Эсфирь 6
6
Мардохейы чиэстээһин
1Ити түүн ыраахтааҕы көрбүт хараҕын симмэтэҕэ. Уута кэлбэккэ, Өйдөбүнньүк кинигэтин, атыннык эттэххэ, дойдутун бэлиэ түгэннэрин үйэтитэр кинигэтин, аҕалтаран, киниэхэ ону улаханнык доргуччу ааҕалларыгар дьаһайбыта. 2Онно кини икки аттакыта, утуйар хоһун манабыллара Бигтана уонна Тереш, ыраахтааҕы тыыныгар турунарга санаммыттарын Мардохей тыллаан биэрбитин туһунан эмиэ суруллан сылдьара. 3Ыраахтааҕы: «Мардохей ити өҥөтүн иһин туох эмэ чиэскэ-бочуокка тиксибитэ этэ дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Суох, туохха да тиксибэтэҕэ»,– диэбиттэрэ кини чугас үлэһиттэрэ.
4«Билигин тиэргэҥҥэ ити ким баарый?» – диэн ыйыппыта ыраахтааҕы. Сити кэмҥэ ыраахтааҕы дьиэтин тас тиэргэнигэр Аман кэлэн турара. Кини ыраахтааҕыттан Мардохейы мин бэлэмнэппит остуолбабар ыйат диэн көрдөһөр санаалааҕа.
5Чугас үлэһиттэрэ ыраахтааҕыга: «Аман кэлэн турар, тиэргэҥҥэ баар», – диэбиттэрэ.
«Киирдин!» – диэн дьаһайбыта ыраахтааҕы. 6Итиэннэ Аман киирбитигэр киниттэн: «Ыраахтааҕы чиэстиэн баҕарар киһитигэр туох үчүгэйи оҥоруохха сөбүй?» – диэн ыйыппыта.
Аман иһигэр: «Ыраахтааҕы миигиттэн ураты ама кими өрө тутуон баҕарбыт үһүө», – дии санаабыта, 7онон эппитэ: «Ыраахтааҕы кими эрэ чиэстиэн-бочуоттуон баҕарар буоллаҕына, 8ыраахтааҕы таҥнар таҥаһын уонна кини миинэр миҥэтин, баһыгар мэнньиэс кэтэрдэн, аҕаллыннар. 9Ол таҥаһы уонна аты ыраахтааҕы биир саамай биллэр-көстөр үрдүк сололоох киһитигэр туттардыннар, оччоҕо үрдүк сололоох киһи, ыраахтааҕы чиэстиэн баҕарар киһитигэр ол таҥаһы таҥыннаран баран, кинини акка олортун уонна куорат болуоссатын устун аты көнтөһүттэн сиэтэ сылдьан: «Ыраахтааҕы чиэстиэн-бочуоттуон баҕарар киһитэ маннык мааныланар куолута!» – диэн бар дьон ортотугар дорҕоонноохтук иһитиннэрдин».
10Онуоха ыраахтааҕы Амаҥҥа: «Сибилигин ити эппит таҥаскын-сапкын, аккын ылан, дыбарыас олбуорун аанын аттыгар олорор иудей Мардохейга итини барытын оҥор. Барытын бэйэҥ эппитиҥ курдук гын, тугу да уларытыма!» – диэбитэ. 11Аман ыраахтааҕы таҥаһын уонна аты ылан баран, Мардохейы таҥыннаран акка олордубута уонна: «Ыраахтааҕы чиэстиэн-бочуоттуон баҕарар киһитэ маннык мааныланар куолута!» – диэн доргуччу саҥара-саҥара куорат болуоссатын устун аты көнтөһүттэн сиэтэ сылдьыбыта.
12Мардохей ити кэнниттэн үлэтигэр ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун ааныгар төннүбүтэ, оттон Аман, көҕүс түһэн, харыс хаалан, саатыттан төбөтүн таҥаһынан бүрүнэн баран, бэрт тиэтэлинэн дьиэтигэр баран хаалбыта. 13Дьиэтигэр тиийэн туох буолбутун барытын ойоҕор Зерешка уонна доҕотторугар бука барыларыгар кэпсээн биэрбитэ. Онуоха сүбэһиттэрэ уонна ойоҕо Зерешь: «Ити эн охторгор быа-туһах буолбут Мардохей төрдө-ууһа иудей буоллаҕына, эн кинини кыайбаккын, онон кини хараҕар самнарыҥ эрэ хаалбыт», – диэн хардарбыттара.
14Итини этэн бүтэ да иликтэринэ, ыраахтааҕы аттакылара бэрт тиэтэлинэн тиийэн кэлэн, Аманы Эсфирь тэрийбит малааһыныгар илдьэ барбыттара.
Currently Selected:
Эсфирь 6: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022