YouVersion Logo
Search Icon

Иоанн 17

17
Иисус Христос үҥүүтэ
1Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр. 2Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ. 3Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
4Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум. 5Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.
6Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар. 7Эн Миэхэ биэрбитиҥ барыта Эйиэнэ буоларын кинилэр билигин дьэ өйдөөтүлэр; 8Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.
9Мин кинилэр тустарыгар көрдөһөбүн: бүтүн аан дойду туһугар буолбатах, Миэхэ Эн биэрбит дьонуҥ туһугар көрдөһөбүн – кинилэр Эйиэннэрэ буолаллар эбээт. 10Миэнэ барыта – Эйиэнэ, Эйиэнэ эмиэ Миэнэ; Мин албан аатым килбиэнин кинилэр көрдөрдүлэр.
11Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа#17:11 Кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатын күүһүнэн араҥаччылаа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «кинилэри Миэхэ биэрбит аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа».. 12Мин бу дойдуга#17:12 Бу дойдуга – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. кинилэрдиин бииргэ сылдьан, кинилэри Эн аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаатым; кинилэри, Эн Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Мин харыстаан илдьэ сырыттым, онон өлөргө анаммыттан ураты кинилэртэн ким да өлбөтө. Суруйууларга этиллибит туолла.
13Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин. 14Мин кинилэргэ Эн тылгын тиэртим; Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтарын иһин, аан дойду кинилэри абааһы көрдө. 15Бу дойдуттан кинилэри ыл диэн көрдөспөппүн – кинилэри хара дьайтан араҥаччылаа диэн көрдөһөбүн. 16Мин бу дойду буолбатаҕым курдук, кинилэр эмиэ бу дойду буолбатахтар. 17Эн кинилэри Бэйэҥ кырдьыгыҥ күүһүнэн сибэтии гын: Эн тылыҥ дьиҥ кырдьыктаах. 18Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым. 19Кинилэр тустарыгар – Эн кырдьыгыҥ кинилэри сибэтии гынарын туһугар, Мин Бэйэбин Эйиэхэ аныыбын.
20Мин кинилэр тустарыгар эрэ буолбатах, кинилэртэн истэн Миигин итэҕэйээччилэр тустарыгар эмиэ көрдөһөбүн; 21бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин. 22Эн Биһикки биирбит курдук кинилэр эмиэ биир буолалларын туһугар, Эн Миэхэ биэрбит килбиэҥҥин Мин кинилэргэ биэрдим. 23Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.
24Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр. 25Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр. 26Мин кинилэр сүрэхтэригэр баарым курдук, Эн Миигин таптаабыт тапталыҥ эмиэ кинилэр сүрэхтэригэр баар буоларын туһугар, Мин кинилэргэ Эн ааккын арыйбытым уонна арыйыам даҕаны».

Currently Selected:

Иоанн 17: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in