Logótipo YouVersion
Ícone de pesquisa

Иоанн 2

2
Канаҕа буолбут уруу
1Үһүс күнүгэр Галилея Канатыгар уруу буолбута, онно Иисус Ийэтэ сылдьыбыта. 2Иисус үөрэнээччилэриниин урууга эмиэ ыҥырыллыбыттара. 3Арыгы бүппүтүн көрөн, Иисус Ийэтэ Киниэхэ: «Арыгылара суох», – диэн этэр.
4«Эн биһикки онно туохпут кыһалҕатай? – диир Киниэхэ Иисус. – Мин кэмим өссө да кэлэ илик».
5Ийэтэ чаҕардарга: «Эһиги Кини тугу этэр да, ону толоруҥ», – диир.
6Манна иудейдар ыраастаналларыгар аналлаах иккилии эбэтэр үстүү мээрэй уу киирэр алта таас купсууна турара.
7Иисус чаҕардарга: «Иһиттэргэ уута толору кутуҥ», – диэн соруйар. Тобус-толору гына уу куталлар.
8«Билигин мантан баһан ылан, урууну салайааччыга илдьэн биэриҥ», – диир Иисус. Арыгыны илдьэн биэрэллэр. 9Урууну салайан ыытааччы бу арыгы хантан кэлбитин билбэт этэ, арай ууну баспыт чаҕардар эрэ билэллэрэ, онон кини бу арыгыга кубулуйбут ууну амсайаат, күтүөтү ыҥыран ылан: 10«Хайа да киһи бастаан арыгытын бастыҥын, онтон ыалдьыттар итирдэхтэринэ, мөлтөҕүн туруорар, – диэбитэ. – Эн буоллаҕына баччааҥҥа диэри үчүгэй арыгыны харыстаан олорбуккун».
11Ити курдук Иисус Галилея Канатыгар дьикти бэлиэни аан маҥнай оҥорон, Бэйэтин килбиэнин көрдөрүөҕүттэн ыла үөрэнээччилэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ.
12Бу кэнниттэн Иисус Ийэтиниин, бырааттарыныын уонна үөрэнээччилэриниин Капернаумҥа кэлэн, хас да күн буолбуттара.
Таҥара Дьиэтин ырааһырдыы
13Иудей Паасхата чугаһаан, Иисус Иерусалимҥа кэлбитэ. 14Ол кэлэн көрбүтэ, Таҥара Дьиэтин тиэргэнигэр оҕус, бараан, холууп атыылааччылар, харчы уларытааччылар олороллоро. 15Иисус, быанан кымньыы оҥостон, барааннары, оҕустары – барыларын Таҥара Дьиэтиттэн үүртэлээн таһаартаабыта, харчы уларытааччылар остуолларын түҥнэритэ анньыталаан, харчыларын ыһыталаан кэбиспитэ. 16Уонна холууп атыылааччыларга эппитэ: «Балары мантан киэр гыныҥ! Мин Аҕам Дьиэтин эргиэн дьиэтэ оҥостумаҥ!» 17Онуоха үөрэнээччилэрэ «Эн Дьиэҕэр тапталым Миигин уоттуу сиэҕэ» диэн Суруйууларга этиллибитин өйдөөн кэлбиттэрэ.
18Оттон иудей тойотторо Киниэхэ эппиттэрэ: «Маннык быһыыланар бырааптааххын Эн биһиэхэ ханнык дьикти бэлиэни көрдөрөн итэҕэтэҕин?»
19«Бу Таҥара Дьиэтин үрэйиҥ, Мин ону үс күнүнэн чөлүгэр түһэриэм», – диэн хоруйдаабыта Иисус.
20Маны истэн иудейдар абарбыттара: «Бу Таҥара Дьиэтэ түөрт уон алта сыл тухары тутуллубута, ону Эн үс күн иһигэр тутуоҥ үһү дуо?» 21Оттон Кини Таҥара Дьиэтэ диэн Бэйэтин этин-сиинин эппитэ. 22Үөрэнээччилэрэ кэлин, Иисус өлөн баран тиллибитин кэннэ, Кини итини эппитин өйдөөн, Суруйуулары итиэннэ Кини эппит тылын итэҕэйбиттэрэ.
Иисус Христос дьону курдат билэр
23Иисус Иерусалимҥа Паасха бырааһынньыгар сылдьан оҥорор дьикти дьайыыларын көрөн, үгүс дьон Кинини итэҕэйбиттэрэ. 24Оттон Кини барыларын билэр буолан, кинилэр итэҕэллэригэр эрэммэт этэ, 25итиэннэ киһи кимин-тугун атын киминэн эмэ туоһулатарга кыһаллыбат этэ; киһи ис дууһатын Кини Бэйэтэ курдат билэрэ.

Atualmente selecionado:

Иоанн 2: СБК

Destaque

Partilhar

Copiar

None

Quer salvar os seus destaques em todos os seus dispositivos? Faça o seu registo ou inicie sessão