Лука 14

14
Фарисей дьиэтигэр
1Биирдэ субуота күн Иисус фарисей тойонун дьиэтигэр аһыы кэлбитэ. Фарисейдар Кини хас хамсыырын кэтэһэ-манаһа олорбуттара. 2Кинини утары иһигэр уу үөскээн ыалдьар киһи олороро. 3Иисус фарисейдартан уонна сокуонньуттартан: «Субуота күн киһини эмтиир көҥүллэнэр дуо?» – диэн ыйыппыта. 4Тугу да саҥарбатахтара. Иисус ыарыһаҕы таарыйан үтүөрдэн баран, дьиэтигэр ыытан кэбиспитэ.
5Онтон кинилэргэ эппитэ: «Эһигиттэн кимҥит эмэ осела эбэтэр оҕуһа#14:5 Осела эбэтэр оҕуһа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «уола эбэтэр оҕуһа». холуодьаска түстэҕинэ, ону, төһө да субуотатын иһин, тута хостоон таһаарыа суоҕа этэ дуо?» 6Маны эппитигэр тугу да кыайан хардарбатахтара.
Бэйэтин үрдүктүк туттар киһи – намтыаҕа
7Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар бастыҥ миэстэни талалларын көрөн, Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: 8«Уруу малааһыныгар ыҥырылыннаххына, бастыҥ миэстэҕэ олорбот буол; ыҥырыылаахтартан ким эрэ эйигиннээҕэр ордук ытыктанар киһи баар буолуон сөп, 9оччоҕо эйигин да, кинини да ыҥырбыт хаһаайын эйиэхэ: „Миэстэҕин киниэхэ туран биэр“, – диэтэҕинэ, кыбыста-кыбыста тиһэх миэстэҕэ көһөн олороргор тиийиэҥ. 10Малааһыҥҥа ыҥырылыннаххына, кэлэн тиһэх миэстэҕэ олорор буол, оччоҕо ыҥырбыт киһи эйиэхэ кэлэн: „Доҕоор, эн бэттэх, үөһээ, олор“, – диэтэҕинэ, эн баар дьон ортотугар чиэскэ тиксибит мааны ыалдьыт буолуоҥ. 11Бэйэтин үрдүктүк сананар киһи – намтыаҕа, сэмэйдик сананар киһи – үрдүөҕэ».
Биһирэм аһылыкка кими ыҥырыахха
12Онтон Кинини ыҥырбыт хаһаайыҥҥа эппитэ: «Эбиэт дуу, биһирэм аһылык дуу тэрийдэххинэ – доҕотторгун, убайдаргын-бырааттаргын, аймахтаргын, баай ыалларгын да ыҥыртаабат буол, ыҥырдаххына, кинилэр эмиэ эйигин ыҥыран төттөрү маанылыахтара. 13Ол оннугар, биһирэм аһылык тэрийдэххинэ, дьадаҥылары, бодоҥнору, доҕолоҥнору, хараҕа суохтары ыҥыртаа; 14кинилэр эйиэхэ кыайан төлөөбөттөр, онон эн алгыстаныаҥ: төлөбүрүн, кырдьыктаахтар тиллэллэрин саҕана, ылыаҥ».
Улуу малааһын туһунан домох
15Маны истэн, аттыгар олорооччулартан биирдэстэрэ Киниэхэ: «Оо, Таҥара Саарыстыбатын малааһыныгар сылдьар киһи дьоллоох да буолуо!» – диэбитэ.
16Иисус, киниэхэ хоруйдаан, манныгы кэпсээбитэ: «Арай биир киһи киэһэ, улахан малааһын тэрийэн, элбэх ыалдьыты ыҥырбыт. 17Аһыыр кэм кэлбитигэр кини ыҥырыылаахтарга кулутун ыытан: „Кэлиҥ, барыта хайыы-үйэ бэлэм“, – диэн илдьиттээбит.
18Арай бары киксибит курдук, араастаан сылтаҕыран кэлбэтэхтэр. Бастакы киһи: „Мин сир атыыластым, ону баран көрүөхтээхпин, миигин баалаабаккар көрдөһөбүн“, – диэбит.
19Онтон иккис киһи эппит: „Мин уон көлүүр оҕуһун атыыластым, онтуларбын баран холоон көрүөм, миигин баалаабаккар көрдөһөбүн“.
20Үһүс киһи: „Мин ыал буоллум, барар кыаҕым суох“, – диэбит.
21Кулут төннөн кэлэн бу туһунан тойонугар кэпсээбит. Дьиэлээх хаһаайын уордайан, кулутугар эппит: „Кытаат, түргэнник куорат уулуссаларын кэрийэ сылдьан, дьадаҥылары, бодоҥнору, доҕолоҥнору уонна хараҕа суохтары булан аҕалтаа“.
22Кулута кэлэн: „Тойонуом! – диэбит. – Эн соруйбуккун толордум, ол гынан баран миэстэ өссө даҕаны баар“.
23Онуоха тойон эппит: „Суолу бата баран, күрүөлэри кэрийэ сылдьан, кими көрсүбүккүн барытын, дьиэм туоларын курдук, тылгар киллэртээн илдьэ кэл. 24Эһиэхэ этэбин: ити ыҥырыллыбыт дьонтон ким даҕаны мин малааһыным аһыттан амсайыа суоҕа. Ыҥырыллыбыт элбэх эрээри, талыллыбыт аҕыйах#14:24 Ыҥырыллыбыт элбэх эрээри, талыллыбыт аҕыйах – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.“».
Иисус Христос туһугар туохтан барытыттан аккаастаныы
25Иисуһу кытта элбэх киһи барсан испитэ. Кини ол дьоҥҥо хайыһан эппитэ: 26«Миэхэ кэлэр киһи ийэтин-аҕатын, ойоҕун, оҕолорун, убайдарын-бырааттарын, эдьиийдэрин-балыстарын уонна бэйэтин олоҕун Миигин таптыырынааҕар ордук таптыыр буоллаҕына, Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох; 27ким бэйэтин кириэһин сүгэн Миигин батыспатах, ол Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох. 28Эһигиттэн хайаҕыт эмэ башня туттуон баҕардаҕына, маҥнай олоро түһэн, тутуутун ситэрэригэр төһө үп барыахтааҕын суоттаныа суоҕа этэ дуо? 29Инньэ гымматаҕына, акылаатын ууран баран атынын кыайан ситэриэ суоҕа, оччоҕо ону көрө сылдьар дьон бары: 30„Хайдах бу киһи тутуутун саҕалаан баран бүтэрбэтий?“ – диэн күлүү гыныахтара.
31Биитэр хайа эмэ ыраахтааҕы, атын ыраахтааҕыны утары сэриилэһэ бараары туран, олоро түһэн, бэйэтин уон тыһыынча киһитиниин өстөөх сүүрбэ тыһыынча киһитигэр утарсар кыахтааҕын дуу, суоҕун дуу сүбэлэһиэ суоҕа этэ дуо? 32Кыайтарыаҕын биллэҕинэ, кини, анарааҥҥыта өссө ыраах эрдэҕинэ, иллэһээри, киниэхэ илдьиттэрин ыытыаҕа.
33Ол курдук эһигиттэн ким баҕарар туох баардааҕыттан барытыттан аккаастамматаҕына, Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох.
Амтанын сүтэрбит туус
34Туус – үтүө ас, ол эрээри амтанын сүтэрдэҕинэ, аһыытын хайдах төннөрүөҥүй? 35Оччоҕо туохха да туһата суох буолар, сири да уоҕурдарга барбат, онон быраҕан эрэ кэбиһиллэр. Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»

Seçili Olanlar:

Лука 14: СБК

Vurgu

Paylaş

Kopyala

None

Önemli anlarınızın tüm cihazlarınıza kaydedilmesini mi istiyorsunuz? Kayıt olun ya da giriş yapın