Иоанн 12
12
Вифанияҕа арыынан аҕааһын
1 Паасха буолуо алта күн иннинэ Иисус Вифанияҕа кэлбитэ, онно Кини тилиннэрбит киһитэ Лазарь баара. 2Сонно Киниэхэ киэһэ аһылык тэрийбиттэрэ: Марфа илии-атах буолбута, оттон Лазарь атыттары кытта Иисус аттыгар өттүгэстээн сыппыта. 3Мария ыраас нард#12:3 Нард – Мк 14:3 быһаарыытын көр. үчүгэй сыттаах биир муунта күндү арыытынан Иисус атаҕын аҕаан баран, баттаҕынан соппута; дьиэ иһин бүтүннүү ол арыы сытынан сайбыта.
4Онуоха үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, Иисуһу таҥнарарга санаммыт Иуда Искариот эппитэ: 5«Бу арыыны үс сүүс динарийга атыылаан баран, харчытын дьадаҥыларга түҥэтэр тоҕо сатамматаҕа эбитэй?» 6Маны кини дьадаҥыларга кыһаллан буолбакка, уоруйах буолан эппитэ – харчы угар холбукаларын илдьэ сылдьан, онно угуллар харчыттан арыт бэйэтэ туттара.
7«Марияны саҥарымаҥ, – диэбитэ Иисус. – Кини бу арыыны Мин хараллар күммэр анаан ууруммута. 8Дьадаҥылар эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохтара, оттон Мин эһигини кытта өрүү бииргэ сылдьыам суоҕа».
Лазары утары куомуннаһыы
9Иудейдар үгүстэрэ Кини онно баарын билэн, Иисус туһуттан эрэ буолбакка, өссө Кини тилиннэрбит Лазарын туһуттан кэлэллэрэ. 10-11Үгүстэр Лазары көрө кэлэн баран, Иисуһу итэҕэйэн төннөллөрүн иһин, архиерейдар Лазары эмиэ өлөрөргө быһаарыммыттара.
Иерусалимҥа киирии
12Сарсыныгар бырааһынньыкка мустубут үтүмэн үгүс киһи Иисус Иерусалимҥа баран иһэрин истэн, 13пальма лабааларын туппутунан Кинини көрсө тахсыбыттара. Кинилэр: «Осанна! Израиль Ыраахтааҕыта, Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһээччи алгыстаах!» – диэн хаһыытаһаллара.
14-15«Куттаныма, Сион кыыһа#12:14-15 Сион кыыһа – Иерусалим.! Эн Ыраахтааҕыҥ мииниллэ илик оселу миинэн эйиэхэ кэлиэҕэ» диэн суруллубутун курдук, Иисус осел оҕотун булан мииммитэ. 16Үөрэнээччилэрэ бастаан маны өйдөөбөтөхтөрө гынан баран, кэлин, Иисус албан аатырбытын кэннэ, Кини туһунан итинник суруллубутун уонна Кинини итинник көрсүбүттэрин өйдөөн кэлбиттэрэ.
17Иисуһу кытта урут бииргэ сылдьыбыт дьон Кини Лазары хоруобуттан ыҥыран таһааран тилиннэрбитин кэпсэл оҥостоллоро. 18Ол иһин, Кини ити дьиктини оҥорбутун истибит буолан, бар дьон Кинини көрсө утары тахсыбыта.
19«Тугу да ситиспэтэхпитин көрбөккүт дуо? – диэн фарисейдар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэллэрэ. – Дойду дьоно бүттүүнэ Кинини батыста!»
Омуктар Иисус Христоһу көрдүүллэр
20Бырааһынньыкка Таҥараҕа үҥэ кэлбит дьонтон сорохторо атын омуктар этилэр. 21Кинилэр Галилея Вифсаидатыттан сылдьар Филипкэ тиийэн: «Тойон, биһиги Иисуһу көрүөхпүтүн баҕарабыт», – диэн көрдөспүттэрэ. 22Филипп баран ол туһунан Андрейга тиэрдибитэ; оттон Андрейдаах Филипп бэйэлэрэ Иисуска эппиттэрэ.
23«Киһи Уола килбиэнин көрдөрөр кэмэ кэллэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – 24Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: сэлиэһинэй туораҕа буорга түһэн баран өлбөтөҕүнэ, соҕотоҕун хаалар; оттон өллөҕүнэ, элбэх аһы биэрэр. 25Олоҕун таптыыр киһи олоҕун сүтэриэҕэ, оттон бу дойдутааҕы олоҕун абааһы көрөр киһи олоҕун бараммат олоххо анаан быыһыаҕа. 26Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».
Иисус Христос өлөрүн эрдэттэн этэр
27«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт. 28Аҕаа! Бэйэҥ ааккын албан аатырт».
Маны эппитигэр халлаантан: «Албан аатыртым, өссө даҕаны албан аатырдыам!» – диир саҥа иһиллибитэ.
29Онно турар дьон ити саҥаны истэн, этиҥ эттэ дэспиттэрэ, сорохторо Аанньал Кинини кытта кэпсэттэ диэн быһаарбыттара.
30Бу эппиттэригэр хоруйдаан Иисус: «Бу саҥа Мин туспар буолбатах, норуот туһугар иһилиннэ, – диэбитэ. – 31Аан дойду дьүүллэнэр кэмэ кэллэ, билигин бу аан дойду баһылыга киэр үүрүллүөҕэ. 32Онтон Миигин сиртэн үөһэ таһаардахтарына, Мин барыларын Бэйэбэр тардыаҕым».
33Итини Иисус хайдах өлүөхтээҕин өйдөтөн эппитэ.
34«Христос үйэлэр тухары баар буоларын Сокуонтан билэбит, – диэбитэ норуот, – оччоҕо Киһи Уола үөһэ таһаарыллыахтаах диэн Эн хайдах этэҕиний? Киһи Уола кимий?»
35Иисус эппитэ: «Сырдык эһиэхэ баар буола сылдьар кэмэ кылгаата. Эһиги, хараҥаҕа былдьаппат туһугар, сырдыкка сылдьыҥ; хараҥаҕа сылдьар киһи ханна баран иһэрин билбэт. 36Сырдык эһиэхэ баарына, сырдыкка итэҕэйиҥ, оччоҕуна сырдык уолаттара буолуоххут». Маны этэн баран, Иисус баран хаалбыта. Кини ханна барбытын ким да билбэтэҕэ.
Иудейдар итэҕэйбэттэр
37Итиччэ элбэх дьиктини оҥорбутун үрдүнэн, кинилэр Иисуһу итэҕэйбэт этилэр. 38Онон Исайя пророк: «Айыы Тойон! Биһигиттэн истибитин ким итэҕэйдэ? Айыы Тойон күүһүн ким көрдө?» – диэн эппитэ туолбута. 39Кинилэр итэҕэйэр кыахтара суоҕа, тоҕо диэтэххэ, Исайя өссө маннык эппитэ: 40«Кини харахтарын көрбөт гыммыт, сүрэхтэрин тааһырпыт, онон харахтарынан да көрбөттөр, сүрэхтэринэн да өйдөөбөттөр; оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар – Миэхэ эргиллиэ этилэр, оччоҕо Мин кинилэри үтүөрдүөм этэ».
41Иисус кэрэмэн килбиэнин көрбүт буолан, Исайя Кини туһунан итинник эппитэ.
42Тойоттортон бэрт элбэх киһи Иисуһу итэҕэйбитэ эрээри, фарисейдартан куттанан, синагогаттан араарыллымаары, итэҕэйэллэрин биллэрбэттэр этэ. 43Кинилэр Таҥара хайҕалынааҕар дьон хайҕалын ордорбуттара.
Иисус Христос эппит тыла дьону дьүүллүөҕэ
44Иисус, бары истэллэрин курдук, доргуччу эппитэ: «Ким Миигин итэҕэйэр, ол Миигин буолбатах, Миигин Ыыппыты итэҕэйэр. 45Ким Миигин көрөр, ол Миигин Ыыппыты көрөр. 46Биир да Миигин итэҕэйэр киһи хараҥаҕа хаалбатын туһугар, Мин, сырдык, бу аан дойдуга кэлбитим. 47Оттон ким эмэ Мин этэр тылбын истэн баран, итэҕэйбэт буоллаҕына, кинини дьүүллээбэппин: Мин бу дойдуну, дьүүллүү буолбакка, быыһыы кэлбитим. 48Миигин киэр анньар, Мин тылбын ылыммат киһи бэйэтэ дьүүллээччилээх: Мин эппит тылым кинини тиһэх күҥҥэ дьүүллүөҕэ. 49Тоҕо диэтэххэ, Мин тугу да Бэйэм көҥүлбүнэн эппэтэҕим – Миигин Ыыппыт Аҕам тугу хайдах эт диэбитин эппитим. 50Кини кэриэһэ бараммат олоххо тиэрдэрин Мин билэбин, онон, Аҕам Миэхэ эппитин курдук, этэбин».
Currently Selected:
Иоанн 12: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022