Лука 20
20
Иисус Христос быраабын ыйытыы
1Иисус Таҥара Дьиэтигэр дьону үөрэтэн Евангелиены иһитиннэрэ сырыттаҕына, архиерейдар уонна сокуонньуттар аҕа баһылыктары кытта тиийэн кэлэн: 2«Биһиэхэ эт эрэ, Эн ханнык быраапкынан итинник быһыыланаҕыный, ким Эйиэхэ итинник быраабы биэрбитэй?»#20:2Таҥара Дьиэтиттэн атыыһыттары үүрбүтүн туһунан ыйытыы. – диэн ыйыппыттара.
3«Мин эмиэ эһигиттэн биири ыйытыам, – диэбитэ Иисус. – Этиҥ эрэ, 4Иоанн хантан көҥүл ылан сүрэхтээбитэй: Таҥараттан дуу, дьонтон дуу?»
5Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэрэ: «Таҥараттан диэтэхпитинэ, оччоҕо кинини тоҕо итэҕэйбэтэххитий диэҕэ, 6оттон дьонтон диэтэхпитинэ, норуот биһигини тааһынан тамныаҕа. Иоанн пророк буоларын кинилэр бары итэҕэйэллэр». 7Ол иһин: «Хантанын билбэппит», – диэн хоруйдаабыттара.
8«Оччоҕо Мин эмиэ ханнык бырааппынан итини оҥорорбун эһиэхэ эппэппин», – диэбитэ Иисус.
Виноградник үлэһиттэрин туһунан домох
9Кини норуокка маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи виноградник олордубут уонна ону үлэһиттэргэ туттаран баран, өр буола атын сиргэ барбыт. 10Виноградник астанар кэмэ кэлбитигэр кини, отон ыллара, үлэһиттэргэ кулутун ыыппыт. Үлэһиттэр кулуту үлтү кырбаан баран, туга да суох төттөрү утаарбыттар. 11Өссө атын кулутун ыыппыт, үлэһиттэр ону эмиэ үлтү сынньан, атаҕастаан баран, туга да суох үүрэн ыыппыттар. 12Онтон үһүс кулутун ыыппытын эмиэ бааһырдан-эчэтэн баран, үүрэн кэбиспиттэр.
13Дьэ онно виноградник хаһаайына: „Хайыамый? Таптыыр уолбун ыытыым, баҕар, кыбыстан киниэхэ биэриэхтэрэ“, – диэбит.
14Үлэһиттэр уолу көрөн: „Нэһилиэнньик иһэр. Баран кинини өлөрүөҕүҥ – нэһилиэстибэтэ биһиэхэ тиксиэ“, – дэспиттэр. 15Итиэннэ кинини виноградник таһыгар таһааран өлөрөн кэбиспиттэр. Маннык түбэлтэҕэ виноградник хаһаайына кинилэри хайдах гыныан сөбүй? 16Кини ити үлэһиттэри өлөртөөн баран, винограднигын атыттарга туттарыа».
Маны истибиттэр: «Оннук эрэ буолбатын!» – дэспиттэрэ.
Тутааччылар бырахпыт таастара
17Иисус кинилэр диэки көрөн баран эппитэ: «„Тутааччылар бырахпыт таастара муннук тутаах тааһа буолла“ диэн Суруйуулар тугу этэллэрий? 18Бу таастан иҥнэн охтубут киһи үлтү түһэн өлүөҕэ, оттон бу таас түспүт киһитэ хам баттатан өлүөҕэ».
19Архиерейдар уонна сокуонньуттар Иисус бу домоҕунан кинилэри сирэйдээн кэпсээбитин өйдөөн, Кинини тутуохтарын баҕарбыттара да, норуоттан куттаммыттара.
Ыраахтааҕы түһээнэ
20Онон кинилэр Иисуһу кэтэһэ-манаһа сылдьан, хайдах эмэ тылыттан иҥиннэрэн баран тойотторго уонна баһылык суутугар тутан биэрээри, көнө дьон буолан кубулуммут куомуннаахтарын ыыппыттара. 21Олор кэлэн Иисустан ыйыппыттара: «Үөрэтээччи! Эн сөптөөҕү этэргин-үөрэтэргин, киһини кимиттэн-тугуттан көрбөккүн, чахчы Таҥара суолугар үөрэтэргин билэбит. 22Биһиги ыраахтааҕыга түһээн төлүүрбүт көҥүллэнэр дуу, суох дуу?»
23Иисус, кинилэр кубулуналларын билэн, эппитэ: 24«Миигин тоҕо үтэн-анньан көрөҕүт? Динарийда Миэхэ көрдөрүҥ: бу ким мөссүөнэ, ким суруга баарый?»
«Рим ыраахтааҕытын киэнэ», – дэспиттэрэ.
25«Оннук буоллаҕына, ыраахтааҕы киэнин ыраахтааҕыга, Таҥара киэнин Таҥараҕа биэриҥ», – диэбитэ Иисус.
26Кинилэр дьон иннигэр Иисуһу кыайан тылыттан иҥиннэрбэтэхтэрэ, хоруйун сөҕөн, саҥата суох барбыттара.
Өлбүттэр тиллиилэрин туһунан ыйытыы
27Өлбүттэр тиллиэхтээхтэрин итэҕэйбэт саддукейдартан хас да киһи кэлэн Киниттэн ыйыппыттара: 28«Үөрэтээччи! Моисей биһиэхэ хаалларбыт суруйуутунан, ким эрэ ойох ылан баран оҕото суох сылдьан өллөҕүнэ, кини удьуорун салгыыр туһуттан, быраата кини огдооботун ылыахтаах. 29Сэттэ бырааттыылар бааллара. Улахан убайдара ойох ылан баран, оҕото суох сылдьан өлбүтэ. 30Иккис бырааттара эмиэ ол дьахтары ойох ылбыта да, оҕо төрөппөккө өлбүтэ. 31Үһүс бырааттара эмиэ ол дьахтары ойох ылбыта. Ити курдук, бары сэттиэн кинини ыла сылдьыбыттара да, оҕото суох сылдьан өлбүттэрэ. 32Барыларын кэнниттэн дьахтар өлбүтэ. 33Кэлин бары тилиннэхтэринэ, кини хайаларын ойоҕо буолуоҕай? Кинини сэттиэн ыла сылдьыбыттара эбээт».
34Иисус кинилэргэ эппитэ: «Бу үйэ дьоно эрэ ойох ылаллар, эргэ бараллар; 35оттон өлүүттэн тиллэн Кэнэҕэс Үйэ олоҕор тиксибит дьон ойох да ылбаттар, эргэ да барбаттар. 36Кинилэр, Аанньал курдук буолан, аны өлбөттөр, итиэннэ өлүүттэн тиллэн Таҥара оҕолоро буолаллар. 37Оттон өлбүттэр тиллиэхтээхтэрин Моисей умайа турар талах туһунан кэпсииригэр көрдөрбүтэ. Кини онно Айыы Тойону Авраам Таҥарата, Исаак Таҥарата, Иаков Таҥарата диэн ааттыыр. 38Таҥара өлбүттэр Таҥаралара буолбатах, тыыннаахтар Таҥаралара. Киниэхэ бары тыыннаахтар».
39Маны истэн сокуонньуттартан сорохторо: «Үөрэтээччи, Эн бэркэ да эттиҥ!» – дэспиттэрэ. 40Бу кэннэ Киниттэн тугу эмэ ыйытыахтарын толлубуттара.
Христос ким Уолай?
41Иисус кинилэргэ эппитэ: «Христоһу тоҕо Давид Уола диэн ааттыылларый? 42-43Саалтыыр кинигэтигэр Давид этэр: „Айыы Тойон мин Тойоммор өстөөхтөргүн, үктэл оҥостон олорор гына Эйиэхэ самнаран биэриэхпэр диэри, Мин уҥа өттүбэр олор диэбитэ“ диэн. 44Давид Кинини Тойонум диэн ааттыыр буоллаҕына, оччоҕо Кини хайдах Давид Уола буоларый?»
45Бар дьон Кинини истэн турдаҕына, Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: 46«Уһун таҥаһы таҥналларын, болуоссаттарга уруйданалларын, синагогаларга инники эрээккэ олороллорун, ыҥырыылаах малааһыннарга бастыҥ олоххо өттүгэстээн сыталларын сөбүлүүр сокуонньуттартан сэрэнэр буолуҥ; 47кинилэр огдооболор дьиэлэрин хорон сииллэрин, дьон көрөрүгэр өр үҥэллэрин иһин, саамай ыар буруйга тиксиэхтэрэ».
Currently Selected:
Лука 20: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: