1
Лука 14:26
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
«Миэхэ кэлэр киһи ийэтин-аҕатын, ойоҕун, оҕолорун, убайдарын-бырааттарын, эдьиийдэрин-балыстарын уонна бэйэтин олоҕун Миигин таптыырынааҕар ордук таптыыр буоллаҕына, Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох
ប្រៀបធៀប
រុករក Лука 14:26
2
Лука 14:27
ким бэйэтин кириэһин сүгэн Миигин батыспатах, ол Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох.
រុករក Лука 14:27
3
Лука 14:11
Бэйэтин үрдүктүк сананар киһи – намтыаҕа, сэмэйдик сананар киһи – үрдүөҕэ».
រុករក Лука 14:11
4
Лука 14:33
Ол курдук эһигиттэн ким баҕарар туох баардааҕыттан барытыттан аккаастамматаҕына, Мин үөрэнээччим буолар кыаҕа суох.
រុករក Лука 14:33
5
Лука 14:28-30
Эһигиттэн хайаҕыт эмэ башня туттуон баҕардаҕына, маҥнай олоро түһэн, тутуутун ситэрэригэр төһө үп барыахтааҕын суоттаныа суоҕа этэ дуо? Инньэ гымматаҕына, акылаатын ууран баран атынын кыайан ситэриэ суоҕа, оччоҕо ону көрө сылдьар дьон бары: „Хайдах бу киһи тутуутун саҕалаан баран бүтэрбэтий?“ – диэн күлүү гыныахтара.
រុករក Лука 14:28-30
6
Лука 14:13-14
Ол оннугар, биһирэм аһылык тэрийдэххинэ, дьадаҥылары, бодоҥнору, доҕолоҥнору, хараҕа суохтары ыҥыртаа; кинилэр эйиэхэ кыайан төлөөбөттөр, онон эн алгыстаныаҥ: төлөбүрүн, кырдьыктаахтар тиллэллэрин саҕана, ылыаҥ».
រុករក Лука 14:13-14
7
Лука 14:34-35
Туус – үтүө ас, ол эрээри амтанын сүтэрдэҕинэ, аһыытын хайдах төннөрүөҥүй? Оччоҕо туохха да туһата суох буолар, сири да уоҕурдарга барбат, онон быраҕан эрэ кэбиһиллэр. Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»
រុករក Лука 14:34-35
គេហ៍
ព្រះគម្ពីរ
គម្រោងអាន
វីដេអូ