YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 11

11
1Хуор салайааччытыгар. Аҕыс устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.
2Быыһаа, Айыы Тойон; Таҥараҕа бэриниилээх ким да суох,
итэҕэллээх киһи дьон аймахха аны суох.
3Бары бэйэ-бэйэлэригэр сымыйаны этэллэр;
минньигэс тылларынан албыдыйан,
кубулҕаттык кэпсэтэллэр.
4Тыла суох ыытыаҕа Айыы Тойон бары албын тыллаахтары,
арбанар адьынаттаахтары,
5«Кутан-симэн хотуохпут, тугу этэри булуохпут,
ким биһиэхэ тойонуй?» – дэһээччилэри.
6«Кыраны-хараны халыылларын,
кыһалҕалаахтары ынчыктаталларын иһин,
Мин билигин туруом, – диир Айыы Тойон,
уонна, баттаммыттар баҕаларын толорон,
кинилэри быыһаан ылыам».
7 Айыы Тойон этэр тыла – ыраас тыл,
туой оһоххо ыраастаммыт,
сэттэ төгүл уулларыллыбыт үрүҥ көмүс.
8 Айыы Тойон, Эн биһигини харыстыаҥ,
бу аймахтан үйэлэр тухары араҥаччылыаҥ.
9Ханна да көр – хара дьайдаахтар хаамсаллар,
дьон бары сидьиҥи өрө туталлар#11:9 Былыргы гректии тылбааска: дьон сидьиҥэ өрө таҕыста. .

Currently Selected:

Саалтыр 11: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in