1
Лука 9:23
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Итиэннэ барыларыгар эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар – бэйэҕиттэн аккаастан уонна кириэскин сүгэн Миигин батыс.
Karşılaştır
Лука 9:23 keşfedin
2
Лука 9:24
Ким олоҕун быыһыан баҕарбыт, олоҕун сүтэриэҕэ, оттон ким Мин туспар бэйэтин олоҕун сүтэрбит, олоҕун быыһыаҕа.
Лука 9:24 keşfedin
3
Лука 9:62
Иисус киһиэхэ эппитэ: «Булуугу баттаары туран, кэннин хайыһар киһи Таҥара Саарыстыбатыгар эрэбилэ суох».
Лука 9:62 keşfedin
4
Лука 9:25
Өскөтүн киһи бүтүн аан дойдуну баһылаан баран өллөҕүнэ эбэтэр эчэйдэҕинэ, ол баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой?
Лука 9:25 keşfedin
5
Лука 9:26
Ким эмэ Миигиттэн уонна Мин тылбыттан сааттаҕына, Киһи Уола Бэйэтин килбиэнинэн итиэннэ Аҕатын уонна Аанньалларын килбиэннэринэн сырдаан тиийэн кэллэҕинэ, киниттэн бэйэтиттэн саатыаҕа.
Лука 9:26 keşfedin
6
Лука 9:58
Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
Лука 9:58 keşfedin
7
Лука 9:48
уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».
Лука 9:48 keşfedin
Ana Sayfa
Kutsal Kitap
Okuma Planları
Videolar