YouVersion Logo
Search Icon

Иоанн 10

10
Бараан үөрүн туһунан домох
1«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бараан далыгар аанынан киирбэккэ, атын сиринэн күрүөһүлээн киирээччи – ол уоруйах уонна түөкүн, 2оттон аанынан киирээччи – барааннар маныыһыттара. 3Маныыһыкка харабыл ааны аһан биэрэр, барааннар эмиэ кини саҥатын истэллэр; оччоҕо кини барааннарын ааттарынан ыҥыртаан таһырдьа таһаартыыр. 4Барааннарын таһааран баран, иннилэригэр киирэн бара турар, барааннар кини саҥатын билэн, батыһан бараллар. 5Туора киһи саҥатын атыҥыраан, батыһыахтааҕар буолуох, хата, куотуохтара». 6Иисус бу домоҕу кинилэргэ кэпсээбитэ эрээри, кинилэр домох суолтатын өйдөөбөтөхтөрө.
Иисус Христос – үтүө санаалаах Маныыһыт
7Онон Кини хаттаан эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин барааннар киирэр ааннарынабын. 8Мин иннибинэ кэлэ сылдьыбыттар бары уоруйахтар уонна түөкүттэр этилэр, кинилэри барааннар истибэтэхтэрэ. 9Мин – ааммын: ким Миигинэн киирбит, ол быыһаныа, киириэ да-тахсыа да, тахсан мэччирэҥи да булуо. 10Уоруйах уора, өлөрө итиэннэ үрэйэ эрэ кэлэр, оттон Мин эһиэхэ олоҕу – толору олоҕу – биэрэ кэлбитим.
11Мин үтүө маныыһыппын: үтүө маныыһыт барааннарын туһугар олоҕун толук биэрэр. 12Наймылаһан үлэлээччи – ол маныыһыт буолбатах, барааннара киниэннэрэ буолбатахтар, онон кини бөрө иһэрин көрдөҕүнэ, барааннары быраҕан атахха биллэрэр, оччоҕо барааннары бөрө тутаттаан сиир, үрүө-тараа ыһыталыыр. 13Наймыласпыт маныыһыт наймылаһан үлэлиир буолан, барааннарга кыһаммакка, куотан хаалар.
14Мин үтүө маныыһыппын: Мин Бэйэм барааннарбын билэбин, кинилэр эмиэ Миигин билэллэр. 15Аҕам Миигин билэрин курдук, Мин эмиэ Аҕабын билэбин, итиэннэ олохпун барааннарым тустарыгар толук уурабын. 16Миэхэ атын барааннар эмиэ бааллар, ол гынан баран билигин бу тиэргэҥҥэ кинилэр суохтар, Мин олорбун эмиэ аҕалыахтаахпын. Кинилэр саҥабын истиэхтэрэ, оччоҕо барыта биир үөр, биир Маныыһыт буолуо. 17Ол иһин Миигин Аҕам – олохпун кэлин хаттаан ылаары биэрэрим иһин – таптыыр. 18Мин олохпун ким да Миигиттэн былдьаан ылбат – Бэйэм биэрэбин. Мин олохпун биэрэр да, хаттаан ылар да былаастаахпын. Бу – Аҕам Миэхэ соруйбут соруга».
19Маны истэн иудейдар эмиэ мөккүһэн турбуттара. 20«Абааһыга буулатан өйүттэн тахсыбыт. Кинини тоҕо истэҕит?» – дииллэрэ үгүстэрэ.
21Атыттара утараллара: «Бу абааһыга буулаппыт киһи тыла-өһө буолбатах: абааһы көрбөтү көрөр оҥорор үһү дуо?»
Иудейдар Иисус Христоһу ылымматтар
22Ол саҕана Иерусалимҥа Таҥара Дьиэтин Ырааһырдыы бырааһынньыга буолбута. Кыһын этэ. 23Иисус Таҥара Дьиэтигэр, Соломон колоннадатыгар#10:23 Соломон колоннадата – Омуктар Тиэргэннэрин илиҥҥи өттүн кыйа барар колоннада. сылдьыбыта. 24Иудейдар тойотторо Кинини төгүрүйэн баран ыйыппыттара: «Эн биһигини туох да быһаарыыта суох төһө өр маннык сырытыннараары гынаҕын? Биһиэхэ аһаҕастык эт: Эн Христоскун дуо?»
25Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиэхэ эппитим даҕаны, эһиги итэҕэйбэккит. Аҕам аатынан оҥорор дьайыыларым Мин туспунан туоһулууллар. 26Ол эрээри, Мин эһиэхэ эппитим курдук#10:26 Мин эһиэхэ эппитим курдук – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., эһиги Мин барааннарым буолбатаххыт, ол иһин Миигин итэҕэйбэккит. 27Бэйэм барааннарым Мин саҥабын истэллэр, Мин эмиэ кинилэри билэбин, онон Миигин батыһаллар. 28Мин кинилэргэ бараммат олоҕу биэрэбин: кинилэр хаһан даҕаны өлүөхтэрэ суоҕа, ким да Миигиттэн кинилэри былдьаан ылыа суоҕа. 29Миэхэ кинилэри биэрбит Аҕам кимтэн да улахан, онон Аҕабыттан ким да кинилэри былдьыыр кыаҕа суох. 30Аҕам биһикки – биирбит».
31Маны этээтин, иудейдар Иисуһу өлөрөөрү, эмиэ таас ылбыттара.
32«Мин эһиэхэ Аҕабыттан ылан, элбэх үтүөнү оҥордум, – диэбитэ Иисус. – Олортон хайаларын иһин Миигин тааһынан тамнаан өлөрөөрү гынаҕыт?»
33Иудейдар хардарбыттара: «Үтүөнү оҥороруҥ иһин буолбатах, Таҥараны холуннарарыҥ, киһи эрээригин, Бэйэҕин Таҥарабын дэнэриҥ иһин, өлөрөөрү гынабыт!»
34Иисус эппитэ: «Эһиги Сокуоҥҥутугар „Мин эттим – эһиги таҥараларгыт“ диэн суруллубатаҕа дуо? 35Таҥара Бэйэтин тылын туһаайбыт дьонун Суруйууларга таҥаралар диэн ааттыыр, оттон Суруйуулар көтүллүбэттэр. 36Мин Таҥара Уолунабын диэбиппэр эһиги Миигин Таҥараны холуннараҕын диигит. Оттон Аҕам Миигин Бэйэтэ талан ылан бу дойдуга ыыппыта. 37Аҕам дьайыыларын оҥорбот буоллахпына, эһиги Миигин итэҕэйимэҥ, 38оттон оҥорор буоллахпына, Миигин да итэҕэйбэтэххит иһин, саатар, оҥорор дьайыыларбын итэҕэйиҥ. Оччоҕо эһиги Аҕам Миэхэ баарын, Мин Аҕабар баарбын билиэххит даҕаны, итэҕэйиэххит даҕаны#10:38 Итэҕэйиэххит даҕаны – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.».
39Маны эппитигэр эмиэ тутан ылаары соруммуттара гынан баран, Иисус кинилэргэ киирэн биэрбэтэҕэ. 40Кини өссө төгүл Иордан уҥуор баар, урут Иоанн сүрэхтээбит сиригэр баран, төһө эрэ кэм устата онно сылдьыбыта. 41Киниэхэ бэрт элбэх киһи тиийэрэ. «Иоанн биир да дьиктини оҥорботоҕо гынан баран, Кини туһунан эппитэ барыта кырдьык эбит», – дииллэрэ ол дьон. 42Онно Иисуһу элбэх киһи итэҕэйбитэ.

Currently Selected:

Иоанн 10: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in