Лука 7:7-9
Лука 7:7-9 СБК
ол иһин Эйиэхэ бэйэм да тиийэрим сөптөөх дии санаабатым. Эн биир тылы этиэҥ эрэ кэрэх – кулутум экчи үтүөрүө. Мин төһө да бэйэм бас бэринэр тойоттордоох буолларбын, бэйэм эмиэ бас билэр буойуннардаахпын, олортон биирдэрин бар диэтэхпинэ, барар; атынын кэл диэтэхпинэ, кэлэр; чаҕарбын эмиэ итини оҥор диэтэрбин эрэ, оҥорор». Иисус маны истэн сөҕөн, батыһан иһэр дьоҥҥо эргиллибитэ: «Эһиэхэ этэбин, Мин Израильга даҕаны маннык итэҕэли булбатаҕым».