1
Иоанн 6:35
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Мин олох килиэбинэбин. Миэхэ кэлэр киһи аччыктыа суоҕа, Миигин итэҕэйэр киһи хаһан да утатыа суоҕа.
Compare
Explore Иоанн 6:35
2
Иоанн 6:63
Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар.
Explore Иоанн 6:63
3
Иоанн 6:27
Эһиги курсуйар аска буолбакка, бараммат олоххо тиксэрэр аска кыһаллар буолуҥ. Оннук аһы эһиэхэ Киһи Уола биэриэҕэ: Аҕата Таҥара Кинини Бэйэтин бэчээтинэн бэлиэтээбитэ».
Explore Иоанн 6:27
4
Иоанн 6:40
Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».
Explore Иоанн 6:40
5
Иоанн 6:29
«Таҥара Ыыппытын итэҕэйиҥ, ол буолуо – Таҥара сөбүлүүр дьайыытын оҥоруу», – диэбитэ Иисус.
Explore Иоанн 6:29
6
Иоанн 6:37
Аҕам Миэхэ тугу биэрэрэ барыта Миэхэ кэлиэҕэ, Миэхэ кэлээччини Мин киэр үүрүөм суоҕа
Explore Иоанн 6:37
7
Иоанн 6:68
Симон Петр эппитэ: «Тойоммуот, Эйигиттэн тэйэммит кимиэхэ барыахпытый? Бараммат олох тылларын Эн билэҕин эбээт.
Explore Иоанн 6:68
8
Иоанн 6:51
Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».
Explore Иоанн 6:51
9
Иоанн 6:44
Миигин ыыппыт Аҕам ыҥырбатах буоллаҕына, Миэхэ ким да кэлэр кыаҕа суох; Миэхэ кэлбит киһини Мин тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим.
Explore Иоанн 6:44
10
Иоанн 6:33
Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».
Explore Иоанн 6:33
11
Иоанн 6:48
Мин олох килиэбинэбин.
Explore Иоанн 6:48
12
Иоанн 6:11-12
Иисус килиэби ылан Таҥараҕа махтанан баран, үөрэнээччилэригэр үллэрбитин кинилэр олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ; балыгы эмиэ ким төһөнү баҕарарынан үллэрбиттэрэ. Топпуттарын кэннэ, Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ордубут аһы тугу да хаалларбакка, хомуйан ылыҥ».
Explore Иоанн 6:11-12
13
Иоанн 6:19-20
Көс аҥаарын курдугу устан баран, Иисус муора устун хааман иһэрин, оҥочолоругар чугаһаабытын көрөн уолуйа куттаммыттара. «Куттанымаҥ, бу – Мин», – диэбитэ Иисус.
Explore Иоанн 6:19-20
Home
Bible
Plans
Videos