Лука 13
13
Өлбөт туһугар, аньыыгытын билиниҥ
1Бу кэмҥэ Киниэхэ ханнык эрэ дьон тиийэн кэлэн, Пилат Таҥараҕа сүөһүнү сиэртибэ биэрэ турар галилеяннары өлөрбүтүн туһунан кэпсээбиттэрэ. 2Иисус кинилэргэ эппитэ: «Ол галилеяннар, оннук өлбүт буоллахтарына, Галилея бары дьонуттан ордук аньыылаахтара буолуо дии саныыгыт дуо? 3Суох диибин эһиэхэ: аньыыгытын билиммэтэххитинэ, бары итинник өлүөххүт. 4Эбэтэр Силоам башнята баттаан өлөрбүт уон аҕыс киһитэ Иерусалим олохтоохторуттан барыларыттан ордук буруйдаахтара буолуо дии саныыгыт дуо? 5Суох диибин эһиэхэ: аньыыгытын билиммэтэххитинэ, бары итинник өлүөххүт».
Отонноммотох смоковница туһунан домох
6Онтон Иисус маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи винограднигар смоковница үүннэрбит. Биирдэ кини отонноммута буолаарай диэн, маһын кэлэн көрөн баран, биир да отону булбатах; 7онон винограднигын үлэһитигэр эппит: „Үһүс сылбын кэлэн бу маска отон көрө сатыыбын да, биири да булбаппын; кэрдэн кэбис, тоҕо кураанахха сири ылан туруоҕай?“ 8Үлэһитэ киниэхэ эппит: „Тойонуом! Быйыл тыытымыах, туран эрдин. Төгүрүччү көмөн ноһуом кутуом, 9оччоҕо, баҕар, отоннонуо. Онно отонноммотоҕуна, эһиил кэртэрээр“».
Субуота күн бөкчөгөр дьахтары үтүөрдүү
10Биирдэ Иисус биир синагогаҕа субуота күн үөрэппитэ. 11Онно ыарыы тыыныгар буулаппыта уон аҕыс сыл буолбут дьахтар баара: кини бөкчөччү тартара сылдьар буолан көнөтүк туттар кыаҕа суоҕа. 12Иисус кинини көрөн, ыҥыран ылан баран: «Эн ыарыыгыттан босхолоннуҥ», – диэбитэ. 13Маны этээт, киниэхэ икки илиитин уурбутугар дьахтар сонно көнөн кэлэн, Таҥараны айхаллаан барбыта. 14Субуотаҕа киһини үтүөртэ диэн кыыһыран, синагога тойоно дьоҥҥо: «Үлэлииргэ ыйаахтаах алта күн баар, онно кэлэн эмтэтэр буолуҥ, субуотаҕа кэлимэҥ!» – диэбитэ.
15Айыы Тойон киниэхэ эппитэ: «Сирэй көрбөхтөр! Эһиги субуота күн оҕускутун биитэр оселгутун күкүрүттэн сүөрэн, уулата илдьэҕит буолбат дуо? 16Оттон бу Авраам кыыһын сатана кэлгийбитэ уон аҕыс сыл буолбут. Бүгүн субуота күн диэн, кинини кэлгиэтиттэн сүөрүллүө суохтаах этэ дуо?»
17Маны эппитигэр утарсааччылара бары сааппыттара. Оттон норуот Кини оҥорор килбиэннээх дьайыыларын көрөн үөрэр эрэ этэ.
Хартыыһа сиэмэтин уонна килиэп аһытыытын туһунан домох
18Иисус эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугунан холобурдаан көрдөрүөххэ, тугу кытта тэҥниэххэ сөбүй? 19Эһиги санаан көрүҥ: бу хартыыһа сиэмэтэ баар, киһи маны ылан оҕуруотун сиригэр ыһар, оччоҕо сиэмэтэ сүүнэ#13:19 Сүүнэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. мас буола үүнэн тахсар, онуоха көтөрдөр көтөн кэлэн, лабааларыгар уйа оҥостоллор».
20Салгыы өссө эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын тугу кытта тэҥниэмий? 21Эһиги санаан көрүҥ: дьахтар доруоһаны ытыһан ылан, үс мээрэй бурдукка кутар, онуоха тиэстэтэ бүтүннүү үллэн тахсар».
Кыараҕас аан
22Куораттарынан, дэриэбинэлэринэн үөрэтэ сылдьан, Кини Иерусалимныыр суолу тутуһан иһэрэ. 23Ким эрэ Киниттэн: «Тойоммуот! Ама быыһанааччы аҕыйах буолуо дуо?» – диэн ыйыппыта.
24Иисус эппитэ: «Кыараҕас аанынан киирэргэ дьулуһуҥ. Эһиэхэ этэбин: үгүстэр киириэхтэрин баҕарыахтара да, кыайан киириэхтэрэ суоҕа. 25Дьиэлээх хаһаайын туран аанын хатаабытын кэннэ, эһиги таһырдьа туран, дьиэ аанын тоҥсуйа-тоҥсуйа: „Тойоммуот! Тойоммуот! Биһиэхэ ас!“ – дэһиэххит, оччоҕо Кини эһиэхэ: „Эһиги хантан кэлбиккитин билбэппин“, – диэҕэ. 26Эһиги этиэххит: „Биһиги Эйигинниин бииргэ аһыырбыт-сиирбит, Эн биһиги уулуссабытынан сылдьан үөрэппитиҥ“. 27Оччоҕо Кини хоруйдуо: „Эһиэхэ этэбин#13:27 Эһиэхэ этэбин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.: эһиги кимнээххитин, хантан кэлбиккитин Мин билбэппин. Хара дьайдаахтык быһыыланааччылар, бука бары Миигиттэн киэр буолуҥ!“ 28Авраам, Исаак, Иаков уонна пророктар бары Таҥара Саарыстыбатыгар баалларын, оттон эһигини онтон кыйдаан эрэллэрин көрдөххүтүнэ, ытаһыаххыт-соҥоһуоххут, тиискитин хабырыныаххыт. 29Дьон илинтэн-арҕааттан, хотуттан-соҕурууттан Таҥара Саарыстыбатын биһирэм аһылыгар мустуохтара. 30Оччоҕо кэнникилэр бастакы буолуохтара, бастакылар кэнники буолуохтара».
Иерусалимы аһыйыы
31Бу кэмҥэ хас да фарисей кэлэн, Киниэхэ: «Мантан бара оҕус, Ирод Эйигин өлөрүөн баҕарар», – диэбиттэрэ.
32Кини эппитэ: «Бараҥҥыт, ол торҕон саһылга#13:32 Саһыл – арҕааҥҥы дойдуларга саһыл уодаһыннаах, өлөрөр-өһөрөр киһини сирэйдээн көрдөрөр. этиҥ: Мин бүгүн-сарсын абааһылары үүртэлиибин, ыалдьыбыттары үтүөртүүбүн, онтон үһүс күнүгэр түмүктүөм. 33Ол гынан баран бүгүн, сарсын, өйүүн да Мин айаммын салгыах тустаахпын: пророк Иерусалимтан атын сиргэ өлбүтэ диэн суох. 34Оо, пророктары өлөртүүр, эйиэхэ ыытыллыбыттары тааһынан тамныыр Иерусалим, Иерусалим! Хас төгүл эн оҕолоргун көтөр бэйэтин оҕолорун кынатын анныгар мунньарыныы, мунньуохпун баҕарбыппыный, оттон эн ону баҕарбатаҕыҥ! 35Дьэ ол иһин „Дьиэҕит иччитэх хаалларыллар“. Эһиэхэ этэбин: Айыы Тойон аатынан Кэлээччи алгыстаах дии иликкитинэ, эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа».
Currently Selected:
Лука 13: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022