Лука 17
17
Аньыы, итэҕэл уонна эбээһинэс
1Оттон үөрэнээччилэригэр Иисус эппитэ: «Киһини аньыыга тардар моһоллор син биир баар буолуохтара гынан баран, сор-муҥ күүтэр ол моһол төрдө буолар киһини. 2Кини бу турар кыралартан биирдэстэрин эмэ аньыыга уккуйуон кэриэтэ, моонньугар суоруна тааһын баайан, муораҕа тимирдибиттэрэ киниэхэ ордук буолуо этэ. 3Бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ. Быраатыҥ эйигин утары#17:3 Эйигин утары – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. аньыыны оҥордоҕуна сэмэлээ, оттон аньыытын билиннэҕинэ, кинини бырастыы гын; 4биир күҥҥэ эйигин утары сэттэтэ аньыыны оҥорон баран, күҥҥэ сэттэтэ кэлэн: „Аньыыбын билинэбин“, – диир буоллаҕына, эн кинини бырастыы гынар буол».
5Онтон биирдэ Апостоллар Айыы Тойонтон: «Итэҕэлбитин бөҕөргөт», – диэн көрдөспүттэрэ.
6Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги хартыыһа сиэмэтин саҕа итэҕэллээххит эбитэ буоллар, субу үүнэн турар смоковница, сиртэн силистэри хоҥнон байҕалга көс диэтэххитинэ, эппиккитин толоруо этэ. 7Арай эһигиттэн хайаҕыт эрэ сир хорутар, биитэр сүөһү маныыр кулуттаах буоллун; ол кулуккут сыһыыттан кэлээтин, эһиги киниэхэ чэ, кэл, олорон аһаа диэн этиэххит этэ дуо? 8Хата аһыахпын аспын тарт уонна бу аһыыр кэммэр курданан илии-атах буол, ол кэнниттэн бэйэҥ аһаар диэххит этэ буолбат дуо? 9Бу кулуккут соруйбуккутун толордоҕуна, эһиги киниэхэ махтаныаххыт этэ дуо? Суох дии саныыбын#17:9 Суох дии саныыбын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. 10Ол курдук эһиги эмиэ ыйыллыбыты барытын толорон бараҥҥыт, биһиги туохха да турбат кулуттарбыт, толоруохтаах эбээһинэспитин эрэ толордубут диир буолуҥ».
Араҥ ыарыылаах уон киһини үтүөрдүү
11Иерусалимҥа баран иһэн, Иисус Самария Галилеялыын быысаһар сиринэн ааһан испитэ. 12Дэриэбинэҕэ киирэн истэҕинэ, араҥ буолбут уон киһи аара көрсөн, тэйиччи туран: 13«Иисус Үөрэтээччи! Биһигини абыраа!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.
14Кинилэри көрөн, Иисус: «Баран аҕабыыттарга көрдөрүнүҥ», – диэбитэ. Олор баран иһэн ырааһыран хаалбыттара.
15Биирдэстэрэ, үтүөрбүтүн көрөн, куолаһын муҥунан Таҥараны уруйдуу-уруйдуу, төннөн кэлбитэ 16уонна махтанан, Иисус иннигэр кэлэн умса түспүтэ. Бу – Самария киһитэ этэ.
17«Барыта уон киһи үтүөрбүтэ буолбат дуо? – диэбитэ Иисус. – Оччоҕо тоҕуһа ханнаный? 18Бу омук киһититтэн ураты тоҕо хайалара да Таҥараҕа махтана төннүбэтэ?» 19Онтон киниэхэ эппитэ: «Чэ, туран бар, итэҕэлиҥ эйигин быыһаата».
Таҥара Саарыстыбата хайдах кэлэрин туһунан
20 Фарисейдар Таҥара Саарыстыбата хаһан кэлэрин Киниттэн ыйыппыттарыгар, маннык хоруйдаабыта: «Таҥара Саарыстыбата биллэрдик-көстөрдүк кэлиэ суоҕа, 21„Көр, бу манна баар“, эбэтэр „Ол онно баар“ диэхтэрэ суоҕа: Таҥара Саарыстыбата эһиги искитигэр баар#17:21 Таҥара Саарыстыбата эһиги искитигэр баар – эбэтэр «Таҥара Саарыстыбата эһиги ортоҕутугар баар».».
Киһи Уола эмискэ кэлиэ
22Үөрэнээччилэригэр эмиэ эппитэ: «Киһи Уола олорбут биир күнүн саатар көрдөрбүт диир кэмҥит кэлиэҕэ, ол эрээри ону көрүөххүт суоҕа. 23Эһиэхэ „Бу манна!“, биитэр „Ол онно!“ диэхтэрэ, оччоҕо эһиги ону көрдүү сүүрүмэҥ, эккирэтиһэ барымаҥ. 24Киһи Уола Бэйэтин күнүгэр, чаҕылҕан халлаан биир уһугар чаҕылыс гыннаҕына, халлаан атын уһугар тиийэ сандаарарын курдук буолуоҕа. 25Ол эрээри Кини бастаан элбэх муҥу көрүөхтээх, бу көлүөнэ Кинини туоратыахтаах. 26Ной саҕана хайдах этэй да, Киһи Уолун кэмигэр эмиэ оннук буолуоҕа. 27Ной аалыгар киириэр диэри, дьон иһэллэрэ-аһыыллара, ойох ылаллара, эргэ бараллара, ол сырыттахтарына, улуу мотуок кэлэн кинилэри барыларын эспитэ. 28Лот саҕана син биир оннук этэ: дьон иһэллэрэ-аһыыллара, атыылаһаллара, атыылыыллара, оҕуруот олордоллоро, дьиэ тутталлара; 29онтон Лот Содомтан тахсыбыт күнүгэр халлаантан умайа сылдьар сиэрэлээх ардах түһэн барыларын имири эспитэ. 30Киһи Уола кэлэр күнүгэр эмиэ соннук буолуоҕа. 31Ол күн дьиэ үрдүгэр турааччы иһирдьэ баар малбын-салбын ылыам этэ диэн, аллара түспэтин; оттон ходуһаҕа баар киһи дьиэтигэр төннүбэтин. 32Лот ойоҕун өйдүү сылдьыҥ. 33Олоҕун харыстааччы олоҕун сүтэриэҕэ, оттон олоҕун сүтэрээччи олоҕун быыһыаҕа. 34Эһиэхэ этэбин: ол түүн тэллэххэ сытар икки киһиттэн биирдэстэрэ ылыллыаҕа, атына хаалларыллыаҕа; 35бурдук тарда турар икки дьахтартан биирдэстэрэ ылыллыаҕа, атына хаалларыллыаҕа; 36ходуһаҕа сылдьар икки киһиттэн биирдэстэрэ ылыллыаҕа, атына хаалларыллыаҕа#17:36 Ходуһаҕа сылдьар икки киһиттэн биирдэстэрэ ылыллыаҕа, атына хаалларыллыаҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.».
37Маны истэн: «Тойоммуот, ол ханна буолуой?» – диэн ыйыппыттара.
«Ханна өлүк баар да, онно суордар мустуохтара», – диэбитэ Кини.
Currently Selected:
Лука 17: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: