Лука 23
23
Пилакка илдьии
1Мунньах дьоно бука бары туран, Кинини Пилакка илдьэн, 2буруйдаан барбыттара: «Биһиги Кини буруйун арыйдыбыт: Бэйэтин Христос Ыраахтааҕыбын дэнэн норуоппутун иирдэр, император түһээнин төлөөмөҥ диир».
3Пилат Киниттэн: «Эн, кырдьык, иудей Ыраахтааҕытынаҕын дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Эн итинник этэҕин», – Иисус хоруйдаабыта.
4 Архиерейдарга уонна мустубут дьоҥҥо Пилат: «Мин көрдөхпүнэ, бу Киһи туох да буруйу оҥорботох», – диэбитэ.
5Оттон кинилэр биири этэ турбуттара: «Кини бүтүн Иудея устун үөрэтэн, Галилеяттан маныаха диэри норуоту иирдэр».
Иродка илдьии
6Галилея туһунан истэн, Пилат: «Бу Галилея киһитэ дуо?» – диэн ыйыппыта.
7Кини Иисуһу, Ирод уобалаһыттан төрүттээҕин билэн, ол кэмҥэ Иерусалимҥа кэлэ сылдьар Иродка ыыппыта.
8Ирод, Кини туһунан элбэхтик истэн, уруккуттан көрүөн баҕарара, онон Иисуһу көрөн улаханнык үөрбүтэ, туох эмэ дьиктини көрдөрөрө буоллар диэн, иһигэр эрэнэ саныыра. 9Ирод элбэҕи ыйыталаспытын үрдүнэн, Иисус киниэхэ тугу да хоруйдаабатаҕа. 10Архиерейдар уонна сокуонньуттар Кинини дьаныардаахтык буруйдаабыттара. 11Ирод буойуннарыныын Иисуһу атаҕастаан, дуоһуйуор диэри күлүү-элэк оҥостон баран, маанытык таҥыннаран, Пилакка төттөрү ыыппыта. 12Бу күнтэн ыла урут өстөөх дьон Пилаттаах Ирод доҕордуу буолбуттара.
Өлөрөргө ууруу
13Пилат архиерейдары, аҕа баһылыктары уонна норуоту мунньан баран, 14эппитэ: «Эһиги бу Киһини норуоту иирдэр диэн, буруйдаан, миэхэ аҕалбыккыт. Мин эһиги бэйэҕит көрөн турдаххытына, Кинини доппуруостаатым да, ити этэр буруйгутуттан биири даҕаны булбатым; 15Кинини Иродка ыыта сылдьыбыппар Ирод эмиэ тугу да булбата#23:15 Кинини Иродка ыыта сылдьыбыппар Ирод эмиэ тугу да булбата – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Ирод эмиэ, туох да буруйу булбакка, Кинини төттөрү ыытта».. Өлөрөргө ууруллар ханнык эмэ буруйу оҥорбута көстүбэтэ, 16онон накаастатан баран, босхолуом».
17Бырааһынньыкка Пилат кинилэргэ биир хаайыылааҕы босхолуохтааҕа#23:17 Бырааһынньыкка Пилат кинилэргэ биир хаайыылааҕы босхолуохтааҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..
18Норуот күргүөмүнэн: «Кини өллүн! Биһиэхэ Варавваны босхолоо!» – диэн үөгүлээн барбыта. (19Варавва, куоракка өрө турууну тэрийэн, киһини өлөрөн, хаайыыга сытара.) 20Пилат Иисуһу босхолуон баҕаран, кинилэртэн хат ыйыппыта. 21Кинилэр биири үөгүлүү турбуттара: «Кириэскэ тиир, кириэскэ тиир – Кинини!»
22Пилат үсүһүн эппитэ: «Кини туох куһаҕаны оҥорбутай? Өлөрөргө ууруллар буруйу оҥорботох, онон накаастаан баран – босхолуом».
23Онуоха күүстэрин муҥунан хаһыытаһан, Иисуһу кириэскэ тиирэри модьуйбуттара; онон кинилэр уонна архиерейдар хаһыылара#23:23 Кинилэр уонна архиерейдар хаһыылара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «уонна архиерейдар хаһыылара» диэн тыллар суохтар. баһыйан, 24Пилат көрдөһүүнү толорорго быһаарыммыта. 25Көрдүүр киһилэрин – аймалҕаны таһаарбытын, киһини өлөрбүтүн иһин хаайыллыбыт Варавваны – Пилат босхолообута, оттон Иисуһу кинилэр илиилэригэр биэрбитэ.
Кириэскэ тиирии
26Кинини өлөрө илдьэн иһэннэр, Киринеяттан төрүттээх Симон диэн киһини, ходуһаттан истэҕинэ, Иисус кириэһин сүктэрээри, аара тутан ылбыттара. 27Иисуһу үтүмэн үгүс киһи батыһан иһэрэ, дьахталлар, Кинини аһынан, түөстэрин кырбана-кырбана, ытаһаллара. 28Иисус кинилэргэ хайыһан эппитэ: «Иерусалим кыргыттара! Миигиттэн ытаһымаҥ, бэйэҕититтэн уонна оҕолоргутуттан ытаһыҥ. 29„Оҕоломмоттор, төрөөбөт киэлилээхтэр, эмтэрбэт эмиийдээхтэр дьоллоохтор!“ – диир күннэрэ кэлэн иһэллэр. 30Оччоҕо хайаларга: „Үрдүбүтүгэр сууллуҥ!“, булгунньахтарга: „Биһигини саһыарыҥ!“ – диир буолуохтара. 31Киил маһы маннык кэбилиир буоллахтарына, хаппыт мас хайдах буолуой?»
32Кинини кытта икки икки киһини, буруйдаахтары, өлөрө илдьибиттэрэ. 33«Бас уҥуоҕа» диэн ааттаах сиргэ кэлэн, Иисуһу уонна буруйдаахтары тиирбиттэрэ: биирдэрин Кини уҥа өттүгэр, атынын – хаҥас өттүгэр.
34Иисус эппитэ: «Аҕаа! Бырастыы гын кинилэри – тугу гыналларын билбэттэр».
Түөрэх бырахсаннар, таҥаһын үллэстибиттэрэ. 35Маны норуот көрөн турбута. Аҕа баһылыктар элэк оҥостон этэллэрэ: «Атыттары быыһыыра дии, Таҥара талбыт Христоһа буоллаҕына Бэйэтин быыһаннын!»
36Буойуннар эмиэ күлүү гынан, уксууһу уоһугар үҥүлүтэ-үҥүлүтэ: 37«Иудей Ыраахтааҕыта буоллаххына, Бэйэҕин быыһан!» – дэһэллэрэ.
38Кириэскэ Кини үрдүнэн: «Бу иудей Ыраахтааҕыта», – диэн гректии, латыынныы, еврейдии#23:38 Гректии, латыынныы, еврейдии – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. сурук турара.
39Кириэскэ ыйаабыт буруйдаахтарыттан биирдэстэрэ Кинини: «Эн, Христос буоллаххына, Бэйэҕин уонна биһигини быыһаа!» – дии-дии үөҕэ турбута.
40Атына киһитин буойан этэрэ: «Бэйэҥ эмиэ итинник буруйданан баран, Таҥараттан куттаммаккын дуо? 41Биһиги сөпкө буруйданныбыт, тугу оҥорбуппутугар сөптөөҕү ыллыбыт, оттон Кини буоллаҕына туох да куһаҕаны оҥорботоҕо». 42Онтон Иисустан көрдөспүтэ: «Тойонуом, Саарыстыбаҕар тиийдэххинэ, миигин санаар!»
43Иисус киниэхэ эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: эн күн бүгүн Миигинниин ырайга буолуоҥ».
Иисус Христос өлүүтэ
44Күнүс алта чаас саҕана сир үрдүнэн им балай хараҥа бүрүүкээн, тоҕуска диэри#23:44 Күнүс алта чаас саҕана… тоҕуска диэри – күн ортотуттан күнүс үс чааска диэри. ыаһыран турбута: 45күн хараара өлбүтэ, Таҥара Дьиэтин иһинээҕи таҥас быыс ортотунан хайа барбыта.
46Иисус улаханнык: «Аҕаа! Тыыммын Эйиэхэ туттарабын», – диэт, тыына быстыбыта.
47Туох буолбутун барытын көрөн турбут сотник Таҥараны айхаллаан баран: «Чахчы да бу Кырдьыксыт Киһи эбит!» – диэбитэ.
48Кэлбит дьон буолбуту көрөн, айманан, түөстэрин кырбана-кырбана, тарҕаспыттара. 49Маны Иисуһу билэр дьон бары уонна Кинини Галилеяттан ыла батыһан кэлбит дьахталлар ыраахтан көрөн турбуттара.
Иисус Христоһу харайыы
50Биир үтүө санаалаах, кырдьыгы тутуһар олорор Иосиф диэн ааттаах Сүбэ чилиэнэ – 51кинилэр куомуннаһыыларыгар кыттыгаһа суох, бэйэтэ эмиэ Таҥара Саарыстыбатын кэтэһэр киһи – 52Пилакка кэлэн, Иисуһу ылаары көрдөспүтэ. 53Көҥүллэтэн баран, Кинини кириэстэн арааран таҥаһынан суулаабыта уонна очуоска оҥо хаһан оҥоһуллубут, ким да харайылла илик хаспах хоруобугар сытыарбыта. 54Ол бээтинсэ күн киэһэтэ, субуота үүнэн эрэр кэмэ этэ. 55Галилеяттан кэлсиспит дьахталлар батыһан тиийэн, Иисуһу харайалларын көрбүттэрэ; 56ол кэнниттэн төннөн кэлэн, үчүгэй сыттаах арыыларын, оҕунуохтарын бэлэмнээбиттэрэ; Сокуон быһыытынан ити кэннэ субуотаҕа тугу да гымматахтара.
Currently Selected:
Лука 23: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022