх күн тугу да аһаамаҥ да, иһимэҥ да. Мин эмиэ чаҕар кыргыттарбыныын тугу да аһыахпыт да, иһиэхпит да суоҕа, онтон төһө да сокуону утары буоллар, ыраахтааҕыга барыам. Өлөр буоллахпына – өлүөм».
17Мардохей баран, Эсфирь тугу эппитин барытын толорбута.
Currently Selected:
Эсфирь 4: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: