Иоанн 4
4
Иисус Христос уонна Самария дьахтара
1Иисус Иоаннааҕар элбэх үөрэнээччилэнэн эрэрин, кинитээҕэр элбэхтик сүрэхтиирин туһунан сурах фарисейдарга тиийбитин билэн 2(дьиҥэр, Кини Бэйэтэ буолбатах, үөрэнээччилэрэ сүрэхтииллэрэ), 3Иудеяттан араҕан Галилеяҕа төннүбүтэ. 4Барар суола Самариянан ааһара.
5Кини Самарияҕа Сихарь куоракка, Иаков былыр уолугар Иосифка биэрбит өлбүгэ сирин кытыытыгар кэлбитэ. 6Онно Иаков холуодьаһа баара. Иисус айантан сылайан, холуодьас аттыгар сынньана олорбута. Күн ортотун саҕана этэ.
7Биир Самария дьахтара холуодьастан уу баһа кэлбитэ. «Уугуттан иһэрт эрэ», – диэбитэ Иисус. 8Үөрэнээччилэрэ куоракка ас атыылаһа киирбит кэмнэрэ этэ.
9«Миигиттэн, Самария дьахтарыттан, уу көрдүүгүн дуу? – дьахтар соһуйбута. – Эн иудейгын буолбат дуо?» (Иудейдар Самария дьонун иһиттэриттэн аһаабаттар.)
10Иисус эппитэ: «Таҥара тугу бэлэхтиирин, Ким эйиэхэ уугуттан иһэрт диирин билэриҥ эбитэ буоллар, Киниттэн бэйэҥ көрдөһүөҥ этэ, оччоҕо Кини эйиэхэ өлбөт мэҥэ уутун биэриэ этэ».
11«Тойон! – диэбитэ дьахтар. – Эн уу баһар иһитэ суоххун, холуодьас буоллаҕына дириҥ, ол кэннэ өлбөт мэҥэ уута эйиэхэ хантан баар буолуой? 12Эн ама бу холуодьаһы биһиэхэ биэрбит, мантан уолаттарыныын испит, сүөһүлэрин уулаппыт аҕабытынааҕар, Иаковтааҕар, улахан үһүгүн дуо?»
13«Бу холуодьастан иһэр киһи сотору син биир утатыаҕа, – диэбитэ Иисус. – 14Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».
15Дьахтар эппитэ: «Тойонуом! Миэхэ ол уугуттан бэрсибэккин ээ. Ону иһэн, аны утаппат буолар буоллахпына, манна уу баһа кэлиэм суоҕа этэ».
16«Баран эргин ыҥыран кэл», – диэбитэ Иисус.
17«Мин эрэ суохпун», – диэн хоруйдаабыта дьахтар.
«Эрэ суохпун диэн кырдьыгы эттиҥ, – диэбитэ Иисус. – 18Эн биэстэ эрдэнэ сылдьыбытыҥ, билигин эмиэ эйигин кытта олорооччу эриҥ буолбатах. Ити кырдьыгы эттиҥ».
19«Тойонуом, мин көрдөхпүнэ, Эн пророк эбиккин, – диэбитэ дьахтар. – 20Биһиги аҕаларбыт бу хайаҕа тахсан Таҥараҕа сүгүрүйэллэрэ, оттон эһиги сүгүрүйэр сир Иерусалимҥа баар диигит».
21Иисус эппитэ: «Мин тугу этэрбин итэҕэй: эһиги аны Аҕаҕа сүгүрүйээри бу хайаҕа тахсаргыт да, Иерусалимҥа бараргыт да уурайар кэмэ кэлэн иһэр. 22Эһиги туохха сүгүрүйэргитин билбэккит, оттон биһиги билэбит – быыһабыл иудейдартан кэлиэҕэ. 23Ол эрээри Аҕаҕа дьиҥ сүгүрүйээччилэр Тыын күүһүнэн дьиҥнээхтик сүгүрүйэр кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайыы-үйэ кэллэ даҕаны. Аҕа оннук сүгүрүйүүнү кэтэһэр. 24Таҥара – Тыын, онон Таҥараҕа сүгүрүйээччилэр Тыын күүһүнэн дьиҥнээхтик Киниэхэ сүгүрүйүөх тустаахтар».
25Дьахтар эппитэ: «Мессия (ол аата Христос) кэлэрин билэбин. Кини кэлэн барытын биһиэхэ быһаарыа».
26«Ол – Мин, бу эйигин кытта Кэпсэтэ Олорооччу буолабын», – диэбитэ Иисус.
Үөрэнээччилэр куораттан кэлэллэр
27Бу кэмҥэ үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлэн, Кини дьахтары кытта кэпсэтэрин көрөн дьиктиргээбиттэрэ; ол да буоллар «Эн киниттэн тугу ирдиигин?» эбэтэр «Кинини кытта тугу кэпсэттиҥ?» диэн ким да ыйыппатаҕа.
28Дьахтар уулаах иһитин хаалларан, куоракка киирбитэ. 29Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?» 30Дьон куораттарыттан тахсан Киниэхэ барбыттара.
31Ол кэмҥэ үөрэнээччилэрэ: «Равви, аһаа!» – диэн көрдөспүттэрэ.
32«Миэхэ эһиги билбэт аһылыккыт баар», – диэбитэ Иисус. 33Онуоха үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Ким эрэ ас аҕалан биэрбитэ буолуо дуо?» – дэһиспиттэрэ.
34Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар. 35Эһиги аны түөрт ыйынан бурдук быһыыта саҕаланыа дэһэҕит буолбат дуо? Оттон Мин эһиэхэ этэбин: төбөҕүтүн көтөҕөн, бурдуктаах бааһыналар хайдах курдук сырдаабыттарын, быһарга уолдьаспыттарын көрүҥ! 36Бурдук быһааччы төлөбүр да ылар, бараммат олоххо анаан үүнүү да хомуйар, онон быһааччы да, хомуйааччы да иккиэн тэҥҥэ үөрүөхтэрэ. 37Биирэ бурдук ыһар, атына үүнүүтүн хомуйар диэн өс хоһооно сөпкө этэр. 38Мин эһигини бэйэҕит эрэйдэнэн үүннэрбэтэххитин быстара ыыттым: онно атыттар үлэлээбиттэрэ, оттон эһиги кинилэр үлэлэрин түмүгүн үллэстэҕит».
39Бу Самария куоратын үгүс олохтоохторо «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр кэпсээн биэрдэ» диэбит дьахтары истэн, Иисуһу итэҕэйбиттэрэ. 40Онон Киниэхэ кэлэн өссө хаала түһэригэр көрдөспүттэрэ, ол иһин Кини бу куоракка икки күн буолбута.
41Этэр тылын истэн баран, өссө элбэх киһи итэҕэйбитэ, 42онон дьахтарга этэллэрэ: «Билигин эн эрэ кэпсээҥҥиттэн итэҕэйэр буолбатахпыт, аны бэйэбит иһиттибит, биллибит, Кини чахчы аан дойдуну Быыһааччы, Христос эбит».
Тойон уолун үтүөрдүү
43Икки күн буолан баран Иисус Самария сириттэн тахсан, Галилеяҕа барбыта. 44Кини пророк бэйэтин дойдутугар хаһан да чиэстэммэт диэн этэрэ. 45Галилеяҕа кэлбитигэр Иерусалимҥа бырааһынньыкка сылдьыбыт олохтоохтор, Иисус оҥорбут дьиктилэрин барытын көрбүт буолан, Кинини үчүгэйдик көрсүбүттэрэ.
46Иисус ууну арыгыга кубулуппут сиригэр Галилея Канатыгар эргиллэн кэлбитэ. Онно ыраахтааҕы үрдүк сололоох үлэһитэ кэлэ сылдьара. Кини уола Капернаумҥа ыалдьа сытара. 47Иисус Иудеяттан Галилеяҕа төннөн кэлбит сураҕын истэн, кини Иисуска кэлэн, өлөөрү сытар уолун үтүөрдэригэр көрдөспүтэ.
48«Туох эмэ бэлиэни, дьиктини көрө иликкитинэ, эһиги итэҕэйиэххит суоҕа», – диэбитэ Иисус киниэхэ.
49«Тойонуом! Оҕом өлө илигинэ, тиийэ оҕус», – ыраахтааҕы үлэһитэ көрдөспүтэ.
50«Дьиэҕэр төнүн, уолуҥ өлүө суоҕа», – диэбитэ Иисус. Киһи Иисус эппитин итэҕэйэн, дьиэтигэр барбыта. 51Чаҕардара кинини аара суолга көрсөн, уола үтүөрбүтүн туһунан эппиттэрэ. 52Оҕото төһөҕө үтүөрэн барбытын ыйыппытыгар: «Этэ умайара бэҕэһээ сэттэ чаас#4:52 Сэттэ чаас – күнүс биир чаас. саҕана ааспыта», – диэбиттэрэ.
53Оҕо аҕата маны истэн, Иисус уолуҥ өлүө суоҕа диэбит кэмигэр оҕото үтүөрбүтүн билбитэ, онон бэйэтэ да, дьиэлээхтэрэ да бука бары Кинини итэҕэйбиттэрэ.
54Иисус бу иккис бэлиэ дьиктини, Иудеяттан Галилеяҕа төннөн кэлэн баран, оҥорбута.
Nu markerat:
Иоанн 4: СБК
Märk
Dela
Kopiera
Vill du ha dina höjdpunkter sparade på alla dina enheter? Registrera dig eller logga in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: