Лука 22
22
Иуда Иисус Христоһу таҥнарарга быһаарынар
1 Паасха диэн ааттанар Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыга чугаһаабыта. 2Архиерейдар уонна сокуонньуттар норуоттан чаҕыйар буолан, Иисуһу хайдах эмэ гынан биллибэтинэн өлөрөр сылтаҕы көрдүү сатаабыттара. 3Дьэ ол саҕана Искариот диэн ааттаах Иудаҕа, Уон Иккиэлэртэн биирдэстэригэр, сатана киирбитэ. 4Иуда архиерейдарга уонна Таҥара Дьиэтин харабылын тойотторугар тиийэн, Иисуһу хайдах тутан биэрэр туһунан кэпсэппитэ. 5Кинилэр үөрэн харчы төлүөх буолбуттара. 6Иуда кинилэргэ тылын биэрэн, Иисуһу дьон көрбөт кэмигэр туттараары, тоҕоостоох түгэни көрдүү сатыы сылдьыбыта.
Паасхаҕа бэлэмнэнии
7Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгар, Паасхаҕа, анаммыт бараан оҕото өлөрүллэр күнэ үүммүтэ. 8Иисус Петрдаах Иоанны: «Баран, биһиэхэ паасханы#22:8 Паасханы – Мф 26:19 быһаарыытын көр. бэлэмнээҥ», – диэн соруктаан ыыппыта.
9«Паасханы ханна бэлэмниэхпитин баҕараҕыный?» – кинилэр ыйыппыттара.
10Иисус эппитэ: «Куоракка киирэн иһэн, купсууннаах ууну илдьэ иһэр киһини көрсүөххүт. Кинини батыһан, ханна киирэр да, онно киирсээриҥ; 11дьиэҕэ киирэн, хаһаайыҥҥа „Үөрэтээччи үөрэнээччилэрин кытта Паасха аһын аһыахтаах хоһо ханнатын ыйыттарар“ диэтэххитинэ, 12кини эһиэхэ бырааһынньыкка анаан хайыы-үйэ толору тэриллибит киэҥ-куоҥ үөһээҥҥи хоһу көрдөрүөҕэ, онно бэлэмнээриҥ».
13Кинилэр куоракка тиийэн, Иисус тугу эппитин барытын булан паасханы бэлэмнээбиттэрэ.
Айыы Тойон Аһылыга
14Кэмэ кэлбитигэр Иисус онно тиийэн Апостолларын кытта аһаары өттүгэстээн сыппыта. 15Кини эппитэ: «Эрэйи-буруйу көрө иликпинэ, эһигини кытта бииргэ бу Паасха аһын аһыахпын олус баҕарбытым. 16Эһиэхэ этэбин: бу Паасха аһылыгын, аны Таҥара Саарыстыбатыгар буолуор диэри, Мин аһыам суоҕа».
17Итиэннэ иһити ылан Таҥараҕа махтанан баран, эппитэ: «Маны ылан үллэстэн иһиҥ. 18Эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбата кэлиэр диэри, Мин аны виноград арыгытыттан испэппин».
19Итиэннэ килиэби ылан, Таҥараҕа махтанан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ уонна эппитэ: «Бу – эһиги тускутугар бэриллэр Мин Этим-сииним; Миигин ахтан-санаан туран, эһиги маннык гынар буолуҥ».
20Аһылык кэнниттэн кинилэргэ иһити биэрэн баран, эппитэ: «Бу иһит – эһиги тускутугар тохтор Мин Хааным бигэргэппит Саҥа Кэс Тыла. 21Миигин таҥнарар киһи Миигинниин биир остуолга олорор; 22Киһи Уола анаммытынан баран иһэр, ол эрээри Кинини таҥнарааччыны сор-муҥ кэтэһэр». 23Үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар ким оннук быһыыланыан сөбүн кэпсэтэн барбыттара.
Ким саамай улаханый?
24Үөрэнээччилэр кинилэртэн хайалара ордук улахан аатырыахтааҕын туһунан мөккүспүттэрэ. 25Иисус эппитэ: «Ыраахтааҕылар норуоттары баһылыыллар, бастаахтар үтүөнү оҥорооччуларбыт дэнэллэр. 26Оттон эһиэхэ оннук буолуо суохтаах: улахаҥҥыт – кыраҕыт курдук буоллун, баһылыккыт – үлэһиккит курдук буоллун. 27Хайалара улаханый: аһаары өттүгэстээн сытааччы дуу, эбэтэр кинини аһатар үлэһитэ дуу? Өттүгэстээн сытааччы буолбатах дуо? Оттон Мин эһиэхэ үлэһиккит кэриэтэбин.
28Миигин тургутар бары ыарахан суолларга эһиги Миигинниин бииргэ сылдьыбыккыт, 29онон Аҕам Миэхэ биэрбит Саарыстыбатын Мин эһиэхэ биэрэбин. 30Мин Саарыстыбабар эһиги Миигинниин биир остуолга аһыаххыт, бүрүстүөлгэ олорон Израиль уон икки аҕатын ууһун дьүүллүөххүт».
Петр мэлдьэһиитин өтө көрүү
31Онтон Айыы Тойон эппитэ#22:31 Онтон Айыы Тойон эппитэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.: «Симон! Симон! Сатана эһигини сэлиэһинэй бурдугунуу сиксийээри, көрдөспүтэ, 32ол эрээри Мин, эн итэҕэлиҥ энчирээбэтин туһугар, үҥпүтүм. Эн эмиэ кэлин, эргиллэн кэллэххинэ, бырааттаргын бөҕөргөтөөр».
33«Тойонуом! – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин кытта хаалларга да, өлөргө да бэлэммин».
34Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Кумааһынньык, матаҕа уонна батас
35Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин эһигини кумааһынньыга да, матаҕата да, атах таҥаһа да суох ыыппыппар эһиги туох эмэ кыһалҕаҕа ыллара сылдьыбыккыт дуо?»
«Суох, туох да кыһалҕаны билбэтэхпит», – дэспиттэрэ.
36Иисус эппитэ: «Оттон билигин ким кумааһынньыктаах – онтун угуннун, матаҕатын эмиэ ыллын; оттон ким онтуката суох, ол сонун атыылаан батас атыыластын. 37Эһиэхэ этэбин: Суруйууларга „Кинини хара дьайдаахтарга тэҥнээбиттэрэ“ диэн Мин туспунан этиллибит туолуох тустаах. Мин туспунан суруллубута барыта туолан эрэр».
38Кинилэр эппиттэрэ: «Тойоммуот, манна икки батас баар».
«Сөп буолуо», – диэбитэ Иисус.
Елеон хайатыгар
39Кини мантан тахсан, үгэһинэн Елеон хайатыгар барбыта, үөрэнээччилэрэ кэнниттэн батыспыттара. 40Онно тиийэн баран, кинилэргэ эппитэ: «Тургутууну тулуйар туһугар, үҥүҥ». 41Итиэннэ Бэйэтэ, бырахтахха, таас тиийэр сиригэр баран, сөһүргэстээн туран үҥпүтэ: 42«Аҕаа! Оо, арай Эн бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннарарыҥ буоллар! Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
43Халлаантан Аанньал көстөн, Кинини бөҕөргөппүтэ. 44Иисус ис-иһиттэн муунтуйан, ордук кыһаллан үҥпүтэ, Кини көлөһүнэ сиргэ саккырыы тохтор хаан курдуга#22:43-44 Халлаантан Аанньал көстөн, Кинини бөҕөргөппүтэ. Иисус ис-иһиттэн муунтуйан, ордук кыһаллан үҥпүтэ, Кини көлөһүнэ сиргэ саккырыы тохтор хаан курдуга – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар..
45Үҥэн бүтэн баран, үөрэнээччилэрин кэлэн көрбүтэ, санааҕа хам баттатан, утуйа сыталлара. 46«Тоҕо утуйа сытаҕыт? – диэбитэ Кини. – Тургутууну тулуйар туһугар, туран үҥүҥ».
Иисус Христоһу тутуу
47Арай бу этэ турдаҕына, дьон кэлэн иһэрэ көстүбүтэ, инники Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ Иуда иһэрэ. Кини Иисуһу уураары, ыкса тиийэн кэлбитэ. Иуда «мин кими ууруубун да, ол Иисус буолуоҕа» диэн дьоҥҥо эрдэттэн бэлиэ биэрбит этэ.
48Иисус киниэхэ эппитэ: «Иуда! Эн Киһи Уолун уурааҥҥын таҥнараҕын дуу?»
49Онуоха үөрэнээччилэр туох буолан эрэрин өйдөөн: «Тойоммуот! Батаһынан охсуһабыт дуо?» – диэн ыйыппыттара. 50Биир үөрэнээччитэ архиерей кулутун уҥа кулгааҕын быһа охсубута.
51«Түксү, тохтооҥ», – диэбитэ Иисус итиэннэ кулут кулгааҕын тарбаҕынан таарыйан үтүөрдэн кэбиспитэ. 52Онтон Кинини утары мустубут архиерейдарга, Таҥара Дьиэтин харабылын тойотторугар уонна аҕа баһылыктарга эппитэ: «Ороспуойу тутарга дылы, эһиги Миэхэ болоттонон, үөрбэлэнэн кэлбиккит. 53Мин эһигини кытта күн аайы Таҥара Дьиэтигэр сылдьар этим да, эһиги Миигин тыыппатаххыт; оттон билигин – эһиги кэмҥит, хараҥа былааһа».
Петр мэлдьэһиитэ
54Иисуһу тутан архиерей дьиэтигэр илдьибиттэрэ. Петр ыраахтан батыһан испитэ. 55Тиэргэн ортотугар кулуһун оттубуттарыгар дьон уот тула олорбуттара, Петр кинилэр аттыларыгар олорбута. 56Биир чаҕар кыыс кини уот таһыгар олордоҕуна, одуулаһан баран: «Бу киһи эмиэ Кинини кытта сылдьара», – диэбитэ.
57«Мин Кинини билбэппин», – диэн Петр кыккыраччы мэлдьэспитэ.
58Чочумча буолан баран аны атын киһи кинини көрөн эппитэ: «Эн эмиэ итилэр киһилэринэҕин».
«Эчи суох!» – диэбитэ Петр.
59Чаас кэриҥинэн өссө биир киһи дьаныһан турбута: «Бу Галилея киһитэ, чахчы, Кинини кытта сылдьара».
60Ол эрээри Петр: «Эн ити тугу этэргин билбэппин», – диэн эмиэ мэлдьэһэн кэбиспитэ. Бу этэ турдаҕына, бөтүүк хаһыытаабыта. 61Онуоха Айыы Тойон эргиллэн, Петр диэки көрбүтэ; Петр киниэхэ Айыы Тойон «бөтүүк хаһыытыан иннинэ эн миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ» диэн эппитин өйдөөн кэлбитэ 62уонна таска тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Иисус Христоһу кырбааһын
63Иисуһу тутан турар дьон Кинини үөҕэн, кырбаан барбыттара. 64Хараҕын саба баайан баран, сирэйгэ охсуолуу-охсуолуу: «Пророк, эт: ким Эйигин оҕуста?» – дииллэрэ. 65Уонна араас элбэх куһаҕан тылынан үөхпүттэрэ-түүрбүттэрэ.
Синедриоҥҥа
66Саҥа күн үүнээтин кытта, норуот аҕа баһылыктара, архиерейдар, сокуонньуттар түмсэн баран, Кинини синедрион иннигэр туруорбуттара. 67«Эн Христоскун дуо? – диэн ыйыппыттара. – Биһиэхэ эт!»
Иисус эппитэ: «Эттэхпинэ даҕаны, эһиги итэҕэйиэххит суоҕа; 68оттон ыйыттахпына, Миэхэ хоруйдуоххут суоҕа уонна Миигин босхолуоххут суоҕа#22:68 Уонна Миигин босхолуоххут суоҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. 69Мантан ыла Киһи Уола Күүстээх Таҥара уҥа өттүгэр олоруоҕа».
70Маныаха бука бары: «Ол аата Эн Таҥара Уолунаҕын дуо?» – дии түспүттэрэ.
«Ону бэйэҕит эттигит», – диэбитэ Кини.
71«Бу кэннэ биһиэхэ өссө туох туоһута нааданый? – дэспиттэрэ. – Тугу эппитин бэйэбит иһиттибит!»
Seçili Olanlar:
Лука 22: СБК
Vurgu
Paylaş
Kopyala
Önemli anlarınızın tüm cihazlarınıza kaydedilmesini mi istiyorsunuz? Kayıt olun ya da giriş yapın
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: