Иоанн 11
11
Лазарь өлүүтэ
1Вифанияҕа, Мария эдьиийиниин Марфалыын олорор дэриэбинэлэригэр, биир Лазарь диэн киһи ыалдьыбыта. 2Мария били Айыы Тойон атаҕын үчүгэй сыттаах арыынан аҕаан баран баттаҕынан соппут дьахтар этэ. Ыалдьыбыт Лазарь кини быраата этэ. 3Онон Лазарь эдьиийдэрэ Иисуска «Тойоммут, таптыыр киһиҥ ыалдьа сытар» диэн илдьит ыыппыттара.
4«Ити өлөр ыарыы буолбатах, Таҥараны албан аатырдар ыарыы, – диэбитэ Иисус, илдьити истэн баран. – Итинэн Таҥара Бэйэтин Уолун албан аатырдыахтаах».
5Иисус Марфаны, кини балтын уонна Лазары таптыыра. 6Лазарь ыалдьыбытын истэн баран, Иисус тохтообут сиригэр өссө икки күн буолбута. 7Дьэ ол кэнниттэн үөрэнээччилэригэр: «Иудеяҕа төннүөҕүҥ», – диэбитэ.
8Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ: «Равви! Иудейдар Эйигин субу аҕай тааһынан тамнаан өлөрөргө соруммуттара дии, тоҕо онно төннөөрү гынаҕын?»
9Иисус эппитэ: «Күнүскү кэм уон икки чаастаах буолбат дуо? Күнүс сылдьар киһи, бу аан дойду сырдыгын көрө сылдьан, бүдүрүйбэт, 10оттон түүн сылдьар киһи, сырдыгы кытта сылдьыбат буолан, бүдүрүйэр». 11Инньэ диэн баран эппитэ: «Доҕорбут Лазарь утуйбут. Кинини уһугуннара барабын».
12«Тойоммуот! Утуйбут буоллаҕына, үтүөрүөҕэ», – диэбиттэрэ үөрэнээччилэрэ. 13Лазарь өлбүтүн туһунан эппитин көннөрү утуйбутун этэр дии санаабыттара.
14Дьэ онуоха Иисус быһаччы эппитэ: «Лазарь өлбүт. 15Ол кэмҥэ онно суох буолан биэрбиппиттэн Мин эһиги тускутугар үөрэбин эрэ. Билигин эһиги итэҕэйиэххит. Киниэхэ барыаҕыҥ».
16Игирэ Аҥаара диэн ааттыыр киһилэрэ, Фома, үөрэнээччилэргэ: «Биһиги эмиэ баран Кинини кытта бииргэ өлүөҕүҥ», – диэбитэ.
Өлүүттэн тилиннэрэн Олоҕу Биэрээччи
17Иисус кэлиитигэр Лазары харайбыттара хайыы-үйэ түөрт хоммут этэ. 18Вифания Иерусалимтан чугас – икки биэрэстэлээх сиргэ баар. 19Марфалаах Марияҕа бырааттарын аһыытын үллэстэ элбэх иудей кэлэн олороро. 20Иисус кэлэн иһэрин истэн, Марфа Кинини көрсө утары барбыта; Мария дьиэтигэр олорон хаалбыта.
21Марфа Иисуска эппитэ: «Тойонуом! Эн манна эбитиҥ буоллар, быраатым өлүө суоҕа этэ. 22Ол гынан баран Эн Таҥараттан тугу да көрдөстөргүн, Кини сибилигин да Эйиэхэ биэриэҕин мин билэбин».
23«Быраатыҥ тиллиэ», – диэбитэ Иисус.
24«Кини тиллии кэмигэр – бүтэһик күҥҥэ тиллэрин билэбин», – диэбитэ Марфа.
25Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин өлүүттэн Тилиннэрээччи уонна Олоҕу Биэрээччи буолабын. Миигин итэҕэйэр киһи, өлөн да баран, тиллиэҕэ. 26Билигин баар дьон Миигин итэҕэйэр буоллахтарына өлүөхтэрэ суоҕа. Бу эппиппин эн итэҕэйэҕин дуо?»
27«Тойонуом, итэҕэйэбин! – диэн хоруйдаабыта Марфа. – Эн аан дойдуга кэлэн иһэр Христос – Таҥара Уола буоларгын мин итэҕэйэбин».
28Инньэ диэт, баран балтын Марияны кистээн ыҥыран ылан: «Үөрэтээччи кэллэ, эйигин ыҥырар», – диэбитэ. 29Маны истээт, Мария тура охсон, Киниэхэ барбыта. 30Иисус дэриэбинэҕэ киирэ илигэ – Марфалыын көрсүбүт сиригэр баара. 31Дьиэҕэ кутурҕан үллэстэ олорбут иудейдар, Мария тиэтэйэ-саарайа ханна эрэ тахсан баран эрэрин көрөн, быраатын уҥуоҕар ытыы бардаҕа дии санаан, кэнниттэн батыспыттара.
32Иисус баар сиригэр кэлэн, Мария сиргэ умса түһэн, Киниэхэ сүгүрүйбүтэ уонна: «Тойонуом! Эн манна баар эбитиҥ буоллар, быраатым өлүө суоҕа этэ», – диэбитэ.
33Мария уонна бииргэ кэлсибит иудейдар ытаһалларын көрөн, Иисус ис дууһатыттан курутуйан, хаана хамнаан#11:33 Хаана хамнаан – эбэтэр «долгуйан».: 34«Ханна кистээтигит?» – диэн ыйыппыта.
«Тойоммуот, барыахха, көрдөрүөхпүт», – дэспиттэрэ.
35Иисус хараҕыттан уу-хаар баспыта.
36Маны көрөн иудейдар: «Көр, Лазары күүскэ да таптыыр эбит!» – дэһиспиттэрэ.
37Оттон сорохторо: «Хараҕа суоҕу көрөр гыммыта дии, бу да киһини өлбөт гынар кыаҕа суох этэ дуо?» – диэбиттэрэ.
Лазары тилиннэрии
38Иисус өссө ордук улахан кутурҕаҥҥа ылларан, Лазарь сытар хоруобугар кэлбитэ. Ол тааһынан бүөлэммит ааннаах очуос куоҥхалайа этэ.
39«Тааһы халбарытыҥ», – диэбитэ Кини.
Өлбүт киһи эдьиийэ Марфа эппитэ: «Тойонуом, хайыы-үйэ сыттаммыт ээ, хоруопка угуллубута төрдүс күнэ».
40«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.
41Аан тааһын халбарыппыттара. Иисус халлаан диэки көрөн туран: «Аҕаа! Миигин истибитиҥ иһин, Эйиэхэ махтанабын, – диэбитэ. – 42Эн Миигин өрүү истэргин билэбин эрээри, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйэллэрин туһугар, бу турар дьоҥҥо анаан маны эттим». 43Инньэ диэн баран, Иисус күүстээх куолаһынан: «Лазарь, таҕыс!» – диэн ыҥырбыта. 44Онуоха илиитэ-атаҕа өлүнньүк таҥаһынан сууламмыт киһи тахсан кэлбитэ; сирэйэ былаатынан саба баайылла сылдьара.
«Сирэйин сабыытын сүөрүҥ, бардын», – диэбитэ Иисус турар дьоҥҥо.
Иисус Христоһу утары куомуннаһыы
45Марияҕа кэлбит иудейдартан үгүстэрэ Иисус оҥорбут дьиктитин көрөн, Кинини итэҕэйбиттэрэ, 46оттон сорохторо фарисейдарга тиийэн Кини тугу гыммытын кэпсээбиттэрэ. 47Ону истэн, архиерейдар уонна фарисейдар синедриону түмэн мунньахтаабыттара: «Тугу гынабыт? Бу Киһи элбэх дьиктини оҥорон эрэр. 48Маны аахайбакка хааллардахпытына, бары Кинини итэҕэйиэхтэрэ, оччоҕо римляннар кэлэн, биһиги ытык сирбитин#11:48 Ытык сирбитин – Иерусалимнааҕы Таҥара Дьиэтин. да, норуоппутун да былдьаан ылыахтара».
49Биирдэстэрэ, ол дьыл архиерейынан анаммыт Каиафа диэн киһи, эппитэ: «Эһиги тугу да өйдөөбөккүт – 50норуот олоччу эстиэн кэриэтэ, биир киһи бар дьон туһугар өлбүтэ биһиэхэ#11:50 Биһиэхэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «эһиэхэ». ордук!»
51-52Маны кини бэйэтэ эппэтэҕэ, Иисус норуот туһугар – норуоту эрэ буолбакка, Таҥара тарҕанан хаалбыт оҕолорун барыларын бииргэ түмээри өлүөхтээҕин, ол дьыл архиерейынан талыллыбыт киһинэн – кининэн, Таҥара этиппитэ.
53Бу күн Иисус өлөрөргө ууруллубута. 54Онон Кини мантан инньэ иудейдарга аһаҕастык көстүбэт буолбута, кураайы куйаар аттынааҕы дойдуга, Ефраим диэн куоракка, баран үөрэнээччилэрин кытта сылдьыбыта.
55Иудей Паасхата чугаһаан, бырааһынньык иннинэ ыраастанар сиэри-туому тутуһа дойду араас муннугуттан Иерусалимҥа элбэх киһи кэлбитэ. 56Кинилэр Иисуһу көрдүүллэрэ уонна Таҥара Дьиэтигэр көрсүһэн: «Туох дии саныыгытый? Бырааһынньыкка кэлиэ суоҕа дуо?» – диэн кэпсэтэллэрэ. 57Оттон архиерейдар уонна фарисейдар уураах таһаарбыттара: Иисус ханна баарын билэр киһи тойотторго тыллаан Кинини туттарыахтаах.
Currently Selected:
Иоанн 11: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: