Лука 15
15
Сүппүт бараан туһунан домох
1Түһээн хомуйааччылар уонна да атын аньыылаах-харалаах бэрт үгүс дьон, Кинини истээри, мусталлара. 2Фарисейдар уонна сокуонньуттар: «Аньыылаахтары Бэйэтигэр чугаһатар, кинилэри кытта бииргэ аһыыр», – диэн абараллара.
3Ол иһин Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: 4«Эһигиттэн ким эмэ, сүүс барааннааҕыттан биирин сүтэрдэҕинэ, тоҕус уон тоҕуһун мэччитэ хаалларан баран, сүппүт бараанын, хаһан булуор диэри, көрдүү барыа суоҕа этэ дуо? 5Уонна буллаҕына, онтун үөрэ-көтө санныгар сүгэн баран, 6дьиэтигэр кэлэн доҕотторун, ыалларын ыҥыран: „Үөрүүбүн үллэстиҥ: сүппүт барааммын буллум“, – диэн этиэҕэ. 7Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: ол курдук эмиэ аньыыны билинэргэ кыһаммат тоҕус уон тоҕус үтүө киһитээҕэр аньыытын билинэр аньыылаах биир киһиттэн Халлааҥҥа ордук үөрүөхтэрэ.
Сүппүт манньыат туһунан домох
8Эбэтэр хайа дьахтар уон үрүҥ көмүс манньыаттааҕыттан биирин сүтэрдэҕинэ, уотун уматан, дьиэтин сиппийэн, хаһан булуор диэри, кыһанан-мүһэнэн көрдүө суоҕай? 9Уонна буллаҕына, дьүөгэлэрин, ыалларын ыҥыртаан ылан: „Үөрүүбүн үллэстиҥ: сүппүт манньыаппын буллум“, – диэҕэ. 10Эһиэхэ этэбин: аньыытын-харатын билинэр аньыылаах биир киһиттэн Таҥара Аанньаллара эмиэ оннук үөрэллэр».
Сүппүт уол туһунан домох
11Өссө манныгы кэпсээбитэ: «Биир киһи икки уоллаах эбит. 12Биирдэ кыра уола аҕатыгар эппит: „Аҕаа, ылыахтаах нэһилиэстибэбин миэхэ биэр“. Аҕалара баайын-дуолун уолаттарыгар үллэрэн биэрбит.
13Аҕыйах хоноот кыра уол, барытын хомунан, ыраах дойдуга барбыт; кини ол дойдуга содурдук олорон, үбүн матайдаан кэбиспит. 14Үбэ бараммытын кэннэ, ол дойдуга улуу сут туран уол улахан кыһалҕаҕа ылларбыт. 15Онон баран олохтоохтортон биирдэстэригэр үлэҕэ наймыласпыт; анарааҥҥыта уолу, сибиинньэлэрин маната, мэччирэҥ сиригэр ыыппыт. 16Уол саатар сибиинньэ сиир туорааҕынан#15:16 Сибиинньэ сиир туорааҕа – кароб (рожковай мас) минньигэс амтаннаах туораҕа. испин тоторуом дии санаабыт да, киниэхэ тугу да биэрбэтэхтэр.
17Кэмниэ кэнэҕэс өйдөнөн кэлэн кини эппит: „Төһөлөөх хамначчыт, аҕам килиэбэр тотон, тобохтоон кэбиһэ-кэбиһэ сииллэрэ буолуой, оттон мин манна хоргуйан өлөн эрэбин. 18Туран аҕабар тиийэн этиэм: Аҕаа, Таҥараны да, эйигин да утары аньыыны оҥорбуппун. 19Аны эн уолуҥ дэнэр кыаҕым суох; миигин саатар хамначчытынан ыл“. 20Уонна туран аҕатыгар барбыт.
Аҕата кини иһэрин ыраахтан көрөн, аһынан, уолугар утары сүүрэн тиийбит, моонньуттан кууһан ылан уураабыт.
21Уола эппит: „Аҕаа, Таҥара да, эн да иннигэр мин аньыыны оҥорбуппун, онон эн уолуҥ дэнэр кыаҕым суох“.
22Аҕата кулуттарыгар эппит: „Түргэнник бастыҥ таҥаһы таһааран, таҥыннарыҥ, тарбаҕар биһилэхтэ кэтэрдиҥ, атаҕын таҥаһын биэриҥ; 23итиэннэ уотуллубут тиҥэһэни сиэтэн аҕалан өлөрүҥ: билигин аһыахпыт, үөрүөхпүт-көтүөхпүт! 24Бу уолум өлөн баран тилиннэ, сүтэн баран көһүннэ“. Бырааһынньык саҕаламмыт.
25Улахан уол ол кэмҥэ сыһыыга сылдьыбыт; кини дьиэтигэр төннөн чугаһаан иһэн, ырыаны-тойугу, үҥкүүнү-битиини истибит. 26Итиэннэ биир үлэһитин ыҥыран ылан: „Бу туох ааттаах буолла?“ – диэн ыйыппыт.
27Үлэһитэ эппит: „Быраатыҥ кэллэ, уола этэҥҥэ эргиллибититтэн үөрэн, аҕаҥ уойбут тиҥэһэни өлөртөрдө“.
28Улахан уол кыыһыран, дьиэтигэр киириэн баҕарбатах. Аҕата тахсан кинини ыҥыра сатаабыт. 29Уола эппит: „Бачча сыл тухары мин эйиэхэ үлэлээн кэллим, ол тухары биирдэ даҕаны эн тылгын кэспэтэҕим; эн буоллаҕына саатар биир козел оҕотун, доҕотторгун кытта үөр-көт диэн, миэхэ биэрэриҥ баҕалаах этэ; 30оттон ити сэлээччэх дьахталларга үбүн бараабыт уолуҥ кэлбитигэр уотуллубут тиҥэһэни киниэхэ анаан өлөрбүккүн“.
31„Тоойуом! – диэбит аҕата. – Эн миигин кытта өрүү бииргэ этиҥ, онон мин баайым барыта – эйиэнэ. 32Хата бу маннык хомойуох кэриэтэ быраатыҥ өлөн баран тиллибитигэр, сүтэн баран көстүбүтүгэр үөрүөххэ-көтүөххэ баар этэ“».
Currently Selected:
Лука 15: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022