1
Лука 22:42
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
«Аҕаа! Оо, арай Эн бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннарарыҥ буоллар! Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
Karşılaştır
Лука 22:42 keşfedin
2
Лука 22:32
ол эрээри Мин, эн итэҕэлиҥ энчирээбэтин туһугар, үҥпүтүм. Эн эмиэ кэлин, эргиллэн кэллэххинэ, бырааттаргын бөҕөргөтөөр».
Лука 22:32 keşfedin
3
Лука 22:19
Итиэннэ килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ уонна эппитэ: «Бу – эһиги тускутугар бэриллэр Мин Этим-сииним; Миигин ахтан-санаан туран, эһиги маннык гынар буолуҥ».
Лука 22:19 keşfedin
4
Лука 22:20
Аһылык кэнниттэн кинилэргэ иһити биэрэн баран, эппитэ: «Бу иһит – эһиги тускутугар тохтор Мин Хааным бигэргэппит Саҥа Кэс Тыла.
Лука 22:20 keşfedin
5
Лука 22:44
Иисус ис-иһиттэн муунтуйан, ордук кыһаллан үҥпүтэ, Кини көлөһүнэ сиргэ саккырыы тохтор хаан курдуга.
Лука 22:44 keşfedin
6
Лука 22:26
Оттон эһиэхэ оннук буолуо суохтаах: улахаҥҥыт – кыраҕыт курдук буоллун, баһылыккыт – үлэһиккит курдук буоллун.
Лука 22:26 keşfedin
7
Лука 22:34
Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Лука 22:34 keşfedin
Ana Sayfa
Kutsal Kitap
Okuma Planları
Videolar