1
Иоанн 16:33
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».
Compare
Explore Иоанн 16:33
2
Иоанн 16:13
Оттон Кини, кырдьык Тыына, кэллэҕинэ, эһигини бары кырдьыкка барытыгар үөрэтиэҕэ: Кини тугу этэрэ, ол Бэйэтин этиитэ буолуо суоҕа, Кини тугу истэрин эрэ этэн эһиэхэ кэнэҕэски кэми иһитиннэриэҕэ.
Explore Иоанн 16:13
3
Иоанн 16:24
Билиҥҥэ диэри эһиги Мин ааппар тугу да көрдөһө иликкит; көрдөһүҥ, оччоҕо ылыаххыт, оччоҕо үөрүүгүт толору буолуоҕа.
Explore Иоанн 16:24
4
Иоанн 16:7-8
Кырдьык этэбин: барарым эһиэхэ ордук буолуо; барбатахпына, Уоскутааччы кэлиэ суоҕа, оттон бардахпына, Мин Кинини эһиэхэ ыытыаҕым, оччоҕо Кини кэлэн, аан дойду дьоно аньыы, кырдьык уонна дьүүл туһунан сыыһа өйдөбүллээхтэрин саралыаҕа
Explore Иоанн 16:7-8
5
Иоанн 16:22-23
Ол курдук эһиги эмиэ билигин санааргыыгыт эрээри, Мин эһигини иккистээн көрүстэхпинэ, сүрэххит үөрүүнэн туолуоҕа, оччоҕо эһиги үөрүүгүтүн ким да былдьаан ылыа суоҕа. Ол күн Миигиттэн тугу да ыйыта барыаххыт суоҕа. Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Аҕабыттан Мин ааппар тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэриэҕэ.
Explore Иоанн 16:22-23
6
Иоанн 16:20
Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги ытаһыаххыт, кутурҕаҥҥа ылларыаххыт, оттон аан дойду үөрүөҕэ; ол эрээри эһиги төһө да санаарҕаабыккыт иһин, санаарҕабылгыт үөрүүгэ кубулуйуоҕа.
Explore Иоанн 16:20
Home
Bible
Plans
Videos