Иисус киниэхэ эппитэ: «Кэриэстэртэн саамай суолталаахтара – „Иһит, Израиль! Биир эрэ Айыы Тойон баар – биһиги Айыы Тойон Таҥарабыт; Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн, ис дууһаҕыттан, туох баар өйгүнэн-санааҕынан, күүскүнэн-күдэххинэн барытынан таптаа“. Оттон иккис итиниэхэ холоонноох кэриэс – „Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“. Бу иккиттэн ордук суолталаах кэриэс суох».