Logótipo YouVersion
Ícone de pesquisa

Иоанн 15

15
Иисус Христос – виноград умнаһа
1Мин дьиҥнээх виноград умнаһынабын, оттон Аҕам – виноград үүннэрээччи. 2Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр. 3Мин эһиэхэ эппит тылбын ылынан, эһиги хайыы-үйэ ырааһырдыгыт. 4Эһиги Миэхэ буолуҥ, Мин эмиэ эһиэхэ буолуом. Лабаа умнаска буолбатаҕына, бэйэтэ астамматын курдук, эһиги Миэхэ буолбатаххытына, эмиэ кураанах буолуоххут.
5Мин умнаспын, оттон эһиги лабааларгыт. Миэхэ баар киһи, Мин эмиэ киниэхэ буоллахпына, элбэх аһы биэрэр. Эһиги Миигинэ суох тугу да гынар кыаххыт суох. 6Ким Миэхэ буолбатах – лабаа курдук, киэр быраҕыллан куура хатыаҕа; оннук лабааны хомуйан ылан, уокка быраҕаллар. 7Оттон Миэхэ буоллаххытына, Мин этэр тылбын сүрэххитигэр иҥэриннэххитинэ, эһиги тугу баҕараргытын көрдөһүҥ – ол барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 8Эһиги элбэх аһы биэрдэххитинэ, Мин үөрэнээччилэрим буоллаххытына, Аҕам онон албан аатырыаҕа.
Бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ
9Аҕам Миигин таптаабытын курдук, Мин эмиэ эһигини таптаабытым: эһиги Мин тапталбар олоруҥ. 10Мин Аҕам ыйбытын толороммун Кини тапталыгар олорорум курдук, эһиги эмиэ Мин ыйбыппын толордоххутуна, Мин тапталбар олоруоххут. 11Маны – Мин үөрүүм эһиэхэ бэриллэн, эһиги сүрэххитин толорорун туһугар – эттим.
12Бу баар Мин кэриэһим: Мин эһигини таптаабытым курдук, эһиги эмиэ бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ. 13Саамай улахан таптал – киһи доҕотторун туһугар олоҕун толук уурара. 14Эһиги Мин кэриэспин толорор буоллаххытына, Миэхэ доҕотторум буолаҕыт. 15Тойоно тугу гынарын кулута билбэт, онон аны эһигини кулуттарым диэбэппин, Мин, Аҕабыттан тугу истибиппин барытын эһиэхэ эппит буолан, эһигини доҕотторум диэтим. 16Миигин эһиги талбатаххыт – Мин Бэйэм эһигини талан ылбытым; баран туһаны аҕаларгыт, ол туһаҕыт үйэлэргэ барарын туһугар, итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Кини ону биэрэрин туһугар, Мин эһигини туруорбутум. 17Мин кэриэһим бу баар: эһиги бэйэ-бэйэҕитин таптааҥ.
Бу дойду эһигини абааһы көрүөҕэ
18Бу аан дойду эһигини абааһы көрөр буоллаҕына, кини маҥнай Миигин абааһы көрбүтүн эһиги билиэх тустааххыт. 19Эһиги бу дойду эбиккит буоллар, кини бэйэтин дьонун таптыа этэ; бу дойду буолбатаххыт иһин, мантан эһигини Мин талан ылбытым иһин, кини эһигини абааһы көрөр. 20Кулут тойонуттан улахан буолбат диэн эппиппин өйдүү сылдьыҥ. Миигин сойуоласпыт буоллахтарына, эһигини эмиэ сойуолаһыахтара; Мин тылбын толорбут буоллахтарына, эһиги тылгытын эмиэ толоруохтара. 21Ол эрээри кинилэр Миигин Ыыппыты билбэт буоланнар, Мин аатым туһуттан эһиэхэ итинник сыһыаннаһыахтара. 22Мин бу дойдуга кэлэн кинилэргэ эппэтэҕим буоллар, кинилэр аньыыга буруйданыахтара суоҕа этэ, оттон билигин аньыыларын ааһынар кыахтара суох. 23Миигин абааһы көрөр киһи Аҕабын эмиэ абааһы көрөр. 24Атын ким да кыайан оҥорботун Мин кинилэргэ оҥорботоҕум буоллар, кинилэр аньыыга киириэ суох этилэр; оттон билигин ону барытын көрөн да баран, Миигин да, Аҕабын да абааһы көрбүттэрэ. 25Ол эрээри кинилэр Сокуоннарыгар Миигин туох да оруна суох абааһы көрдүлэр диэн суруллубут туолуох тустаах.
26Аҕабыттан ыытар Уоскутааччым, Аҕабыттан кэлэр Кырдьык Тыына, эһиэхэ кэллэҕинэ, Мин туспунан туоһулуоҕа. 27Хара маҥнайгыттан Миигин кытта бииргэ сылдьыбыт буолан, эһиги эмиэ Миэхэ туоһу буолуоххут.

Atualmente selecionado:

Иоанн 15: СБК

Destaque

Partilhar

Copiar

None

Quer salvar os seus destaques em todos os seus dispositivos? Faça o seu registo ou inicie sessão