Иоанн 9
9
Хараҕа суоҕу үтүөрдүү
1Иисус ааһан иһэн, төрүөҕүттэн хараҕа суох киһини көрбүтэ. 2«Равви! Кини тоҕо хараҕа суох буолан төрөөбүтэ буолуой? – диэн үөрэнээччилэрэ ыйыппыттара. – Хайалара аньыыны-хараны оҥорбутуй: бэйэтэ дуу, төрөппүттэрэ дуу?»
3«Бэйэтин да, төрөппүттэрин да аньыыларыттан буолбатах, – диэбитэ Иисус. – Кини, Таҥара күүһэ кини олоҕор көстөрүн туһугар, хараҕа суох буолбут. 4Миигин Ыытааччы дьайыытын Мин#9:4 Мин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги». күн устата толоруох тустаахпын; сотору түүн бүрүүкээн кэлиэ, оччоҕо ону ким да оҥорор кыаҕа суох буолуо. 5Мин бу дойдуга баарым тухары, бу дойду сырдыгынабын». 6Маны этээт, Кини сиргэ силлээн баран, ону буорга булкуйан, киһи хараҕын соппута, 7уонна: «Силоам уутугар баран суун», – диэбитэ (Силоам – ол аата «Ыытыллыбыт» диэн). Киһи онно тиийэн суунаат, көрөр буолан төннүбүтэ.
8Маныаха ыаллара уонна урут кини хараҕа суоҕун билэр дьон: «Бу били умналыы олорор киһибит буолбат дуо?» – диэн дьиибэргээбиттэрэ.
9«Кини», – дииллэрэ сорохтор.
«Суох, көннөрү маарынныыр эрэ», – атыттар саарбахтыыллара.
Оттон кини бэйэтэ буоллаҕына дьоҥҥо: «Бу мин ээ», – диирэ.
10«Эн хайдах харахтанан хааллыҥ?» – киниттэн ыйыппыттара.
11«Иисус диэн Киһи буору силинэн илитэн баран, харахпын соппута уонна Силоамҥа тиийэн суун диэбитэ. Онно суунан, мин көрөр буолан кэллим».
12«Кини ханнаный?» – диэн ыйыппыттара.
«Билбэппин», – диэбитэ үтүөрбүт киһи.
13Бу уруккута хараҕа суох киһини фарисейдарга илдьибиттэрэ. 14Иисус буору илитэн баран, киһи хараҕын сотон үтүөрдүбүт күнэ субуота этэ. 15Фарисейдар эмиэ кини хайдах көрөр буолан хаалбытын ыйыппыттара.
«Харахпар инчэҕэй буору биспитэ, ону суунан баран көрөр буолбутум», – диэбитэ киһи.
16«Ол Киһи субуотаны тутуспат эбит, – дэспиттэрэ сорох фарисейдар. – Онон Кини Таҥара ыыппыт Киһитэ буолуон сатаммат».
Атыттар саарбахтаабыттара: «Аньыылаах киһи маннык дьиктилэри хайдах оҥоруоҕай?» Мантан сылтаан мөккүөр күөдьүйбүтэ.
17Хараҕа суохтан хат ыйыппыттара: «Кини миигин көрөр гынна диигин. Эн санааҕар, Кини кимий?»
«Мин Кинини Пророк дии саныыбын», – диэбитэ киһи.
18Иудей тойотторо кини көрбөт буола сылдьан харахтаммытын хайдах да итэҕэйбэтэхтэрэ. Онон аны төрөппүттэрин ыҥыран ылан: 19«Төрүөҕүттэн хараҕа суох диир уолгут бу дуо? Уонна хайдах көрөр буолан хаалла?» – диэн ыйыппыттара.
20«Бу уолбут буоларын, кини хараҕа суох төрөөбүтүн биһиги билэбит, – төрөппүттэрэ хоруйдаабыттара. – 21Оттон билигин хайдах көрөр буолан хаалбытын, кини хараҕын ким арыйбытын билбэппит. Бэйэтиттэн ыйытыҥ. Сааһын сиппит киһи – этиэҕэ».
22Иудейдартан куттанан, төрөппүттэрэ итинник хоруйдаабыттара. Иисуһу Христос диэн билиммит киһини синагогаттан үүрэр туһунан иудейдар хайыы-үйэ бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэрэ, 23ол иһин төрөппүттэрэ «сааһын сиппит киһи, бэйэтиттэн ыйытыҥ» диэбиттэрэ.
24Хараҕа суох сылдьан харахтаммыт киһини иккиһин ыҥыран ылан: «Кырдьыгы этиэм диэн андаҕай!#9:24 Кырдьыгы этиэм диэн андаҕай! – тылыттан тылыгар түһэрэн тылбаастаатахха «Таҥараны айхаллаа» (иудейдар киһини андаҕатар тыллара). – диэбиттэрэ. – Ол Киһи аньыылааҕын биһиги билэбит».
25Үтүөрбүт киһи эппитэ: «Кини аньыылааҕын-аньыыта суоҕун мин билбэппин, арай биири билэбин – урут көрбөт этим, билигин көрөбүн».
26«Кини эйигин хайдах гынна? Хараххын хайдах көрөр оҥордо?» – диэн хат лаппыйан ыйыппыттара.
27«Мин эһиэхэ эппитим да, истиэххитин баҕарбатаххыт, – диэбитэ кини. – Өссө истиэххитин баҕараҕыт дуо? Биитэр эһиги Кини үөрэнээччилэрэ буолуоххутун баҕараҕыт дуу?»
28Онуоха кинини мөҕөн баран эппиттэрэ: «Эн Кини үөрэнээччитинэҕин, оттон биһиги Моисей үөрэнээччилэринэбит. 29Моисейдыын Таҥара кэпсэппитин билэбит, оттон бу Киһи хантан кэлбитин да билбэппит».
30Харахтаммыт киһи эппитэ: «Кини хантан кэлбитин билбэккит дьэ дьикти, оттон Кини буоллаҕына миигин көрөр гынна. 31Ол эрээри Таҥара аньыылаахтары истибэтин биһиги билэбит ээ; Кинини ытыктыыр, Кини көҥүлүн толорор киһини Таҥара истэр. 32Төрүөҕүттэн хараҕа суох киһини ким эмэ көрөр гыммыта бу үйэҕэ иһиллэ илигэ. 33Таҥара ыыппатаҕа эбитэ буоллар, Кини тугу да кыайан оҥоруо суоҕа этэ».
34Фарисейдар маны истэн: «Бүтүн бэйэҥ аньыыга-хараҕа булкуллан төрөөн баран, өссө биһигини үөрэтэ тураҕын дуо?» – диэбиттэрэ. Уонна үүрэн кэбиспиттэрэ.
Дьиҥ хараҕа суохтар
35Иисус кинини үүрбүттэрин истэн баран, булан ылан: «Эн Таҥара Уолун#9:35 Таҥара Уолун – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Киһи Уолун». итэҕэйэҕин дуо?» – диэбитэ.
36«Тойонуом, итэҕэйиэхпин Кини кимий?» – диэн ыйыппыта киһи.
37«Урут Кинини эн көрбүтүҥ, билигин Кини эйигинниин кэпсэтэ турар», – диэбитэ Иисус.
38«Тойонуом, итэҕэйэбин!» – диэн саҥа аллайа түһээт, киһи Киниэхэ сүгүрүйбүтэ.
39Иисус эппитэ: «Мин бу аан дойду дьүүллэнэрин – көрбөт дьон көрөр буолалларын, көрөр дьон көрбөт буолалларын туһугар кэлбитим».
40Кини аттыгар турбут сорох фарисейдар маны истэн: «Ама биһиги эмиэ хараҕа суох үһүбүт дуо?» – дэспиттэрэ.
41«Хараҕа суоххут эбитэ буоллар, аньыыга киириэ суох этигит, – диэбитэ Иисус. – Ол гынан баран эһиги билигин көрөбүт диигит, онон аньыыгыт бэйэҕитигэр хаалар».
Currently Selected:
Иоанн 9: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: