YouVersion Logo
Search Icon

Лука 16

16
Булугас өйдөөх көмөлөһөөччү туһунан домох
1Оттон үөрэнээччилэригэр Иисус эппитэ: «Биир баай киһи баайын-дуолун дьаһайтарар көмөлөһөөччүлээх эбит. Биирдэ киниэхэ баайгын көрөөччүҥ үпкүн куорҕаллыыр диэн үҥсүү киирбит. 2Дьиэлээх тойон кинини ыҥыран ылан эппит: „Эн тускунан бу тугу-тугу иһиттим? Баайбын хайдах көрбүккүн-харайбыккын отчуоттаа, аны мантан инньэ мин баайбын дьаһайар кыаҕыҥ суох буолбут“.
3Онуоха көмөлөһөөччүтэ иһигэр санаабыт: „Хайыах бэйэбиний? Тойонум миигин үлэбиттэн үүрэн эрэр. Буор хаһыахпын – кыайбаппын, умналыахпын – кыбыстабын. 4Дьэ хата тугу гынарбын тобуллум! Үлэбиттэн уураттаҕына, миигин дьиэлэригэр олордуох дьону була сатыам“.
5Уонна тойонугар иэстээх дьону тус-туспа ыҥыртаан ылан, биирдэриттэн: „Мин тойоммор төһө иэстээххиний?“ – диэн ыйыппыт.
6Анарааҥҥыта: „Сүүс мээрэй арыы иэстээхпин“, – диэбит.
Онуоха кини эппит: „Араспыыскаҥ бу баар. Кэл, олор, биэс уон мээрэй диэн суруйа оҕус“.
7Оттон иккис киһиттэн ыйыппыт: „Эн төһө иэстээххиний?“
Анарааҥҥыта: „Сүүс мээрэй сэлиэһинэй бурдук иэстээхпин“, – диэбит.
Онуоха кини эппит: „Араспыыскаҥ бу баар. Аҕыс уон мээрэй диэн суруй“.
8Тойоно итэҕэлтэн тахсыбыт көмөлөһөөччүтүн, булугас өйдөөхтүк быһаарыммытын иһин, хайҕаабыт. Бу үйэ уолаттара, бэйэлэрин курдук дьон ортотугар сылдьан, сырдык уолаттарынааҕар ордук булугас өйдөөхтөр.
9Онон Мин эһиэхэ этэбин: сирдээҕи баайгытынан туһанан бэйэҕитигэр доҕоттордо булунуҥ, оччоҕо кэлин ол баайгыт эһиннэҕинэ, кинилэр эһигини үйэлэргэ үрэллибэт дьиэлэригэр киллэриэхтэрэ. 10Аҕыйахха эрэллээх элбэххэ да эрэллээх буолуо, аҕыйахха эрэлэ суох элбэххэ да эрэлэ суох буолуо. 11Онон сирдээҕи баайга эрэлэ суох буоллаххытына, дьиҥ баайы ким эһиэхэ итэҕэйиэй? 12Туора киһи үбүгэр эрэлэ суох буоллаххытына, бэйэҕит киэнин ким эһиэхэ биэриэй? 13Хайа да кулут икки тойоҥҥо үлэлиир кыаҕа суох: биитэр биирин абааһы көрүөҕэ, оттон атынын таптыаҕа, биитэр бииригэр бэриниилээх буолуоҕа, оттон атынын аахайыа суоҕа. Таҥараҕа уонна маммонаҕа иккиэннэригэр кулут буолар кыаххыт суох».
Сокуон уонна Таҥара Саарыстыбата
14Харчыга ымсыылаах фарисейдар маны истэн, Кинини күлүү гыммыттара. 15Иисус эппитэ: «Дьоҥҥо-сэргэҕэ кырдьыксыт дьон курдук көстүөххүтүн баҕараҕыт эрээри, Таҥара эһиги сүрэххитин билэр. Дьон тугу үрдүк диирин Таҥара мөкү диир. 16Сокуон уонна Пророктар Иоанн инниттэн бааллара, ол саҕаттан Таҥара Саарыстыбатын Евангелиета иһитиннэриллэр, итиэннэ ханнык баҕарар киһи онно сыралаһан туран киирэр. 17Ол эрээри Сокуон биир да сурааһына сүтүөн кэриэтэ, сир-халлаан дөбөҥнүк сүтүөҕэ.
18Ким ойоҕуттан арахсан, атыны ойох ылбыт, ол көссүүлэһэр, эриттэн арахсыбыт дьахтары ойох ылар киһи эмиэ көссүүлэһэр.
Баай киһи уонна Лазарь
19Биир баай киһи баара, көрүөхтэн кэрэ, күндү таҥаһы#16:19 Көрүөхтэн кэрэ, күндү таҥаһы – тылыттан тылыгар түһэрэн тылбаастаатахха, «пурпуру уонна виссону». Күндү пурпурунан кырааскаламмыт таҥаһы ыраахтааҕы эрэ кэтэрэ; виссон таҥаһы (чап-чараас күндү лүөнү) ыраахтааҕылар, баайдар уонна архиерейдар кэтэллэрэ. таҥнара; кини олоҕо күнтэн күн бүппэт бырааһынньык этэ. 20Баай киһи олбуорун ааныгар этэ бүтүннүү бар баас буолбут Лазарь диэн умнаһыт киһи сытара. 21Кини баай киһи остуолуттан түһэр килиэп хоруоскатыгар баҕара саныыра; ыттар кэлэн кини сиикэй баастарын салыыллара. 22Умнаһыт өлбүтүгэр Аанньаллар кинини Авраам күөнүгэр илдьибиттэр. Баай киһи өлбүтүн эмиэ харайбыттар. 23Биирдэ баай аад иһигэр муҥу көрө олорон, хараҕын өрө көрбүтэ: ыраах Авраам уонна кини күөнүгэр Лазарь олорор эбит. 24Баай туох баар күүһүн мунньунан үөгүлээбит: „Аҕаа, Авраам! Миигин аһын-харыһый, Лазары манна миэхэ ыыт: сөмүйэтин төбөтүн ууга илитэн аҕалан, тылбын сөрүүкэттин. Бу уот төлөнүгэр салатан сору көрдүм!“ 25Онуоха Авраам эппит: „Тоойуом! Өйдөө: эн сирдээҕи олоххор үтүөнү көрбүтүҥ, оттон Лазарь муҥу көрбүтэ; аны билигин кини дуоһуйар, оттон эн муҥу көрөҕүн. 26Итиэннэ биһиги икки ардыбытыгар үтүгэн түгэҕэ баар, онон мантан эһиэхэ тиийиэхтэрин баҕарааччылар кыайан барбаттар, анарааттан биһиэхэ эмиэ кыайан кэлбэттэр“. 27Онуоха баай эппит: „Оннук буоллаҕына, аҕаа, ааттаһабын: кинини аҕам дьиэтигэр ыыт; 28онно мин биэс бырааттаахпын, кинилэр эмиэ бу сор-муҥ сиригэр кэлбэттэрин туһугар, Лазарь кинилэри сэрэттин“. 29Авраам хоруйдаабыт: „Кинилэргэ Моисей уонна пророктар бааллар, олору иһиттиннэр“. 30Онуоха баай эппит: „Суох, Авраам аҕаа, арай өлбүттэртэн ким эмэ кинилэргэ тиийэрэ буоллар, оччоҕо аньыыларын билиниэ этилэр“. 31Авраам эппит: „Моисейы уонна пророктары истибэт буоллахтарына, өлбүт киһи да тиллэн кэлэн, кинилэри итэҕэтиэ суоҕа“».

Currently Selected:

Лука 16: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in