1
Иоанн 4:24
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Таҥара – Тыын, онон Таҥараҕа сүгүрүйээччилэр Тыын күүһүнэн дьиҥнээхтик Киниэхэ сүгүрүйүөх тустаахтар».
Jämför
Utforska Иоанн 4:24
2
Иоанн 4:23
Ол эрээри Аҕаҕа дьиҥ сүгүрүйээччилэр Тыын күүһүнэн дьиҥнээхтик сүгүрүйэр кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайыы-үйэ кэллэ даҕаны. Аҕа оннук сүгүрүйүүнү кэтэһэр.
Utforska Иоанн 4:23
3
Иоанн 4:14
Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».
Utforska Иоанн 4:14
4
Иоанн 4:10
Иисус эппитэ: «Таҥара тугу бэлэхтиирин, Ким эйиэхэ уугуттан иһэрт диирин билэриҥ эбитэ буоллар, Киниттэн бэйэҥ көрдөһүөҥ этэ, оччоҕо Кини эйиэхэ өлбөт мэҥэ уутун биэриэ этэ».
Utforska Иоанн 4:10
5
Иоанн 4:34
Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар.
Utforska Иоанн 4:34
6
Иоанн 4:11
«Тойон! – диэбитэ дьахтар. – Эн уу баһар иһитэ суоххун, холуодьас буоллаҕына дириҥ, ол кэннэ өлбөт мэҥэ уута эйиэхэ хантан баар буолуой?
Utforska Иоанн 4:11
7
Иоанн 4:25-26
Дьахтар эппитэ: «Мессия (ол аата Христос) кэлэрин билэбин. Кини кэлэн барытын биһиэхэ быһаарыа». «Ол – Мин, бу эйигин кытта Кэпсэтэ Олорооччу буолабын», – диэбитэ Иисус.
Utforska Иоанн 4:25-26
8
Иоанн 4:29
Онно киирэн дьоҥҥо: «Олохпор тугу гыммыппын барытын бэйэбэр этэн биэрбит Киһини баран көрүҥ, – диэбитэ. – Кини Христос буолбатаҕа буолуо дуо?»
Utforska Иоанн 4:29
Hem
Bibeln
Läsplaner
Videor