1
Иоанн 13:34-35
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Мин саҥа кэриэһи эһиэхэ биэрэбин: бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. Мин эһигини хайдах таптаабыппыный да, эһиги эмиэ ол курдук, бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. Бэйэҕит икки ардыгытыгар таптал баар буоллаҕына, оччоҕо эһиги Мин үөрэнээччилэрим буоларгытын бары билиэхтэрэ».
Compare
Explore Иоанн 13:34-35
2
Иоанн 13:14-15
Онон Мин, Тойоҥҥут уонна Үөрэтээччигит, атаххытын сууйбут эбит буоллахпына, эһиги бэйэ-бэйэҕит эмиэ атаххытын сууйсуохтааххыт. Манан, Мин тугу гыммыппыный да – эһиги эмиэ оннук гынаргыт туһугар, эһиэхэ холобур көрдөрдүм.
Explore Иоанн 13:14-15
3
Иоанн 13:7
Иисус эппитэ: «Мин тугу гынарбын эн билигин билбэккин, кэлин өйдүөҕүҥ».
Explore Иоанн 13:7
4
Иоанн 13:16
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кулут тойонунааҕар улахан буолбат, ким эмэ ыыппыт киһитэ ыыппытынааҕар улахан буолбат.
Explore Иоанн 13:16
5
Иоанн 13:17
Эһиги маны билэн оҥорор буоллаххытына – алгыстааххыт.
Explore Иоанн 13:17
6
Иоанн 13:4-5
аһыы олорон, туран, тас таҥаһын устубута, уонна сотторун курданан баран, суунар тааска уу кутан, үөрэнээччилэрин атахтарын сууйан, курдаммыт сотторунан сотон киирэн барбыта.
Explore Иоанн 13:4-5
Home
Bible
Plans
Videos