Руфь 4
4
Руфь Воозка эргэ тахсар
1Вооз дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр куорат олбуорун ааныгар тиийэн олорбута. Арай көрбүтэ, били кини Руфька кэпсээбит уруулара киһи ааһан эрэрэ. Вооз кинини: «Кэлэн, манна аттыбар олор», – диэн ыҥырбыта. Киһи кэлэн кини аттыгар олорбута.
2Вооз аны куорат аҕа баһылыктарыттан уон киһини ыҥыран ылан: «Кэлэн манна олоруҥ», – диэбитэ. Аҕа баһылыктар кэлэн аттыгар олорбуттара. 3Дьэ онуоха Вооз уруутугар эппитэ: «Ноеминь Моав сириттэн кэлэн баран, убайбыт Елимелех сирин атыылыыр буолбут. 4Итини мин эйиэхэ этиэхтээхпин дии саныыбын. Эн ити сири билигин, бу олорооччулар уонна куорат аҕа баһылыктара көрөн олордохторуна, киниттэн атыылаһан ылыаххын сөп. Баҕарар буоллаххына атыылас, баҕарбат буоллаххына миэхэ эт. Мин ону билиэх тустаахпын. Ити сири бастакынан атыылаһар бырааптаах эн буолаҕын, мин эн кэннигиттэн иккиспин».
«Мин атыылаһабын», – диэн хардарбыта киһи.
5Вооз киниэхэ эппитэ: «Эн ити сири Ноеминьтан атыылаһар буоллаххына, Руфь диэн ааттаах Моав кыыһын, өлбүт киһи огдооботун, ойох ылыахтааххын. Оччоҕо бокуонньук сирэ-уота дьонугар хаалар».#4:5 Оччоҕо бокуонньук сирэ-уота дьонугар хаалар. – Өлбүт киһи сирин атыылаһар саамай чугас уруута кини огдооботун ойох ылыахтааҕа. Бокуонньук оҕотунан ааҕыллар бастакы уол улаатан баран, өлбүт аҕатын сирин төттөрү атыылаһан ылар бырааптанара. Оттон үбүлүөйдээх сыл үүннэҕинэ кини ити сири босхо ылыан сөбө (Лев 25:24-28).
6«Суох, мин хайдах да атыылаһар кыаҕым суох эбит, – диэбитэ уруулара киһи. – Ыллым да, бэйэм эстииһибин. Атыылаһар быраабы эн туһан, мин ылар кыаҕым суох».
7Израиль былыргы үгэһинэн, атыылаһар быраабын атын киһиэхэ биэрэр киһи, илии охсуспутун бигэргэтэн, атаҕын таҥаһын устан ылан, ол илии охсуһар киһитигэр биэрэрэ. Израиль дьоно ылсар-бэрсэр кэпсэтиилэрин итинник бигэргэтэллэрэ.
8Уруулара киһи: «Эн атыылас», – диэн баран атаҕын таҥаһын устан, Воозка биэрбитэ.
9Вооз, аттыгар олорор аҕа баһылыктарга уонна онно баар дьоҥҥо барыларыгар туһаайан, эппитэ: «Билигин эһиги туоһу буолаҕыт: мин Ноеминьтан Елимелех, Хилеон уонна Махлон бас билиилэрин барытын атыылаһан ылабын. 10Ону кытта Махлон Моавтан төрүттээх Руфь диэн огдооботун, бокуонньук удьуордара нэһилиэстибэҕэ тиксэллэрин уонна биһиги куоракка кини ууһа быстыбатын туһугар, ойох ылабын. Маныаха эһиги туоһу буолаҕыт».
11Куорат аанынааҕы болуоссакка баар дьон уонна аҕа баһылыктар: «Биһиги туоһу буолабыт! – диэн хардарбыттара. – АЙЫЫ ТОЙОН эн дьиэҕэр киллэрэр ойоххун Израиль дьиэтин-уотун тэрийсибит Рахиллаах Лияҕа холоонноох оҥордун! Ефрафа аҕатын ууһугар байан-тайан олор, Вифлеем үрдүнэн албан аатыр, суон сураҕыр! 12АЙЫЫ ТОЙОН эйиэхэ ити эдэр дьахтартан оҕо биэрэн, эн дьиэҥ-уотуҥ Фамарь Иудаҕа төрөппүт Фареһын дьиэтигэр-уотугар холоонноох буолуохтун!»#4:12 Төрүттэнии (Бытие) кинигэтин 29, 38 түһүмэхтэрин көр.
Давид ыраахтааҕы төрүччүтэ
13Вооз Руфьтуун холбоһон, кинини дьиэтигэр киллэрбитэ. АЙЫЫ ТОЙОН оҕо биэрэн, Руфь уол оҕону төрөппүтэ. 14Дьахталлар Ноемиҥҥа этэллэрэ: «Эйигин оҕолоох-уруулаах оҥорбут АЙЫЫ ТОЙОҤҤО айхал буоллун! Сиэниҥ Израильга албан аатырдын! 15Уолчаан күүскэр күүс эбиэ, кырдьар сааскар көрүө-истиэ. Эйигин таптыыр, сэттэ да уоллааҕар ордук көмөлөһөр кийиитиҥ кинини төрөттө эбээт!»
16Ноеминь оҕону көрөрө-истэрэ, өрүү көтөҕө сылдьара. 17Ол иһин ыаллара дьахталлар: «Дьэ Ноеминь уолламмыт!» – дэһэллэрэ. Дьахталлар оҕону Овид диэн ааттаабыттара. Бу оҕоттон кэлин Давид ыраахтааҕы аҕата Иессей төрөөбүтэ.
18Онон Давид Фарестан саҕаланар төрүччүтэ маннык:
Фарестан Есром төрөөбүтэ,
19Есромтан Арам, Арамтан Аминадав,
20Аминадавтан Наассон, Наассонтан Салмон,
21Салмонтан#4:21Салмон – «Салма» диэн аат атын көрүҥэ. Вооз, Воозтан Овид,
22Овидтан Иессей, оттон Иессейтэн Давид төрөөбүттэрэ.
Currently Selected:
Руфь 4: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022