Иоанн 8:10-11
Иоанн 8:10-11 СБК
Иисус төбөтүн өндөтөн, дьахтартан ураты атын ким да суоҕун көрөн: «Буруйдааччыларыҥ ханналарый? Ким даҕаны эйигин дьүүллээбэтэ дуо?» – диэн ыйыппыта. «Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта. «Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».