Иоанн 6
6
Биэс тыһыынча киһини аһатыы
1Бу кэнниттэн Иисус Галилея муоратын уҥуоргу кытылыгар, Тивериада уобалаһыгар барбыта. 2Ыарыһахтары дьиктитик үтүөрдэрин көрөн, Кинини элбэх киһи батыспыта. 3Иисус үөрэнээччилэрин кытта хайаҕа тахсан олорбута. 4Иудей бырааһынньыга Паасха чугаһаан турар кэмэ этэ.
5Иисус төбөтүн өндөтөн, элбэх киһи кэлэн иһэрин көрөн, Филипкэ эппитэ: «Дьону аһатарга хантан килиэп атыылаһабытый?» (6Кинилэри тургутан көрөн итинник ыйыппыта, дьиҥэр, тугу гынарын Бэйэтэ билэр этэ.)
7«Икки сүүс динарийга#6:7 Икки сүүс динарий – үлэһит аҕыс ыйдаах хамнаһа. атыыластахха даҕаны син биир барыларыгар тиийбэт, – диэбитэ Филипп. – Киһи аайы тооромос да тиксиэ суоҕа».
8Үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, Симон Петр быраата Андрей, Иисуска эппитэ: 9«Манна биир уолчаан биэс дьэһимиэн килиэптээх, икки балыктаах эбит. Бачча элбэх дьоҥҥо ол ас үһү дуо?»
10«Дьону олордуталааҥ», – диэбитэ Иисус. (Хойуу оттоох сир этэ.) Барыта биэс тыһыынча кэриҥэ киһи олорбута. 11Иисус килиэби ылан Таҥараҕа махтанан баран, үөрэнээччилэригэр үллэрбитин кинилэр олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ; балыгы эмиэ ким төһөнү баҕарарынан үллэрбиттэрэ.
12Топпуттарын кэннэ, Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ордубут аһы тугу да хаалларбакка, хомуйан ылыҥ». 13Онон биэс дьэһимиэн килиэптэн туох ордубутун хомуйан, уон икки тымтайы толорбуттара.
14Иисус дьиктини оҥорбутун көрөн олорбут дьон: «Бу дойдуга кэлиэхтээх Пророк чахчы бу Кини эбит!» – диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. 15Кэлэн Кинини тутан ылан баран, норуокка «Бу – биһиги ыраахтааҕыбыт» диэри гыналларын билэн, Иисус эмиэ соҕотоҕун хайаҕа тахсыбыта.
Уу устун хаамыы
16Киэһэрбитин кэннэ, үөрэнээччилэрэ муораҕа киирбиттэрэ, 17оҥочолоругар олорон, уҥуор баар Капернаумҥа устубуттара. Хараҥаран эрэрэ, Иисус буоллаҕына өссө да кэлэ илигэ. 18Күүстээх тыал түһэн, муора бааллыран барбыта. 19Көс аҥаарын курдугу устан баран, Иисус муора устун хааман иһэрин, оҥочолоругар чугаһаабытын көрөн уолуйа куттаммыттара. 20«Куттанымаҥ, бу – Мин», – диэбитэ Иисус. 21Кинини олордоору гыммыттара да, оҥочолоро ол кэмҥэ тиийиэхтээх кытылыгар тиксэ охсон хаалбыта.
22Нөҥүө күнүгэр муора уҥуоргу кытылыгар хаалбыт дьон онно Кини үөрэнээччилэрэ киирбит соҕотох оҥочолоруттан ураты атын оҥочо суоҕун, Иисус#6:22 Онно Кини үөрэнээччилэрэ киирбит соҕотох оҥочолоруттан ураты атын оҥочо суоҕун, Иисус… – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Онно биир эрэ оҥочо баарын, Иисус…» үөрэнээччилэрин кытта олорсубатаҕын, кинилэр бэйэлэрэ эрэ устан барбыттарын көрбүттэрэ. 23Ол ыккардыгар Айыы Тойон алҕаабыт килиэбин сиэбит сирдэрин аттыгар Тивериадаттан эбии атын оҥочолор кэлитэлээбиттэрэ. 24Иисус Бэйэтэ да, үөрэнээччилэрэ да манна суохтарын көрөн, кэлбит дьон оҥочолоругар олорон, Иисуһу көрдүү Капернаумҥа устубуттара.
Олох килиэбэ
25Кини муора уҥуоргу кытылыгар сылдьарын булан, дьиктиргээн: «Равви! Эн манна хаһан кэлбиккиний?» – диэн ыйыппыттара.
26«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги Мин оҥорбут дьиктилэрбин өйдөөн буолбакка, килиэби тото сиэбит буолаҥҥыт, Миигин көрдүүгүт. 27Эһиги курсуйар аска буолбакка, бараммат олоххо тиксэрэр аска кыһаллар буолуҥ. Оннук аһы эһиэхэ Киһи Уола биэриэҕэ: Аҕата Таҥара Кинини Бэйэтин бэчээтинэн бэлиэтээбитэ».
28Кинилэр Иисустан: «Таҥара сөбүлүүр дьайыыларын оҥорор туһугар биһиги тугу гынабытый?» – диэн ыйыппыттара.
29«Таҥара Ыыппытын итэҕэйиҥ, ол буолуо – Таҥара сөбүлүүр дьайыытын оҥоруу», – диэбитэ Иисус.
30«Биһиги көрөн итэҕэйэрбит туһугар, Эн биһиэхэ туох дьикти бэлиэни көрдөрүөххүн сөбүй? – кинилэр ыйыппыттара. – Туох эмэ дьиктини оҥорон көрдөрүөҥ дуо? 31„Кинилэри аһатаары Халлаантан килиэп түһэрэн биэрдэ“ диэн суруллубутунуу, өбүгэлэрбит кураайы куйаарга сылдьан Халлаантан түспүт мааннаны сиэбиттэрэ дии».
32Иисус эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: килиэби Халлаантан Моисей ылан биэрбэтэҕэ, Мин Аҕам Халлаантан эһиэхэ дьиҥнээх килиэби биэрэр. 33Кини, Халлаантан Түһээччи, аан дойдуга Олоҕу Биэрээччи, Таҥара килиэбэ буолар».
34«Оо, Тойоммуот! – диэбиттэрэ. – Биһиэхэ оннук килиэби өрүүтүн биэрдэргин».
35Иисус кинилэргэ эппитэ: «Мин олох килиэбинэбин. Миэхэ кэлэр киһи аччыктыа суоҕа, Миигин итэҕэйэр киһи хаһан да утатыа суоҕа. 36Ол эрээри эһиги Миигин көрөн да баран, итэҕэйбэккит диэн, Мин эһиэхэ этэн турабын. 37Аҕам Миэхэ тугу биэрэрэ барыта Миэхэ кэлиэҕэ, Миэхэ кэлээччини Мин киэр үүрүөм суоҕа: 38Мин Бэйэм көҥүлбүн толоро буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толоро халлаантан түспүтүм. 39Мин Кини биэрбититтэн тугу да сүтэриэ суохтаахпын, тиһэх күҥҥэ ону барытын тилиннэриэхтээхпин. Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ итинник. 40Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».
41Кини «Мин Халлаантан түспүт килиэппин» диэбититтэн кыйаханан, иудейдар бэйэлэрин ыккардыларыгар мөҥүттэн барбыттара: 42«Бу Иосиф уола Иисус буолбатах этэ дуо, аҕатын да, Ийэтин да биһиги билэбит буолбаат? Уонна баран хайдах „Мин Халлаантан түспүтүм“ диирий?»
43«Мөҥүттүмэҥ, – диэбитэ Иисус, – 44Миигин ыыппыт Аҕам ыҥырбатах буоллаҕына, Миэхэ ким да кэлэр кыаҕа суох; Миэхэ кэлбит киһини Мин тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим. 45Пророктар кинигэлэригэр „Барыларын Таҥара үөрэтиэҕэ“ диэн суруллубута, онон Аҕам этэрин истэн үөрэммит киһи барыта Миэхэ кэлэр. 46Ол аата ким эрэ Аҕаны көрбүт диэн буолбатах, Таҥараттан Кэлбиттэн ураты атын ким даҕаны Аҕаны көрбөтөҕө – Кини эрэ көрбүтэ. 47Дьиҥ кырдьыгы этэбин эһиэхэ: ким Миигин итэҕэйэр#6:47 Ким Миигин итэҕэйэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «ким итэҕэйэр»., ол бараммат олохтоох. 48Мин олох килиэбинэбин. 49Эһиги өбүгэлэргит кураайы куйаарга сылдьан мааннаны сиэбиттэрэ гынан баран, син биир өлбүттэрэ; 50оттон бу Халлаантан түһэр килиэп оннук буолбатах: бу килиэби сиир киһи өлүө суоҕа. 51Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».
52Онуоха иудейдар икки ардыларыгар мөккүөр саҕаламмыта. «Бэйэтин Этин ол биһиэхэ хайдах сиэтэрий?» – диэн кинилэр абарбыттара.
53Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһиги Киһи Уолун Этин сиэбэт, Кини Хаанын испэт буоллаххытына, искитигэр бараммат олохтонуоххут суоҕа. 54Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи бараммат олохтоох – Мин кинини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим. 55Мин Этим-сииним дьиҥ аһылык, Мин Хааным дьиҥ утах буолар. 56Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи Миигин кытта биир буолар, Мин эмиэ кинини кытта бииргэбин. 57Олоҕу биэрэр Аҕам Миигин ыыппытын, Мин Аҕабынан олорорум курдук, Миигинэн аһылыктанааччы эмиэ Миигинэн олоруоҕа. 58Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын#6:58 Маанналарын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «килиэптэрин». курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа». 59Маны Иисус Капернаумҥа синагогаҕа үөрэтэригэр эппитэ.
Бараммат олох тыллара
60Үгүс үөрэнээччитэ итини истэн: «Туох муокас тылларай! Итини ким кыайан истиэҕэй?» – дэһиспиттэрэ.
61Үөрэнээччилэрэ итинник муҥатыйалларын билэн, Иисус эппитэ: «Бу эппиппин истэн дьулайдыгыт дуу? 62Арай Киһи Уола урут сылдьыбыт сиригэр үөһэ тахсарын көрүҥ, оччоҕо тугуй? 63Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар. 64Ол да буоллар итэҕэйбэт дьон эһиэхэ эмиэ бааллар». (Ким итэҕэйбэтин, Кинини таҥнарыахтааҕын Иисус хара маҥнайгыттан билэр этэ.)
65Итиэннэ эппитэ: «Аҕабыттан бэриллибэтэх буоллаҕына, ким даҕаны Миэхэ кэлэр кыаҕа суох диэн, Мин ол иһин эһиэхэ эппитим».
66Мантан ыла бэрт элбэх үөрэнээччитэ тэйэн, Кинини кытта бииргэ сылдьыбат буолбуттара. 67Иисус Уон Иккиэлэриттэн: «Эһиги эмиэ Миигиттэн тэйиэххитин баҕарбаккыт дуо?» – диэн ыйыппыта.
68Симон Петр эппитэ: «Тойоммуот, Эйигиттэн тэйэммит кимиэхэ барыахпытый? Бараммат олох тылларын Эн билэҕин эбээт. 69Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын#6:69 Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Эн Таҥара Сибэтиэйэ буоларгын» эбэтэр «Эн Христос, Таҥара Сибэтиэйэ буоларгын». биһиги итэҕэйдибит да, биллибит да».
70«Мин эһигини Уон Иккиэҥҥитин Апостолларынан талбатаҕым этэ дуо? Ол эрээри эһигиттэн бииргит – адьарай», – диэбитэ Иисус. 71Кини манан Симон Искариот уолун Иуданы сирэйдээн эппитэ. Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Иуда, Иисуһу таҥнарар санаалааҕа.
Currently Selected:
Иоанн 6: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022