YouVersion Logo
Search Icon

Иоанн 13

13
Иисус Христос үөрэнээччилэрин атахтарын сууйар
1 Паасха бырааһынньыгын иннинэ Иисус бу аан дойдуну хаалларан, Аҕатыгар барар кэмэ кэлбитин билэр буолан, бу дойдуга баар Бэйэтин дьонун тиһэҕэр диэри уостубат тапталынан таптыырын көрдөрбүтэ.
2Киэһээҥҥи аһылык кэмигэр, Симон уолун Иуда Искариокка#13:2 Симон уолун Иуда Искариокка – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Симон Искариот уолугар Иудаҕа». Кинини таҥнарар санааны адьарай хайыы-үйэ иҥэрбитин кэннэ, 3Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан, 4аһыы олорон, туран, тас таҥаһын устубута, уонна сотторун курданан баран, 5суунар тааска уу кутан, үөрэнээччилэрин атахтарын сууйан, курдаммыт сотторунан сотон киирэн барбыта.
6Кини Симон Петрга чугаһаан кэлбитигэр Петр: «Тойонуом! Мин атахпын Эн сууйуохтаах үһүгүн дуо?» – диэбитэ.
7Иисус эппитэ: «Мин тугу гынарбын эн билигин билбэккин, кэлин өйдүөҕүҥ».
8«Эн мин атахпын хаһан да сууйуоҥ суоҕа», – диэбитэ Петр.
Иисус эппитэ: «Сууйбатахпына, эн Миэхэ туох да сыһыана суох буолуоҥ».
9«Тойонуом! – дии түспүтэ Петр. – Атахпын эрэ буолбакка, илиибин, төбөбүн эмиэ сууй!»
10Иисус киниэхэ эппитэ: «Сууммут киһи турар бэйэтэ ыраас, онон атаҕын эрэ суунуохтаах. Эһиги эмиэ ырааскыт, ол гынан баран бука бары ыраас буолбатаххыт». 11Иисус, ким таҥнарыахтааҕын билэр буолан, «бука бары ыраас буолбатаххыт» диэбитэ.
12Үөрэнээччилэрин атахтарын сууйан, таҥаһын таҥнан, эмиэ өттүгэстээн сытан баран эппитэ: «Бу Мин эһиэхэ анаан тугу гыммыппын билэҕит дуо? 13Эһиги Миигин Үөрэтээччибит, Тойоммут диэн сөпкө этэҕит, чахчы оннук. 14Онон Мин, Тойоҥҥут уонна Үөрэтээччигит, атаххытын сууйбут эбит буоллахпына, эһиги бэйэ-бэйэҕит эмиэ атаххытын сууйсуохтааххыт. 15Манан, Мин тугу гыммыппыный да – эһиги эмиэ оннук гынаргыт туһугар, эһиэхэ холобур көрдөрдүм. 16Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кулут тойонунааҕар улахан буолбат, ким эмэ ыыппыт киһитэ ыыппытынааҕар улахан буолбат. 17Эһиги маны билэн оҥорор буоллаххытына – алгыстааххыт.
Иисус Христос ким таҥнарыахтааҕын этэр
18Эһиги барыгыт тускутунан эппэппин: кимнээҕи талан ылбыппын билэбин. Ол эрээри „Миигин кытта бииргэ килиэп сиэччи#13:18 Миигин кытта бииргэ килиэп сиэччи – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Мин килиэппин сиэччи». Миигин тэпсэри оҥоһунна“ диэн Суруйууларга этиллибит туолуохтун. 19Маны эһиэхэ билигин – туола илигинэ, кэлин туоллаҕына, бу Мин буоларбын итэҕэйэргит туһугар, этэбин. 20Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин ыыппыт киһибин ылынааччы Миигин ылынар, оттон Миигин ылынааччы Миигин Ыыппыты ылынар».
«Эһигиттэн биир киһи Миигин таҥнарыаҕа»
21Иисус маны этэн баран, ис-иһиттэн долгуйан кэлбитэ. «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Кини, – эһигиттэн биир киһи Миигин таҥнарыаҕа».
22Үөрэнээччилэрэ Кини кими этэрин өйдөөбөккө, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. 23Иисус биир таптыыр үөрэнээччитэ Кини аттыгар өттүгэстээн сытара. 24Симон Петр киниэхэ ити ким туһунан этэрин бил диэн бэлиэ биэрбитэ.
25Кини Иисуска ыкса кэлэн: «Тойонуом, ол кимий?» – диэн ыйыппыта.
26«Мин килиэби арыыга умньаан баран биэрэр киһим», – диэн хоруйдаабыта Иисус. Маны этээт, килиэп тооромоһун умньаан ылан, Симон Искариот уолугар Иудаҕа ууммута. 27Бу тооромоһу ылаатын кытта, Иудаҕа сатана киирбитэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Оҥороргун оҥоро оҕус». 28Өттүгэстээн сытааччылартан ким даҕаны Иисус киниэхэ тоҕо итинник эппитин өйдөөбөтөҕө. 29Сорохтор, Иудаҕа харчылаах холбуйа баарын иһин, Иисус киниэхэ «бырааһынньыкка туттуохтаахпытын атыылас» диэбитэ, эбэтэр тугу эмэ дьадаҥыларга биэрэргэ соруйбута буолуо дии санаабыттара. 30Килиэби ылаат, Иуда тахсан барбыта. Түүн этэ.
Саҥа кэриэс
31Кини тахсан барбытын кэннэ, Иисус: «Билигин Киһи Уолун килбиэнэ көһүннэ, Таҥара килбиэнин эмиэ Кини көрдөрдө, – диэбитэ. – 32Таҥара кэрэмэн килбиэнин Кини көрдөрбүт эбит буоллаҕына, бэрт сотору Таҥара эмиэ Кини килбиэнин көрдөрүөҕэ.
33Оҕолоруом! Мин эһигини кытта бииргэ сылдьар кэмим кыра хаалла: эһиги Миигин көрдүөххүт гынан баран, иудейдарга эппитим курдук, билигин эһиэхэ эмиэ этэбин: Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит.
34Мин саҥа кэриэһи эһиэхэ биэрэбин: бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. Мин эһигини хайдах таптаабыппыный да, эһиги эмиэ ол курдук, бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. 35Бэйэҕит икки ардыгытыгар таптал баар буоллаҕына, оччоҕо эһиги Мин үөрэнээччилэрим буоларгытын бары билиэхтэрэ».
Петр мэлдьэһиэхтээҕин өтө көрүү
36«Тойонуом! Эн ханна бараҕыный?» – диэн ыйыппыта Симон Петр.
«Мин барар сирбэр билигин эн Миигин кыайан батыһыаҥ суоҕа, – Иисус хоруйдаабыта, – ол эрээри кэлин батыһан барыаҥ».
37«Тойонуом! Мин билигин Эйигин тоҕо кыайан батыһыам суоҕай? – диэбитэ Петр. – Эн тускар мин тыыммын да толук биэриэм!»
38«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».

Currently Selected:

Иоанн 13: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in