Лука 21
21
Огдообо сиэртибэтэ
1Иисус харчы иһиттэригэр бэлэхтэрин угар баайдары көрбүтэ; 2онно биир дьадаҥы огдообо дьахтар кэлэн, икки алтан харчыны укпутун көрөн, 3эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу дьадаҥы огдообо барыларынааҕар элбэҕи укта; 4атыттар бары бэйэлэриттэн ордору эрэ Таҥараҕа#21:4 Таҥараҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. биэрбиттэрэ, оттон кини айаҕын ииттэр кырыымчык харчытын олоччу укта».
Бүтэр уһук бэлиэлэрэ
5Сорохтор Таҥара Дьиэтэ күндү тааһынан тутуллубутун, баай бэлэҕинэн киэргэтиллибитин туһунан кэпсэппиттэригэр, Иисус эппитэ: 6«Манна көрөргүт барыта таастан таас хаалбат гына урусхалланар кэмэ кэлиэҕэ».
Кэнэҕэски сойуолааһын туһунан
7Киниттэн ыйыппыттара: «Үөрэтээччи! Ити эппитиҥ хаһан туолуоҕай? Ону туох бэлиэнэн билэбит?»
8Кини эппитэ: «Сэрэхтээх буолуҥ, ким да албыныгар киирэн биэрбэт курдук, сылдьыҥ. Үгүстэр Мин ааппынан ааттанан кэлэн, бу – Мин, кэм кэлэн эрэр диир буолуохтара. Эһиги кинилэри батыһаайаҕыт. 9Араас сэрии, өрө туруу буолбутун иһиттэххитинэ эмиэ уолуйбат буолуҥ. Ол барыта буолуохтаах эрээри, өссө да бүтэр уһук буолбатах». 10Итиэннэ эппитэ: «Норуот норуоту, саарыстыба саарыстыбаны утары туруоҕа; 11онон-манан күүстээх сир хамсааһыннара буолуталыахтара, сир устун сут, өлүү сутула туруо, халлааҥҥа дьулаан суоллар, сүдү бэлиэлэр көстүөхтэрэ. 12Бу барыта буолуон иннинэ, эһигини сойуолаһыахтара, тутан ылаттыахтара; синагогаларга дьүүллүөхтэрэ, хаайыыга угуохтара, Мин туспуттан ыраахтааҕылар, тойоттор иннилэригэр туруоруохтара. 13Оччоҕо эһиги кинилэргэ Миигин туоһулуур тоҕоостонуоххут. 14Өйдөөн кэбиһиҥ: кинилэргэ тугу хоруйдуургутун эрдэттэн тобула сатаамаҥ: 15Мин эһиэхэ утарылаһааччыларгыт тугу да булан утары эппэт, самнарбат тылларын, муударай өйдөрүн биэриэҕим. 16Оннооҕор төрөппүттэргит, убайдаргыт-бырааттаргыт, урууларгыт, доҕотторгут эһигини таҥнарыахтара, сороххутун өлөртүөхтэрэ; 17бары эһигини Мин аатым туһуттан абааһы көрүөхтэрэ, 18ол гынан баран эһигиттэн биир баттах түһүө суоҕа. 19Тулуурдаах буолуҥ – тулуургут эһигини быыһыаҕа.
Иерусалим урусхалланарын өтө көрүү
20Иерусалимы сэрииһиттэр иилии эргийбиттэрин көрдөххүтүнэ, урусхалланара чугаһаабытын өйдүөххүт. 21Оччоҕо Иудеяҕа баар дьон хайаҕа куоттуннар, Иерусалим иһинээҕилэр куораттан таҕыстыннар, оттон чугас дэриэбинэлэргэ сылдьар дьон куоракка киирбэтиннэр. 22Тоҕо диэтэххэ, ол – Суруйууларга этиллибит барыта туоларын туһугар кэлбит иэстэбил кэмэ буолар. 23Ыарахан да буолуо ол саҕана оһоҕостоох дьахталларга, эмиийдээх оҕолоох ийэлэргэ: сир үрдүгэр улуу кутурҕан буолуоҕа, бу норуокка Таҥара уора-кылына түһүөҕэ. 24Норуот болоттон охтуоҕа, араас омукка билиэн барыаҕа. Таҥараны билбэт омуктар кэмнэрэ ааһыар диэри, Иерусалим кинилэргэ тэпсилгэн буолуоҕа.
Киһи Уолун кэлиитэ
25Күҥҥэ, ыйга, сулустарга дьикти бэлиэлэр көстүөхтэрэ; муора ньирилиириттэн, барылас баалланарыттан ыгылыйан, сир норуоттара санаалара түһүөҕэ, 26дьон, аан дойдуга ааҥнаан эрэр алдьархайы кэтэһэн өлөрдүү куттаныахтара; халлаан күүстэрэ ол курдук айгырыахтара. 27Дьэ оччоҕо Киһи Уола улуу күүстэнэн, кэрэмэн килбиэннэнэн былыкка уйдаран кэлэн иһэрин көрүөхтэрэ. 28Бу этиллибит туолан бардаҕына, эһиги сүһүөххүтүгэр туран санньыйбыт төбөҕүтүн өрө көтөхтөххүтүнэ, быыһанар кэмҥит чугаһаабытын көрүөххүт».
Смоковница холобура
29Итиэннэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Бу үүнэн турар смоковницаны уонна атын да мастары ылан көрүҥ. 30Сэбирдэхтэрэ тыллан эрэллэрин көрдөххүтүнэ, эһиги сайын чугаһаабытын билэҕит. 31Син ол кэриэтэ бу этиллибит барыта туолан эрэрин көрдөххүтүнэ, Таҥара Саарыстыбата чугаһаабытын билиэххит. 32Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: субу көлүөнэ эстэ да илигинэ, Мин эппитим барыта туолуоҕа. 33Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин тылым симэлийиэ суоҕа.
Сэргэх буолуу
34Сүрэххит көртөн-нартан, арыгыттан, олох түбүгүттэн бэрдийбэтин, ити эппит Күнүм күүппэтэх кэмҥитигэр соһуччу тиийэн кэлбэтин туһугар, эһиги бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ: 35ол Күн сир үрдүгэр олорооччуларга барыларыгар, илим түһэринии, соһуччу кэлиэҕэ. 36Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».
37Күнүһүн Кини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрэ, оттон киэһэтин Елеон хайатыгар тахсан, түүнүн онно хаалара. 38Бар дьон сарсыарда бэрт эрдэ Кинини истэ Таҥара Дьиэтигэр кэлэллэрэ.
Currently Selected:
Лука 21: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022