1
Лука 11:13
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Онон бэл эһиги, мөкү дьон, оҕолоргутугар туох эрэ үчүгэйи биэрэри сатыыр буоллаххытына, Халлааннааҕы Аҕаҕыт Киниттэн көрдөһөөччүлэргэ оннооҕор ордугу – Сибэтиэй Тыыны – биэриэҕэ».
Compare
Explore Лука 11:13
2
Лука 11:9
Онон Мин эһиэхэ этэбин: көрдөһүҥ – оччоҕо эһиэхэ бэриллиэҕэ; көрдөөҥ – оччоҕо булуоххут; тоҥсуйуҥ – оччоҕо эһиэхэ ааны аһыахтара
Explore Лука 11:9
3
Лука 11:10
көрдөһөр киһи ылар, көрдөөччү булар, оттон тоҥсуйааччыга аһаллар.
Explore Лука 11:10
4
Лука 11:2
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Үҥэргитигэр маннык этэр буолуҥ: Халлааҥҥа баар Аҕабыт! Эн аатыҥ айхалланыахтын, Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин, Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ Эн көҥүлүҥ буолуохтун.
Explore Лука 11:2
5
Лука 11:4
Итиэннэ биһиэхэ иэстээхтэри биһи да бырастыы гынарбыт курдук, Эн эмиэ биһиги аньыыбытын бырастыы гын; уонна аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа».
Explore Лука 11:4
6
Лука 11:3
Күннээҕи тыын килиэппитин бүгүн биһиэхэ биэр.
Explore Лука 11:3
7
Лука 11:34
Киһи этин-сиинин хараҕа сырдатар; хараҕыҥ ыраас буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ сырдык буолуоҥ, оттон хараҕыҥ куһаҕан буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ хараҥа буолуоҥ.
Explore Лука 11:34
8
Лука 11:33
Ким даҕаны сибэтиилинньиги уматан баран, түгэх муннукка эбэтэр иһит анныгар кистии уурбат, киирээччилэр сырдыгы көрдүннэр диэн, олоҕор туруорар.
Explore Лука 11:33
Home
Bible
Plans
Videos