1
Иоанн 1:12
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
оттон ылыммыттарга, Кинини итэҕэйээччилэргэ, Кини Таҥара оҕолоро буолар быраабы биэрбитэ.
Vertaa
Tutki Иоанн 1:12
2
Иоанн 1:1
Аан бастаан Тыл баара, Тыл Таҥараҕа баара, Тыл Таҥара этэ.
Tutki Иоанн 1:1
3
Иоанн 1:5
Сырдык хараҥаҕа да сырдатар, хараҥа сырдыгы кыайар кыаҕа суох.
Tutki Иоанн 1:5
4
Иоанн 1:14
Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.
Tutki Иоанн 1:14
5
Иоанн 1:3-4
Туох барыта Киниттэн саҕаламмыта, Кинитэ суох туох да саҕаламматаҕа. Кини олох төрдө этэ, оттон олох киһи аймах сырдыга этэ.
Tutki Иоанн 1:3-4
6
Иоанн 1:29
Сарсыныгар Иоанн киниэхэ кэлэн иһэр Иисуһу көрөн эппитэ: «Аан дойду аньыытын-харатын Бэйэтигэр ылынар Таҥара Бараанын Оҕото бу иһэр.
Tutki Иоанн 1:29
7
Иоанн 1:10-11
Сырдык бу дойдуга баара, бу дойду Киниттэн саҕаламмыта, арай бу дойду дьоно Кинини билбэтэхтэрэ; Бэйэтин дойдутугар кэлбитэ эрээри, Бэйэтин дьоно ылымматахтара
Tutki Иоанн 1:10-11
8
Иоанн 1:9
Бу аан дойдуга кэлэр хас биирдии киһини сырдатар дьиҥнээх сырдык баара.
Tutki Иоанн 1:9
9
Иоанн 1:17
Сокуону Таҥара Моисейынан бэрдэрбитэ, оттон тапталы уонна кырдьыгы Иисус Христос аҕалбыта.
Tutki Иоанн 1:17
Koti
Raamattu
Suunnitelmat
Videot