Эсфирь 2

2
Эсфирь сарыысса буолуута
1Ахашверош ыраахтааҕы кэлин, уора-кылына уҕарыйан да баран, Астинь хайдах быһыыламмытын, онуоха туох быһаарыыны ылыммыттарын эргитэ саныы сылдьыбыта. 2Биирдэ чугас үлэһиттэрэ киниэхэ эппиттэрэ: «Ыраахтааҕыга кэрэ дьүһүннээх эдэр кыргыттары көрдөөтүннэр. 3Ыраахтааҕы, саарыстыбатын хас уобалаһын аайы эрэллээх дьонун анаан, кэрэ дьүһүннээх кыргыттары барыларын Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар, дыбарыаска дьахталлар олорор аҥаардарыгар, мустардын. Кыргыттары ыраахтааҕы аттакытыгар, дьахталлары харабыллыыр Гегай көрүүтүгэр туттаран баран, кинилэргэ эттэрин соттоллоругар дыргыл сыттаах эҥин-эгэлгэ арыыны биэрдиннэр. 4Дьэ онно ыраахтааҕы сөбүлүү көрбүт кыыһа Астинь оннугар сарыысса буоллун». Ыраахтааҕы, бу сүбэни биһирии истэн, барытын, ити эппиттэрин курдук, оҥорбута.
5Ол саҕана Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар Вениамин ууһуттан төрүттээх Кис уолун Семей сиэнэ, Иаир уола Мардохей диэн иудей олороро. 6Урут Вавилон ыраахтааҕыта Навуходоносор, Иудея ыраахтааҕытын Иехонияны уонна да атын дьону Иерусалимтан үүрэн барарыгар, Мардохейы эмиэ кинилэри кытта бииргэ илдьэ барбыта. 7Мардохей төгүрүк тулаайах Гадассаны,#2:7 Гадасса – «мирт» эбэтэр «сүктэр кыыс» диэн суолталаах дьэбириэйдии аат. Оттон Эсфирь (Эстер) диэн ааты былыргы перс омук «штара» (сулус) диэн тылыттан эбэтэр Вавилон дьахтар таҥаратын Иштар аатыттан үөскээбит буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. атын аатынан Эсфири, абаҕатын кыыһын, иитэрэ. Кыыс дьулугурас көнө уҥуохтааҕа, олус кэрэ дьүһүннээҕэ. Кинини, аҕалаах ийэтэ өлбүттэрин кэннэ, Мардохей бэйэтигэр ылан төрөппүт оҕотун курдук көрөн-харайан ииппитэ. 8Дьэ онон, ыйаах тахсан ыраахтааҕы дьаһала биллэриллибитигэр Сузы бөҕөргөтүнүүлээх куоратыгар элбэх кыыһы хомуйан аҕалан, Гегай көрүүтүгэр-истиитигэр туттарбыттара. Эсфирь эмиэ дыбарыаска ылыллан, дьахталлар харабылларын Гегай көрүүтүгэр киирбитэ. 9Аттакы кыыһы кэрэхсии көрөн, киниэхэ сылаастык сыһыаннаспыта, дыргыл сыттаах эгэлгэ арыынан, бэриллэр аһынан-үөлүнэн харыыта суох хааччыйбыта. Итиэннэ дыбарыас талыы чаҕардарыттан сэттэ кыыһы киниэхэ биэрэн баран, Эсфири ол чаҕар кыргыттарыныын дьахталлар дьиэлэрин бастыҥ аҥаарыгар көһөрбүтэ. 10Эсфирь буоллаҕына, Мардохей эрдэттэн сэрэппит буолан, ханнык омуктан төрүттээҕин, туох дьоннооҕун-уруулааҕын кимиэхэ да кэпсээбэт этэ. 11Оттон Мардохей, Эсфирь төһө бэркэ сылдьарын, киниэхэ хайдах сыһыаннаһалларын билээри, дьахталлар олорор дьиэлэрин тиэргэнигэр күннэтэ кэлэ турара.
12Хас биирдии кыыс, Ахашверош ыраахтааҕыга киирэр уочарата кэлиэр диэри, дьахталларга олохтоммут үгэһинэн, уон икки ый тухары бэлэмнэнэрэ: этин-сиинин маҥнайгы алта ый мирра арыытынан, онтон өссө эмиэ алта ый дьахталлар эттэрин соттор дыргыл сыттаах арыыларынан, эҥин-эгэлгэ маастарынан сотторо. 13Ити кэнниттэн кини ыраахтааҕыга киирэрэ. Кыыс дьахталлар дьиэлэриттэн ыраахтааҕы дыбарыаһыгар барарыгар киниэхэ, тугу көрдөөбүтүн барытын, биэрэн ыыталлара. 14Киэһэ кини дыбарыаска киирэрэ, оттон сарсыарда дьахталлар атын дьиэлэригэр, ыраахтааҕы аттакыта Шаазгаз одьулууннары көрөр-истэр сиригэр, тахсара. Ити кэннэ аны ыраахтааҕыга кэлбэт этэ, арай ыраахтааҕы бэйэтэ кинини көрүөн баҕаран аатын ааттаан ыҥыртардаҕына эрэ, кэлиэн сөбө.
15Дьэ онтон аны Мардохей оҕотун курдук ииппит балта, Мардохей абаҕатын Абихаил кыыһа Эсфирь, ыраахтааҕыга киирэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Кыыс дыбарыаска барарыгар, ыраахтааҕы аттакыта, дьахталлар харабыллара Гегай сүбэлээбититтэн атыны тугу да көрдөөбөтөҕө. Эсфири киһи барыта сөбүлүү көрөрө.
16Ахашверош ыраахтааҕы салайбыта сэттис сылын онус ыйыгар, тебеф ыйга, Эсфири ыраахтааҕы дыбарыаһыгар ылбыттара. 17Ыраахтааҕы кинини атын ханнык да ойоҕунааҕар күүскэ таптаабыта, кыргыттартан барыларыттан ордорон санаатын киниэхэ уурбута. Онон Эсфири, хоруона кэтэрдэн, Астинь оннугар сарыысса гыммыта. 18Ити кэннэ ыраахтааҕы туох баар үрдүк сололоохторун, чугас үлэһиттэрин барыларын ыҥыран, Эсфирьгэ анаан малааһын тэрийбитэ, бары уобалаһыгар барытыгар араас чэпчэтиини оҥорбута, ыраахтааҕылыы сиэдэрэй бэлэхтэри түҥэппитэ.
Мардохей ыраахтааҕыны быыһыыр
19Кыргыттары иккистээн хомуйалларын саҕана, Мардохей күннэтэ үлэлиир сиригэр, ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун аанын аттыгар олороро. 20(Эсфирь буоллаҕына Мардохей бопсор буолан, туох дьоннооҕун-уруулааҕын кимиэхэ да кэпсии илигэ.) Убайын тылын Эсфирь билигин даҕаны, киниэхэ иитиллэ сылдьан истэрин курдук, истэрэ.
21Ити күннэргэ Мардохей ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун аанын аттыгар олордоҕуна ыраахтааҕы икки аттакыта, утуйар хоһун харабыллара Бигтаналаах Тереш Ахашверош ыраахтааҕыга өһүрэннэр, кинини өлөрөрдүү куомуннаспыттара. 22Мардохей ону билэн Эсфирь сарыыссаҕа кэпсээн биэрбитэ, оттон Эсфирь барытын Мардохей аатыттан ыраахтааҕыга тиэрдибитэ. 23Дьыаланы чинчийэн, чахчытын быһааран баран, куомуннаахтары мас остуолбаҕа ыйаан кэбиспиттэрэ. Уонна ыраахтааҕы көрөн олордоҕуна ити туһунан дойду бэлиэ түгэннэрин үйэтитэр кинигэҕэ суруйбуттара.

ハイライト

シェア

コピー

None

すべてのデバイスで、ハイライト箇所を保存したいですか? サインアップまたはサインインしてください。