Лука 11
11
Таҥараҕа үҥүү туһунан
1Биирдэ маннык буолбута. Кини биир сиргэ тохтоон Таҥараҕа үҥпүтүн кэннэ, үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ көрдөспүтэ: «Тойоммуот, Иоанн үөрэнээччилэрин үөрэппитин курдук, Эн эмиэ биһигини үҥэргэ үөрэт эрэ».
2Иисус кинилэргэ эппитэ: «Үҥэргитигэр маннык этэр буолуҥ: Халлааҥҥа баар Аҕабыт!#11:2 Халлааҥҥа баар Аҕабыт! – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Аҕаа!» Эн аатыҥ айхалланыахтын, Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин, Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ Эн көҥүлүҥ буолуохтун#11:2 Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ Эн көҥүлүҥ буолуохтун – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. 3Күннээҕи тыын килиэппитин бүгүн биһиэхэ биэр. 4Итиэннэ биһиэхэ иэстээхтэри биһи да бырастыы гынарбыт курдук, Эн эмиэ биһиги аньыыбытын бырастыы гын; уонна аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа#11:4 Уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан харыстаа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «уонна биһигини аньыы угаайытыгар киллэримэ».».
5Онтон эппитэ: «Арай эһигиттэн хайаҕыт эмэ түүн үөһэ доҕоругар тиийэн: „Доҕоор! Миэхэ үс килиэптэ иэһээ эрэ, 6доҕорум айаннаан иһэн таарыйда, аһатарбар тугум да суох“, – диэтин. 7Анарааҥҥыта дьиэ иһиттэн арай эттин: „Миигин аймаама, ааным хайыы-үйэ хатыылаах, оҕолорум бэйэбин кытта бииргэ утуйа сыталлар, онон хайдах да туран ылан биэрэр кыаҕым суох“. 8Эһиэхэ этэбин: өскөтө кини доҕордоһуугут туһугар туран биэрбэтэҕинэ, арахпакка көрдүүргүт иһин, туран төһөнү көрдүүргүтүн биэриэҕэ.
«Көрдөһүҥ – оччоҕо эһиэхэ бэриллиэҕэ»
9Онон Мин эһиэхэ этэбин: көрдөһүҥ – оччоҕо эһиэхэ бэриллиэҕэ; көрдөөҥ – оччоҕо булуоххут; тоҥсуйуҥ – оччоҕо эһиэхэ ааны аһыахтара; 10көрдөһөр киһи ылар, көрдөөччү булар, оттон тоҥсуйааччыга аһаллар. 11Эһигиттэн хайа аҕа уолугар, килиэп көрдөөтөҕүнэ, тааһы биэриэҕэй#11:11 Уолугар, килиэп көрдөөтөҕүнэ, тааһы биэриэҕэй – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., эбэтэр балык көрдөөтөҕүнэ, балык биэрэрин оннугар эриэн үөнү биэриэҕэй? 12Эбэтэр, сымыыт көрдөөтөҕүнэ, сүлүһүннээх ооҕуйу биэриэ дуу? 13Онон бэл эһиги, мөкү дьон, оҕолоргутугар туох эрэ үчүгэйи биэрэри сатыыр буоллаххытына, Халлааннааҕы Аҕаҕыт Киниттэн көрдөһөөччүлэргэ оннооҕор ордугу – Сибэтиэй Тыыны – биэриэҕэ».
Иисус Христос уонна Веельзевул
14Биирдэ Иисус киһиттэн тыла суох абааһыны үүрэн таһаарбыта. Абааһы тахсарын кытта, тыла суох киһи саҥарар буолбута; маны көрөн дьон сөрү диэн сөхпүттэрэ.
15Сорохторо: «Кини абааһылары абааһы тойоно Веельзевул күүһүнэн үүрэн таһаарар», – диэбиттэрэ, 16атыттара буоллаҕына Иисуһу холоон көрөн, Халлаантан дьикти бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйбуттара. 17Иисус кинилэр ис санааларын билэр буолан, эппитэ: «Иһиттэн икки аҥыы хайдыбыт ханнык баҕарар саарыстыба иччитэхсийэр, икки аҥыы барбыт ханнык баҕарар дьиэ сууллар. 18Син ол кэриэтэ сатана эмиэ иһиттэн икки аҥыы хайдар буоллаҕына, кини саарыстыбата хайдах тулуһуоҕай? Эһиги Миигин „Веельзевул күүһүнэн абааһылары үүртэлиир“ диигит. 19Мин Веельзевул күүһүнэн үүртэлиир буоллахпына, эһиги дьоҥҥут ким күүһүнэн кинилэри үүртэлииллэрий? Онон бэйэҕит дьоҥҥут эһигини дьүүллүөхтэрэ. 20Оттон Мин абааһылары Таҥара күүһүнэн үүрэн таһаартыыр буоллахпына, ол аата Таҥара Саарыстыбата эһиэхэ хайыы-үйэ кэлбит. 21Күүстээх киһи сааланан-саадахтанан дьиэтин мананар буоллаҕына, кини баайыгар-дуолугар куттал суоһаабат; 22оттон кинитээҕэр күүстээх киһи кэлэн саба түһэн кинини кыайдаҕына, били эрэммит саатын-саадаҕын былдьаан ылан, булумньутун атыттардыын үллэстиэҕэ.
23Ким Миигинниин буолбатах, ол Миигин утарар, ким Миигинниин хомуйсубат, ол ыһар.
Быртах тыын төннүүтэ
24Быртах тыын киһиттэн тахсан баран, уоскулаҥ көрдөөн кураайы сирдэри кэрийэр, уонна уоскулаҥ булбакка, „тахсыбыт дьиэбэр төннүүһүбүн“ диир; 25итиэннэ кэлэн, дьиэ харбаммытын, хомуллубутун көрөр; 26ол кэннэ баран бэйэтинээҕэр өссө өһүөннээх атын сэттэ тыыны аҕалан, кинилэри кытта киирэн онно олохсуйар, онон ол киһи туруга уруккутунааҕар өссө ордук мөлтүүр».
Таҥара тылын истэр уонна толорор дьон алгыстаахтар
27Кини маны этэ турдаҕына, дьон быыһыттан биир дьахтар улаханнык саҥа аллайбыта: «Оо, төһө эрэ алгыстаах Эйигин иһигэр илдьэ сылдьыбыт, Эйиэхэ эмиийин үүтүн иһэрпит ийэ!»
28Иисус эппитэ: «Таҥара тылын истэр уонна толорор дьон алгыстаахтар».
Иона пророк бэлиэтэ
29Онтон үтүмэн үгүс киһи үмүөрүспүтүгэр Иисус эппитэ: «Бу – буорту буолбут көлүөнэ. Кинилэр дьикти бэлиэни эрэйэллэр эрээри, Иона пророк бэлиэтиттэн#11:29 Иона пророк бэлиэтэ – Иона сүүнэ улахан балык иһигэр үс түүннээх күн сылдьыыта. атын бэлиэ кинилэргэ бэриллиэ суоҕа; 30Ниневия дьонугар Иона бэлиэ буолбутун курдук, бу көлүөнэҕэ Киһи Уола бэлиэ буолуоҕа. 31Соҕурууҥҥу сарыысса Дьүүл күнүгэр бу көлүөнэ дьонун кытта бииргэ туран кэлэн, кинилэри буруйдуоҕа. Кини бэл сир уһугуттан Соломон муударай тылын-өһүн истэ кэлэ сылдьыбыта, оттон манна Соломоннааҕар ордук улахан баар. 32Ниневия дьоно бу көлүөнэни кытта бииргэ Дьүүлгэ туран кэлэн, кинилэри буруйдуохтара. Ниневия олохтоохторо Иона этэрин истэн, аньыыларын билиммиттэрэ, оттон манна Ионатааҕар ордук улахан баар.
Киһи этин-сиинин сырдатааччы
33Ким даҕаны сибэтиилинньиги уматан баран, түгэх муннукка эбэтэр иһит анныгар кистии уурбат, киирээччилэр сырдыгы көрдүннэр диэн, олоҕор туруорар. 34Киһи этин-сиинин хараҕа сырдатар; хараҕыҥ ыраас буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ сырдык буолуоҥ, оттон хараҕыҥ куһаҕан буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ хараҥа буолуоҥ. 35Онон бэйэҕин көрүн: эн искэр баар сырдыгыҥ хараҥа буолбатаҕа буолуо дуо? 36Өскөтүн эн бүтүн бэйэҥ сып-сырдык, ханан да хараҥата суох буоллаххына, эйиэхэ сырдык сыдьаайбытын курдук, бүтүн бэйэҥ сырдыаҥ».
Фарисейдары уонна сокуонньуттары сэмэлээһин
37Иисус үөрэтэн бүппүтүгэр биир фарисей Кинини дьиэтигэр аһата ыҥырбыта. Иисус дьиэҕэ киирэн өттүгэстээн сыппыта. 38Кини аһыан иннинэ илиини суунуу сиэрин-туомун тутуспатаҕын көрөн, фарисей дьиктиргээбитэ.
39Айыы Тойон киниэхэ эппитэ: «Бу эһиги, фарисейдар, иһиккит-хомуоскут таһын ыраастанаҕыт, оттон искит бүтүннүү ымсыы санаа, өһүөн буолбут. 40Ньүдьү-балайдар! Иһинээҕитин эмиэ тас өттүн Айбыт айбатаҕа буолуо дуо? 41Иһиккитигэр-хомуоскутугар баартан ааспыкка-туорбукка бэрсиҥ, оччоҕо эһиэхэ барыта ыраас буолуоҕа.
42Сор-муҥ күүтэр эһигини, фарисейдар! Мятаттан, рутаттан, оҕуруоккут аһын арааһыттан уон гыммыт биирин биэрэҕит, оттон кырдьыктаах буолууну, Таҥараҕа тапталы таһы-быһа умнаҕыт; дьиҥэр, биирин толоро сылдьаҥҥыт, атынын да хаалларыа суохтаах этигит. 43Сор-муҥ күүтэр эһигини, фарисейдар! Эһиги синагогаларга бастыҥ олоххо олороргутун, болуоссаттарга уруйдатаргытын таптыыгыт. 44Сор-муҥ күүтэр эһигини, фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги, дьон билбэккэ, үрдүлэринэн хаама сылдьар хоруоптарын курдуккут».
45Маныаха сокуонньуттартан хайалара эрэ Киниэхэ: «Үөрэтээччи! Эн, итинник этэҥҥин, биһигини эмиэ хаарыйаҕын», – диэбитэ.
46«Эһигини эмиэ сор-муҥ күүтэр, сокуонньуттар! – диэбитэ Иисус. – Эһиги киһи кыайан сүкпэт сүгэһэрин дьоҥҥо сүктэрэҕит, бэйэҕит буоллаҕына тарбаххыт төбөтүнэн да ону таарыйан көрбөккүт. 47Сор-муҥ эһигини күүтэр – аҕаларгыт өлөртөөбүт пророктарыгар гробницалары тутаргыт иһин! 48Онон эһиги аҕаларгыт дьайыыларын биһирииргитин көрдөрөҕүт: кинилэр пророктары өлөртүүллэрэ, оттон эһиги кинилэр өлөрбүт пророктарыгар гробницалары тутаҕыт. 49Ол иһин Таҥара муудараһа эппитэ: „Кинилэргэ пророктары уонна Апостоллары ыытыаҕым, олортон сорохторун өлөрүөхтэрэ, сорохторун үүрүөхтэрэ; 50-51онон аан дойду айыллыаҕыттан тохтубут пророктар хааннара барыта, Авель хааныттан саҕалаан сиэртибэнньик уонна сибэтиэй сир икки ардыгар өлөрүллүбүт Захария хааныгар диэри, бу көлүөнэттэн ирдэниллиэҕэ“. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: ол хаан барыта субу көлүөнэттэн иэстэниллиэҕэ. 52Эһигини, сокуонньуттары, сор-муҥ күүтэр! Эһиги билии-көрүү күлүүһүн ылан баран, бэйэҕит да киирбэтэххит, киириэн да баҕалаахтары киллэрбэтэххит».
53Иисус маны эппитигэр сокуонньуттар уонна фарисейдар кыһарыйан туран, Киниттэн элбэҕи ыйытан киирэн барбыттара; 54тугу эмэни сыыһа-халты этиттэрэн буруйдаарылар, кинилэр сылтах була сатыыллара.
Currently Selected:
Лука 11: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022