Лука 24

24
Тиллии
1Нэдиэлэ бастакы күнүгэр бэрт эрдэ, бэлэмнээбит үчүгэй сыттаах арыыларын ылан, дьахталлар хоруопка кэлбиттэрэ; кинилэри кытта атыттар эмиэ бааллара#24:1 Кинилэри кытта атыттар эмиэ бааллара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. 2Арай көрбүттэрэ, хаспах айаҕын сабыы тааһа туора анньыллан турара. 3Кинилэр иһирдьэ киирэннэр, Айыы Тойон Иисуһу булбатахтара. 4Туох буолбутун өйдөөбөккө турдахтарына, иннилэригэр сандаархай маҥан таҥастаах икки киһи баар буолбута.
5Олор, дьахталлар кутталларыттан умса көрбүттэригэр, эппиттэрэ: «Тыыннааҕы тоҕо өлбүттэр ортолоругар көрдүүгүт? 6Кини манна суох – тиллибитэ! Өссө Галилеяҕа сылдьан эһиэхэ тугу эппитин өйдөөҥ: 7Киһи Уола аньыылаах дьон илиитигэр бэриллэн тиириллэн баран, үһүс күнүгэр тиллиэхтээх диэбитин».
8Дьэ онно Кини тугу эппитин өйдөөн кэлбиттэрэ; 9хоруоптан төннөн кэлэн, тугу көрбүттэрин Кини уон биир үөрэнээччилэригэр уонна атыттарга барыларыгар кэпсээбиттэрэ. 10Бу Мария Магдалина, Иоанна, Иаков ийэтэ Мария этилэр. Кинилэри кытта бииргэ сылдьыбыт дьахталлар эмиэ Апостолларга ситинник эппиттэрэ. 11Апостоллар кинилэр тылларын сымыйарҕаан итэҕэйбэтэхтэрэ. 12Арай Петр туран хаспахха сүүрбүтэ; тиийэн иһирдьэ өҥөйбүтэ, сууламмыт таҥас эрэ сытара; кини ону көрөн, сөҕө-махтайа саныы-саныы, төттөрү барбыта.
Эммаус суолугар
13Ол күн икки үөрэнээччитэ, Иерусалимтан көстөн ордук ыраах Эммаус диэн дэриэбинэҕэ баран иһэн, 14бу буолбут түбэлтэ туһунан кэпсэппиттэрэ. 15Ол кэпсэтэ истэхтэринэ, Иисус чугаһаан кэлэн, кинилэрдиин аргыстаһан барбыта. 16Кинилэр, харахтара бааллан, Иисуһу билбэтэхтэрэ.
17«Бу туох туһунан кэпсэтэ иһэҕит, туохтан санаарҕаатыгыт?» – диэн ыйыппыта Иисус.
18Клеопа диэн ааттаах киһи эппитэ: «Бу күннэргэ Иерусалимҥа туох буолбутун Эн эрэ билбэккэ сылдьаҕын быһыылаах».
19«Туох буолбутун?» – диэн ыйыппыта Иисус.
«Назарет Иисуһун туһунан этэбит, – диэбиттэрэ. – Кини Таҥараҕа уонна бар дьоҥҥо тылынан-өһүнэн да, дьайыытынан да кыаҕын биллэрбит Пророк этэ. 20Ону биһиги архиерейдарбыт, тойотторбут тутан ылан, өлөрөргө ууран, кириэскэ тиирбиттэрэ. 21Биһиги буоллаҕына Кинини, Израилы босхолуохтаах диэн, эрэнэ саныырбыт. Ол эрээри өссө маннык баар: бу түбэлтэ буолбута үһүс күнүгэр барда, 22оттон бүгүн сорох дьахталларбыт биһигини сөхтөрдүлэр: сарсыарда эрдэ хоруобар тиийэн, 23Бэйэтин булбатахтар; онтон төннөн кэлэн, онно Аанньаллары көрбүттэрин кэпсээтилэр. Аанньаллар Кинини тыыннаах диэбиттэр. 24Биһиги сорох дьоммут хоруопка бара сылдьыбыттара – кырдьык, барыта дьахталлар кэпсээбиттэрин курдук этэ: Кинини Бэйэтин көрбөтөхтөр».
25Иисус эппитэ: «Оо, толкуйа да суох дьоҥҥут! Пророктар эппиттэрин барытын итэҕэйэргит дьэ ыарахан буолар эбит. 26Христос ити курдук эрэйи-буруйу көрөн баран, албан аатырыахтаах этэ буолбат дуо?»
27Иисус, Моисейтан уонна бары пророктартан саҕалаан, Суруйууларга Кини туһунан этиллибити барытын быһаара испитэ. 28Тиийиэхтээх дэриэбинэлэригэр чугаһаан кэлбиттэрэ; Кини хайдах эрэ ааһа барыах курдук гыммыта. 29Онуоха аргыстара Кинини тохтотон: «Күн киэһэрдэ, биһигини кытта манна хаал», – диэбиттэрэ. Онон дьиэҕэ киирсэн, үөрэнээччилэри кытта хаалбыта. 30Аһаары олорбуттарыгар килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ. 31Дьэ онуоха харахтара аһыллан, Кини Кимин билбиттэрэ, ол гынан баран Иисус кинилэргэ көстүбэт буолан хаалбыта.
32«Ол да иһин, аара суолга биһиэхэ кэпсии, Суруйуулары быһаара истэҕинэ, сүрэхпит өрүкүйбэтэҕэ этэ дуо?» – дэһиспиттэрэ. 33Онон сонно туран Иерусалимҥа төннүбүттэрэ; тиийэн уон биир Апостол уонна атын үөрэнээччилэр түмсүбүт дьиэлэригэр киирбиттэригэр, 34анарааҥҥылар: «Айыы Тойон чахчы тиллибит, аны Симоҥҥа көһүннэ», – дии тоһуйбуттара. 35Онуоха кинилэр эмиэ аара суолга туох буолбутун, ол кэннэ килиэп тоһута турдаҕына, Кинини билбиттэрин кэпсээбиттэрэ.
Иисус Христос үөрэнээччилэригэр көстүүтэ
36Бу туһунан кэпсэтэ олордохторуна, Иисус үөрэнээччилэр ортолоругар Бэйэтинэн баар буолан: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ. 37Кинилэр, тыыны көрдүбүт дии санаан, уолуйа куттаммыттара.
38«Тоҕо куттанаҕыт? – диэбитэ Иисус. – Тоҕо саарбахтыы саныыгыт? 39Илиибин-атахпын да көрүҥ: бу Мин Бэйэбинэн турабын. Кэлиҥ, таарыйан да көрүҥ: тыын этэ-сиинэ, уҥуоҕа суох, оттон Мин хайдахпыный?» 40Инньэ диэн баран, кинилэргэ илиитин, атаҕын көрдөрбүтэ. 41Үөрбүттэрэ бэрдиттэн итэҕэйбэккэ, бэркиһии турдахтарына, Иисус: «Манна туох эмэ астааххыт дуо?» – диэн ыйыппыта. 42Үтүллүбүт балык кырбаһа уонна мүөт#24:42 Уонна мүөт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. баарын ылан биэрбиттэрин, 43көрөн турдахтарына, ылан сиэбитэ.
44«Өссө эһигини кытта сылдьан Моисей Сокуонугар, Пророктарга, Саалтыырга Мин туспунан суруллубут туолуохтаах диэн эппитим бу туолла», – диэбитэ Иисус. 45Итиэннэ Суруйуулары өйдүүр гына өйдөрүн арыйан баран, эппитэ: 46«Суруйууларга этиллибитинэн, Христос эрэйи-буруйу көрөн өлөн баран, үһүс күнүгэр тиллиэхтээх этэ; 47Иерусалимтан ыла саҕалаан, аньыыны-хараны бырастыы гыннарарга, аньыыны билинэн Таҥараҕа эргиллэргэ бары омуктары Кини аатыттан үөрэтиллиэхтээх. 48Маныаха барытыгар эһиги туоһу буолаҕыт. 49Аҕам тугу биэриэх буолбутун Мин эһиэхэ ыытыаҕым; онон үөһэттэн күүс ылыаххытыгар диэри, эһиги Иерусалимҥа сылдьыҥ».
Иисус Христос халлааҥҥа барыыта
50Иисус үөрэнээччилэрин куораттан таһааран Вифанияҕа илдьибитэ; онно тиийэн баран, икки илиитин өрө уунан туран, кинилэри алҕаабыта. 51Алгыы туран, улам тэйдэр-тэйэн, халлааҥҥа өрө тахсан барбыта. 52Үөрэнээччилэрэ Киниэхэ сүгүрүйэн баран, улуу үөрүүнү үөрэн, Иерусалимҥа төннөн кэлбиттэрэ. 53Кинилэр Таҥараҕа айхал, алгыс этэн, өрүү Таҥара Дьиэтигэр сылдьаллара. Аминь#24:53 Алгыс, аминь – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..

Tällä hetkellä valittuna:

Лука 24: СБК

Korostus

Jaa

Kopioi

None

Haluatko, että korostuksesi tallennetaan kaikille laitteillesi? Rekisteröidy tai kirjaudu sisään