Күҥҥэ, ыйга, сулустарга дьикти бэлиэлэр көстүөхтэрэ; муора ньирилиириттэн, барылас баалланарыттан ыгылыйан, сир норуоттара санаалара түһүөҕэ, дьон, аан дойдуга ааҥнаан эрэр алдьархайы кэтэһэн өлөрдүү куттаныахтара; халлаан күүстэрэ ол курдук айгырыахтара. Дьэ оччоҕо Киһи Уола улуу күүстэнэн, кэрэмэн килбиэннэнэн былыкка уйдаран кэлэн иһэрин көрүөхтэрэ.