Лука 12
12
Сирэй көрбөх буолууттан сэрэтии
1Ол икки ардыгар тыһыынчанан киһи мустан үтүрүспүтэ. Кини бастаан үөрэнээччилэригэр эрэ анаан эппитэ: «Фарисейдар аһытыыларыттан – сирэй көрбөх буолууттан – сэрэниҥ. 2Кистэлэҥ арыллыбатаҕа диэн суох, кистэммит биллибэтэҕэ диэн эмиэ суох. 3Эһиги хараҥаҕа тугу эппиккит – сырдыкка иһиллиэҕэ, дьиэ иһигэр кулгаахха сипсийбиккит – дьиэ үрдүттэн доргуччу биллэриллиэҕэ. 4Мин эһиэхэ, доҕотторбор, этэбин: өлөрүөхсүттэртэн куттанымаҥ; кинилэр киһи этин-сиинин өлөрөртөн ордугу тугу да гынар кыахтара суох. 5Кимтэн куттаныахтааххытын Мин эһиэхэ этиэм: өлөрөн баран гееннаҕа быраҕар Былаастаахтан эһиги куттанар буолуҥ. Соннук, Киниттэн куттаныҥ диибин эһиэхэ. 6Икки бытархай харчыга биэс барабыайы атыылаһаллар буолбат дуо? Бэл кинилэртэн хайаларын даҕаны Таҥара умнубат. 7Оттон эһиги оннооҕор баттаххыт ахсаана кытта ааҕыллан турар. Онон куттанымаҥ: эһиги барабыайдааҕар быдан күндүгүт.
Христоска итэҕэли дьон иннигэр билинии
8Эһиэхэ этэбин: ким эмэ Миигин итэҕэйэрин дьон иннигэр билиннэҕинэ, кинини Киһи Уола эмиэ Таҥара Аанньалларын иннилэригэр билиниэҕэ; 9оттон Миигиттэн дьон иннигэр киэр хайыспыт киһиттэн Кини эмиэ Таҥара Аанньалларын иннилэригэр киэр хайыһыаҕа. 10Ким Киһи Уолун холуннарбыт, ол бырастыы гыныллыаҕа, оттон ким Сибэтиэй Тыыны холуннарбыт, ол бырастыы гыныллыа суоҕа. 11Эһигини синагогаларга, тойотторго уонна үрдүкү былаастарга тутан аҕаллахтарына – хайдах хоруйдаһаргытын, тугу этэргитин тобула сатаамаҥ: 12тугу этиэхтээххитин Сибэтиэй Тыын ол чааска үөрэтиэҕэ».
Өйө суох баай туһунан домох
13Дьон быыһыттан ким эрэ Киниэхэ: «Үөрэтээччи! Убайбар эт, аҕабытыттан хаалбыт нэһилиэстибэни миигин кытта үллэһиннин», – диэбитэ.
14Кини ол киһиэхэ хоруйдаабыта: «Ким Миигин эһигини дьүүллэтэ, үпкүтүн үллэртэрэ туруорбутай?»
15Итиэннэ барыларыгар туһаайан эппитэ: «Харам буолартан сэрэниҥ: киһи олоҕо кини төһө баайдааҕыттан тутулуга суох».
16Иисус кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир баай киһи сиригэр бурдук өлгөмнүк үүммүт. 17„Хайыах баҕайыбыный? – дии санаабыт кини. – Бурдукпун харайар сирим суох буолла“.
18Онтон эппит: „Хата бу курдук гыныам: бурдук уурар ампаардарбын көтүрэн, атын, өссө улахан ампаардары, туттарыам уонна туох баар бурдукпун, баайбын онно мунньуом. 19Дьэ оччоҕо өр сыл барар баһаам баайданныҥ, онон сынньан, аһаа-сиэ, ис, көрүлээ-нарылаа дэниэҕим“.
20Ол гынан баран Таҥара киниэхэ эппит: „Өйө суох! Субу түүн дууһаҕын ыла кэлиэхтэрэ, оччоҕо бу мунньубутуҥ кимиэхэ тиксэрий?“ 21Таҥараҕа анаан байарынааҕар, бэйэтигэр анаан баай-дуол мунньунааччыга итинник буолуоҕа».
Сарсыҥҥы туһуттан санааҕа ылларымаҥ
22Итиэннэ үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ол иһин эһиэхэ этэбин: тугу аһаан-сиэн тыыннаах сылдьабыт, тугу таҥнан-саптан киһи-хара буолабыт диэн санааҕа ылларымаҥ. 23Олоххут астааҕар, эккит-сииҥҥит таҥастааҕар ордуктар. 24Суордары көрүҥ: бурдук ыспаттар да, быспаттар да, баай да мунньар, бурдук да уурар ампаардара суох, ол эрээри кинилэри Таҥара аһатар, оттон эһиги көтөрдөөҕөр төһөлөөх ордуккутуй? 25Уонна дьэ эһигиттэн хайаҕыт эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо?#12:25 Уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо? – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Саатар биир чаас олоҕун уһатынар кыахтаах дуо?» 26Итинник кыраны да кыайбат эрээри, атыныгар тоҕо эмиэ дьиксинэҕит? 27Сардааналар хайдах үүнэллэрин көрүҥ: үлэлээбэттэр да, таҥас да өрбөттөр, ол эрээри, эһиэхэ этэбин: бэл Соломон албан аатын үгэнигэр сылдьан, итилэртэн биирдэстэрин эмэ да курдук симэммэтэҕэ. 28Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо? 29Онон тугу аһыыбыт-сиибит диэн санааҕа ылларымаҥ, ол туһуттан дьиксинимэҥ. 30Ити барыта – Таҥараны билбэт дьон сүрүн кыһалҕалара; оттон эһиги итиннэ наадыйаргытын Аҕаҕыт билэр. 31Туохтааҕар даҕаны эһиги Таҥара Саарыстыбатыгар#12:31 Таҥара Саарыстыбатыгар – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Кини Саарыстыбатыгар». дьулуһуҥ, оччоҕо ити барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 32Бараан кыра үөрэ, куттаныма! Аҕаҕыт эһиэхэ Саарыстыбатын биэриэн баҕарар. 33Туох баайдааххытын атыылаан тиийиммэттэргэ түҥэтиҥ; хаалбат хааһаҕы, бараммат баайы уоруйах тиийбэт, үөн-көйүүр сиэбэт сиригэр – Халлааҥҥа – бэлэмнээҥ. 34Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.
Сэргэх буолуҥ
35Өрүү бэлэм сылдьыҥ: кургутун курданан, сибэтиилинньиккитин уматтан бэлэм олоруҥ. 36Уруу малааһыныттан кэлиэхтээх тойонноругар, тоҥсуйарын кытта, аанын аһаары, көһүтэн олорор дьоҥҥо холоонноох буолуҥ. 37Тойонноро кэлэригэр сэргэх олорбут кулуттар алгыстаахтар. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: тойонноро бэйэтэ курданан баран, кинилэри остуол тула олордон, ас тэрийэн аһатыа. 38Тойон түүн үөһүгэр да, сарсыарданан да кэлэн көрдүн, кинилэр сэргэхтик кэтэһэн олорор буоллахтарына, алгыстаахтар. 39Бэйэҕит билэҕит, дьиэлээх хаһаайын уоруйах хас чааска кэлэрин билэрэ эбитэ буоллар, утуйан хаалан#12:39 Утуйан хаалан – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. кинилэргэ дьиэтин аннын дьөлө хастарыа суоҕа этэ. 40Эһиги эмиэ бэлэм олоруҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах түгэҥҥитигэр тиийэн кэлиэҕэ».
Итэҕэллээх уонна итэҕэлэ суох кулуттар тустарынан
41Петр Киниттэн ыйыппыта: «Тойоммуот! Бу домоҕу Эн биһиэхэ эрэ анаан кэпсиигин дуу, барыларыгар дуу?»
42Айыы Тойон эппитэ: «Дьиэ хаһаайына чаҕардарын салайарга, кинилэри аһатарга анаан хаалларбыт эрэллээх, толкуйдаах дьиэ көрөөччүтүн курдук буолуҥ. 43Тойоно кэлэн көрбүтэ, үлэһитэ кини эппитин толоро сылдьар буоллаҕына, ол кулут алгыстаах. 44Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кини ол кулукка туох баар баайын барытын дьаһайтара биэриэҕэ. 45Оттон ол кулут тойонум өтөрүнэн кэлиэ суох дии санаан, бииргэ үлэлиир дьонун, эр киһи буоллун, дьахтар буоллун аҥаар кырыытыттан кырбаан, иһэн-аһаан, итириктээн бардаҕына, 46күүппэтэх күнүгэр, үөйбэтэх түгэнигэр тойоно тиийэн кэлэн, кинини икки аҥыы хайа охсон баран, итэҕэлэ суохтары кытта биир дьылҕалыаҕа. 47Тойонун көҥүлүн билэ-билэ бэлэмэ суох олорбут, эбэтэр кини этэрин толорботох үлэһит илдьи таһыллыаҕа, 48оттон билбэккэ буруйданарын оҥостубут үлэһит кыратык таһыллыаҕа. Элбэх бэриллибит киһититтэн элбэх эрэйиллиэҕэ, элбэх итэҕэйиллибит киһититтэн элбэх ирдэниллиэҕэ.
Эйэни буолбатах, кылыһы
49Мин сиргэ уоту аҕала кэлбитим. Бу уот хайыы-үйэ күөдьүйэ охсуон хайдахтаах курдук баҕарабыный! 50Мин сүрэхтэниини ааһыах тустаахпын: ол хаһан туоларын кэтэһэн олус да туоххаһыйдым! 51Миигин сиргэ эйэни олохтуу кэлбитэ буолуо дии саныыгыт дуо? Суох диибин эһиэхэ, Мин хайдыһыыны таһаара кэлбитим. 52Мантан ыла биир дьиэҕэ олорор биэс киһи тус-туспа арахсыаҕа: үһэ иккитин утары, иккитэ үһүн утары буолуоҕа; 53аҕата уолун утары, уола аҕатын утары буолуо, ийэтэ кыыһын утары, кыыһа ийэтин утары буолуо, хотуна кийиитин утары, кийиитэ хотунун утары буолуо».
Кэм-кэрдии билгэлэрэ
54Оттон норуокка эппитэ: «Арҕааттан былыт тахсан иһэрин көрдөххүтүнэ, эһиги сонно ардыыһы дэһэҕит, кырдьык, сотору ардах кэлэр; 55соҕурууттан тыалырдаҕына куйаарыыһы диигит, кырдьык, куйаас түһэр. 56Сирэй көрбөхтөр! Сири-халлааны билгэлиири сатыыр аата, ханнык кэм кэлбитин хайдах билбэккитий? 57Туох сөбүн-сыыһатын тоҕо эһиги бэйэҕит кыайан быһаарбаккытый?
Буруйдааччыгын кытта эйэлэс
58Буруйдааччыгын кытта тойотторго баран иһэн, аара суолга эйэлэһэ сатыырыҥ ордук; эйэлэспэтэххинэ, кини эйигин судьуйаҕа илдьэн биэриэҕэ, судьуйа эйигин түрмэ үлэһитигэр туттарыаҕа, оттон түрмэ үлэһитэ хаайыыга быраҕыаҕа. 59Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: иэскин тиһэх бытархай харчытыгар тиийэ биэрэ иликкинэ, эн онтон тахсыаҥ суоҕа».
Currently Selected:
Лука 12: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022