Иисус төбөтүн өндөтөн, дьахтартан ураты атын ким да суоҕун көрөн: «Буруйдааччыларыҥ ханналарый? Ким даҕаны эйигин дьүүллээбэтэ дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта.
«Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».