YouVersion Logo
Search Icon

Иоанн 18

18
Иисус Христоһу туталлар
1Иисус маны этэн баран, үөрэнээччилэрин кытта, Кедрон үрүйэтин уҥуордаан, саад баар сиригэр тиийэн киирбиттэрэ. 2Кини үөрэнээччилэриниин онно үгүстүк мустубут буолан, Кинини таҥнарыахтаах Иуда эмиэ ол сири билэрэ. 3Онон Иуда Рим буойуннарын этэрээтин, архиерейдар, фарисейдар ыыппыт харабылларын илдьэ, банаарданан, уоттанан, сэптэнэн-сэбиргэллэнэн онно тиийэн кэлбиттэрэ.
4Иисус, Кинини туох күүтэрин билэ-билэ, утары тахсан: «Кими көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта.
5«Иисус Назорейы», – дэспиттэрэ кэлбит дьон.
«Мин бу баарбын», – диэбитэ Иисус. Кинини таҥнарбыт Иуда эмиэ олору кытта турара. 6Иисус «Мин бу баарбын» диэбитигэр кинилэр кэннилэринэн чугурус гынан, сууллан түспүттэрэ.
7Иисус иккиһин: «Кими көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта.
«Иисус Назорейы», – диэбиттэрэ.
8«Эһиэхэ эттим ээ: Мин бу баарбын, – диэбитэ Иисус. – Миигин көрдүүр буоллаххытына, атыттары тыытымаҥ, бардыннар». (9Онон Кини «Миэхэ биэрбит дьоҥҥуттан хайаларын да сүтэрбэтим» диэн эппитэ туолбута.) 10Симон Петр илдьэ сылдьар батаһын кыыныттан таһааран, архиерей кулутун уҥа кулгааҕын быһа охсубута. Кулут аата Малх диэн этэ.
11«Батаскын кыыныгар ас, – диэбитэ Иисус Петрга. – Аҕам Миэхэ биэрбит иһититтэн Мин ама иһиэм суоҕа дуо?»
Иисус Христоһу архиерейга илдьэллэр
12Рим буойуннара тойоннорун уонна иудей харабыллары кытта, бары бииргэ саба түһэн, Иисуһу кэлгийбиттэрэ. 13Кинини бастаан Аннаҕа, ол сыл архиерей буолбут Каиафа аҕа кынныгар, илдьибиттэрэ. 14Каиафа буоллаҕына били иудейдарга норуот туһугар биир киһи өлбүтэ ордук диэн сүбэлээбит киһи этэ.
Петр бастакы мэлдьэһиитэ
15Симон Петр атын биир үөрэнээччини кытта Иисуһу батыһан барбыттара; ол үөрэнээччи архиерейы билэр буолан, кини Иисуһу кытта архиерей тиэргэнигэр киирсибитэ; 16Петр тиэргэҥҥэ киирэр халҕан аан таһыгар туран хаалбыта. Онтон архиерейы билэр үөрэнээччи тахсан аан харабыла дьахтарга этэн, Петры иһирдьэ киллэртэрбитэ.
17Халҕан ааны харабыллыыр кулут дьахтар Петртан: «Эн эмиэ ити Киһи үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Эчи суох», – диэбитэ Петр.
18Тымныы этэ. Кулуттар харабыллары кытта чоҕунан кулуһун уотун күөдьүтэн иттэ тураллара. Петр эмиэ кинилэр аттыларыгар иттэ турбута.
Архиерей Иисус Христоһу доппуруостуур
19Архиерей Иисустан үөрэнээччилэрин уонна үөрэтэр үөрэҕин туһунан ыйыппыта.
20«Мин барытын дьоҥҥо аһаҕастык этэрим, – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Иудейдар бары мунньустар сирдэригэр – синагогаларга уонна Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрим. Мин тугу да кистээн үөрэппэтэҕим. 21Тоҕо Миигиттэн ыйытаҕын? Истибит дьонтон ыйыт; тугу эппиппин кинилэр билэллэр».
22Инньэ диэбитигэр чугас турар харабыл: «Архиерейга итинник хоруйдуугун дуо?» – диэн баран, Иисуһу сирэйгэ охсубута.
23Иисус киниэхэ эппитэ: «Сыыһа эппит буоллахпына, сыыһабын ый, оттон сөпкө эппит буоллахпына, Миигин тоҕо охсоҕун?»
24Анна Кинини, кэлгиэтин сүөрбэккэ эрэ, Каиафа архиерейга ыыппыта.
Петр иккис уонна үһүс мэлдьэһиитэ
25Симон Петр тиэргэҥҥэ иттэ турбута. Ол турдаҕына: «Эн эмиэ Кини үөрэнээччитэ этиҥ буолбат дуо?» – диэн ыйыппыттара.
Петр мэлдьэһэн: «Эчи суох», – диэн хоруйдаабыта.
26Архиерей биир кулута, били Петр батаһынан кулгааҕын быһа охсубут киһитин уруута: «Эн Кинини кытта саад иһигэр тураргын көрбүтүм буолбат дуо?» – диэбитэ. 27Петр эмиэ мэлдьэспитэ, сонно тута бөтүүк хаһыытаабыта.
Пилат дыбарыаһыгар
28Каиафаттан Иисуһу Рим анаабыт баһылыгын дыбарыаһыгар илдьэ барбыттара. Сарсыарда этэ. Паасха аһын аһыахтаах иудейдар, киртийимээри, дыбарыаска киирбэтэхтэрэ. 29Пилат утары тахсан: «Бу Киһини туохха буруйдуугутуй?» – диэн ыйыппыта.
30«Буруйу оҥорботоҕо эбитэ буоллар, биһиги Кинини эйиэхэ аҕалыахпыт суоҕа этэ», – диэн хоруйдаабыттара.
31«Кинини Бэйэҕит ылан, сокуоҥҥут ирдэбилинэн дьүүллээҥ», – диэбитэ Пилат.
«Биһиги кими да өлөрөрбүт көҥүллэммэт», – иудейдар утарбыттара. (32Ити курдук Иисус Бэйэтэ хайдах өлүөхтээҕин өтө көрөн эппитэ туолар буолбута.)
33Пилат дыбарыаска төттөрү киирэн Иисуһу ыҥыран ылан: «Эн, кырдьык, Иудей Ыраахтааҕытынаҕын дуо?» – диэн ыйыппыта.
34«Бэйэҥ маннык ыйытаҕын дуу, атыттар эйиэхэ Мин туспунан итинник эппиттэрэ дуу?» – диэн хоруйдаабыта Иисус.
35«Мин иудей үһүбүн дуо? – диэбитэ Пилат. – Эйигин миэхэ Бэйэҥ норуотуҥ, архиерейдар тутан биэрдилэр. Эн тугу оҥорбуккунуй?»
36«Мин Саарыстыбам бу дойду Саарыстыбата буолбатах, – Иисус хоруйдаабыта. – Бу дойду киэнэ эбитэ буоллар, дьонум Миигин иудейдарга биэрбэт туһугар туруулаһыа этилэр. Ол гынан баран Мин Саарыстыбам билигин манна буолбатах».
37«Ол аата Эн Ыраахтааҕы буоллаҕыҥ дии?» – Пилат ыйыппыта.
«Ыраахтааҕыгын диэн эн этэҕин, – диэбитэ Иисус. – Мин кырдьык туһунан туоһулаары төрөөбүтүм, ол туһугар бу дойдуга кэлбитим; кырдьыгы таптыыр киһи Мин саҥабын истэр».
38«Кырдьык диэн тугуй?» – диэбитэ Пилат.
Өлөрөргө ууруу
Инньэ диэн баран, эмиэ иудейдарга тахсан: «Кини туох да буруйдааҕын булбатым, – диэбитэ. – 39Эһиги Паасха аайы миэхэ биир киһини босхолотторор үгэстээххит, онон эһиэхэ иудей Ыраахтааҕытын босхолуохпун баҕараҕыт дуо?»
40Бары эмиэ күргүөмүнэн: «Ити Киһини буолбатах, Варавваны босхолоо!» – диэн үөгүлэспиттэрэ. Варавва ороспуой этэ.

Currently Selected:

Иоанн 18: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in