Иоанн 16
16
1Маны Мин эһиэхэ итэҕэлгит энчирээбэтин туһугар эттим. 2Эһигини синагогалартан үүртэлиэхтэрэ; оннооҕор эһигини өлөрөр ким баҕарар манан Таҥараҕа туһалыыбын дии саныыр кэмэ кэлэн иһэр. 3Кинилэр Мин Аҕабын да, Миигин да билбэт буолан, оннук быһыыланыахтара. 4Ол кэм кэллэҕинэ, эһиэхэ ол туһунан тугу эппиппин өйдүүргүт туһугар итини эттим. Эһигинниин бииргэ сылдьар буолан урут эппэтэҕим.
Сибэтиэй Тыын соруга
5Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат. 6Ол гынан баран маны эппитим кэннэ, эһиги сүрэххит курус санаанан туолла. 7Кырдьык этэбин: барарым эһиэхэ ордук буолуо; барбатахпына, Уоскутааччы кэлиэ суоҕа, оттон бардахпына, Мин Кинини эһиэхэ ыытыаҕым, 8оччоҕо Кини кэлэн, аан дойду дьоно аньыы, кырдьык уонна дьүүл туһунан сыыһа өйдөбүллээхтэрин саралыаҕа: 9аньыы туһунан – Миигин итэҕэйбэттэрин иһин; 10кырдьык туһунан – Мин Аҕабар барарым итиэннэ эһиги аны Миигин көрбөккүт иһин; 11дьүүл туһунан – бу аан дойду баһылыга дьүүллэммитин иһин.
12Өссө да элбэҕи этэрдээхпин эрээри, эһиги билигин ону барытын өйдүүр кыаххыт суох. 13Оттон Кини, кырдьык Тыына, кэллэҕинэ, эһигини бары кырдьыкка барытыгар үөрэтиэҕэ: Кини тугу этэрэ, ол Бэйэтин этиитэ буолуо суоҕа, Кини тугу истэрин эрэ этэн эһиэхэ кэнэҕэски кэми иһитиннэриэҕэ. 14Кини Мин этэрбин эһиэхэ иһитиннэрэн, Миигин албан аатырдыаҕа. 15Аҕабар туох баара барыта – Миэнэ, ол иһин Мин этэрбин эһиэхэ иһитиннэриэҕэ диэтим.
Санаарҕабыл уонна үөрүү
16Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын#16:16 Тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.».
17Маныаха сорох үөрэнээччилэрэ: «Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт уонна Мин Аҕабар барабын диэн ити тугу этэрий?» – дэһиспиттэрэ. 18Онон кинилэр: «Сотору диэн тугу этэрий? Тугу этэрин өйдөөбөппүт», – диэн кэпсэппиттэрэ.
19Кинилэр тугу ыйытыахтарын баҕаралларын билэн, Иисус эппитэ: «Эһиги бэйэ-бэйэҕититтэн сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт диэбиппин ыйыталаһаҕыт дуо? 20Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги ытаһыаххыт, кутурҕаҥҥа ылларыаххыт, оттон аан дойду үөрүөҕэ; ол эрээри эһиги төһө да санаарҕаабыккыт иһин, санаарҕабылгыт үөрүүгэ кубулуйуоҕа. 21Дьахтар, төрүүр кэмэ кэллэҕинэ, эрэйи көрөр, оттон оҕолонноҕуна, күн сиригэр саҥа киһи кэлбит үөрүүтүттэн эрэйин сонно умнан кэбиһэр. 22Ол курдук эһиги эмиэ билигин санааргыыгыт эрээри, Мин эһигини иккистээн көрүстэхпинэ, сүрэххит үөрүүнэн туолуоҕа, оччоҕо эһиги үөрүүгүтүн ким да былдьаан ылыа суоҕа. 23Ол күн Миигиттэн тугу да ыйыта барыаххыт суоҕа. Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Аҕабыттан Мин ааппар тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэриэҕэ. 24Билиҥҥэ диэри эһиги Мин ааппар тугу да көрдөһө иликкит; көрдөһүҥ, оччоҕо ылыаххыт, оччоҕо үөрүүгүт толору буолуоҕа.
Бу дойдуну хотуу
25Баччааҥҥа диэри маны барытын эһиэхэ таайтаран, домохторунан кэпсээн кэллим, ол эрээри аны Аҕам туһунан домоҕо суох аһаҕастык этэр кэмим кэлэн иһэр. 26Ол күн эһиги Киниттэн Мин ааппын ааттаан туран көрдөһүөххүт, эһиги тускутугар Аҕабыттан Мин көрдөһүөм диэн эппэппин. 27Эһиги Миигин таптаабыккыт, Мин Таҥараттан кэлбиппин итэҕэйбиккит иһин, Аҕам эһигини таптыыр. 28Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
29Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ: «Бу билигин ханнык да домоҕунан кэпсээбэккэ, аһаҕастык этэҕин. 30Билигин биһиги Эн тугу барытын билэргин, киһи Эйигиттэн ыйытарыгар наадыйбаккын билэн, Таҥараттан кэлбиккин итэҕэйэбит».
31«Билигин итэҕэйэҕит дуо? – диэбитэ Иисус. – 32Кэм-кэрдии уолдьаһан эрэр, хайыы-үйэ уолдьаста даҕаны: эһиги, Миигин соҕотохтуу хаалларан, хас биирдиигит бэйэҕит суолгутунан барыаххыт; ол эрээри, Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин кытта Аҕам баар.
33Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».
Currently Selected:
Иоанн 16: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022