Марк 4
4
Бурдук ыһааччы туһунан домох
1Онтон эмиэ муора кытылыгар киирэн үөрэтэн барбыта; тулатыгар көй үгүс киһи үтүрүспүтүн иһин, ууга турар оҥочоҕо киирэн олорбута; мустубут дьон бары Кинини сиргэ, муора кытылыгар, туран истибиттэрэ. 2Кини домохторунан бэрт элбэҕи үөрэппитэ; бу үөрэтэригэр эппитэ: 3«Истиҥ: бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. 4Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтиттэн сорҕото суол кытыытыгар түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр. 5Сороҕо чычаас буорга, таастаах сиргэ, түһэн буора чараас буолан, сотору быган тахсыбыт; 6күн уота сырайбытыгар үүммүт үүнүү дириҥник силис тарпатах буолан, хатан хаалбыт. 7Сорох сиэмэтэ хатыылаах эрбэһин быыһыгар түбэспит, онон хатыылаах эрбэһин саба үүнэн, бу сиэмэ астамматах. 8Оттон сорох сиэмэ, өҥ сиргэ түһэн, ас кутан элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».
9Кини бу домоҕун түмүктээн эппитэ: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»
Домох суолтата
10Соҕотоҕун хаалбытыгар аргыстара Уон Иккиэлэрдиин Кинини төгүрүйэн туран, бу домох суолтатын ыйыппыттара.
11«Эһиэхэ Таҥара Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, – диэбитэ Кини, – оттон ити таһынааҕыларга барыта домоҕунан бэриллэр; онон кинилэр 12харахтарынан көрөр эрээри – көрбөттөр, кулгаахтарынан истэр эрээри – өйдөөбөттөр; оттон Таҥараҕа эргиллэллэрэ эбитэ буоллар, аньыылара бырастыы буолуо этэ».
Бурдук ыһааччы туһунан домох быһаарыыта
13«Бу домоҕу өйдөөбөккүт дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьэ уонна кэлэн атын домохтору хайдах өйдүөххүтүй? 14Бурдук ыһааччы Таҥара тылын ыһар. 15Суол кытыытыгар ыһыллыбыт сиэмэ – ыһыллыбыт тылы истибит дьон, ол гынан баран, истээттэрин кытта, сатана тиийэн кэлэн кинилэр сүрэхтэригэр ыһыллыбыт тылы уоран илдьэ барар. 16-17Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – эмиэ тылы иһиттэллэр эрэ, тута үөрүүнү кытта ылынар эрээри, дириҥ силиһэ суох буолан өр тулуспат дьону сирэйдээн көрдөрөр: кэлин, кутурҕан кэмэ кэллэҕинэ, эбэтэр тыл туһуттан сойуолааһын саҕаланнаҕына, кинилэр итэҕэллэрин сонно сүтэрэн кэбиһэллэр. 18Оттон хатыылаах эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт сиэмэ – тылы истэр дьону көрдөрөр, 19ол эрээри кинилэр сүрэхтэригэр олох сүпсүлгэнэ, баайга-дуолга умсугуйуу уонна да атын баҕа санаа киирэн, тылы саба баттаан кэбиһэр, инньэ гынан истибит тыллара туһата суох хаалар. 20Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – истибит тылларын ылынар дьон; кинилэр отут, алта уон, сүүс оччонон үрдүк үүнүүнү биэрэллэр».
Орон анныгар умайар сибэтиилинньик
21Итиэннэ Иисус кинилэргэ эппитэ: «Сибэтиилинньиги уматан баран, иһитинэн саба уураары, аҕалаллар дуу, орон анныгар туруораары дуу? Олоҕор туруораары аҕалаллар буолбатах дуо? 22Ханнык да кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох, туох да кистэммит биллибэтэҕэ диэн эмиэ суох. 23Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»
24Итиэннэ Иисус эппитэ: «Бу истибиккитин өйдөөн кэбиһиҥ: ханнык кээмэйинэн кээмэйдиигит да, эһиэхэ эмиэ оннук кээмэйинэн кээмэйдиэхтэрэ, итиэннэ эһиэхэ, истээччилэргэ#4:24 Истээччилэргэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох., өссө эбэн биэриэхтэрэ. 25Баардаахха өссө бэриллиэҕэ, туга да суохтан баара кытта былдьаныаҕа».
Бурдук сиэмэтин туһунан домох
26Итиэннэ Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ сөбүй? Эһиги манныгы санаан көрүҥ: киһи буорга бурдук сиэмэтин ыһар; 27түүнүн киһи утуйар, күнүһүн турар, оттон сиэмэтэ хайдах үүнэн иһэрин билбэт. 28Бурдугу сир бэйэтэ үүннэрэр: маҥнай күөх үнүгэс үүнэр, онтон куолас быган тахсан ас кутар; 29бурдук бустаҕына, хомуур саҕаланар, оччоҕо киһи сиэрпэтин ылан, бурдугун быһа тахсар».
Хартыыһа сиэмэтин туһунан домох
30Итиэннэ өссө эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, ханнык домоҕунан быһаарыахха сөбүй? 31Манныгы санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар. Буорга ыһалларын саҕана, кини сир үрдүгэр баар сиэмэлэртэн барыларыттан саамай кыралара, 32оттон ыспыттарын кэннэ – оҕуруот үүнээйилэриттэн барыларыттан улаханнара буолар, суон, хойуу лабааланар, онон бэл көтөрдөр, көтөн кэлэн, кини күлүгэр уйа туттар кыахтаналлар».
33Бу курдук, төһө истэллэрин тухары, кинилэри элбэх домоҕунан үөрэппитэ. 34Домоҕо суох кинилэргэ тугу да эппэт этэ, оттон үөрэнээччилэригэр, бэйэлэрэ эрэ хааллахтарына, барытын туспа быһааран биэрэрэ.
Силлиэни тохтотуу
35Ол күн киэһэтигэр Кини үөрэнээччилэригэр: «Уҥуор туоруоҕуҥ», – диэбитэ. 36Онон дьону ыыталаан баран, Иисус олорор оҥочотугар киирэн уҥуор устубуттара; онно Кинини кытта атын тыылаахтар эмиэ бааллара. 37Эмискэ күүстээх силлиэ түспүтэ; долгун оҥочону сабыта охсон, оҥочо уунан туолан барбыта. 38Кини бу кэмҥэ олбоҕу сыттанан, куормаҕа утуйа сыппыта. Үөрэнээччилэрэ уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Биһиги өлөн эрэрбитигэр Эн кыһаммаккын дуо?» – диэбиттэрэ.
39Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.
40Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»
41Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»
Currently Selected:
Марк 4: СБК
Highlight
Share
Copy

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: