Иоанн 19
19
1Пилат Иисуһу таһыйалларыгар дьаһайбыта. 2Буойуннар хатыылаах ыарҕаттан бөнүөк өрөн, Кини төбөтүгэр кэтэрдибиттэрэ, санныгар кыһыл сону саба бырахпыттара уонна: 3«Иудей Ыраахтааҕыта, туругур!» – дии-дии, сирэйгэ охсуолаабыттара.
4Пилат дьоҥҥо эмиэ утары тахсан эппитэ: «Туох да буруйу булбатахпын билэргит туһугар, Кинини бу эһиэхэ таһаарабын». 5Онуоха төбөтүгэр хатыылаах ыарҕаттан өрүллүбүт бөнүөктээх, кыһыл сону бүрүммүт Иисус тахсыбыта. «Дьэ бу Киһи!» – диэбитэ Пилат дьоҥҥо.
6 Архиерейдар уонна харабыллар Кинини көрөн: «Кириэскэ тиир, кириэскэ тиир – Кинини!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.
Пилат кинилэргэ: «Бэйэҕит ылан Кинини тиириҥ, – диэбитэ. – Туох буруйдааҕын мин була иликпин».
7Иудейдар Пилакка хардарбыттара: «Биһиэхэ Сокуон диэн баар! Биһиги Сокуоммут быһыытынан бу Таҥара Уолунабын дэнэр Киһи өлүөхтээх».
8Пилат бу тылы истэн, өссө улаханнык куттаммыта. 9Онон эмиэ дыбарыаска киирэн Иисустан: «Эн хантан кэлбиккиний?» – диэн ыйыппыта. Иисус саҥарбатаҕа.
10«Миэхэ хоруйдаабаккын дуо? – диэбитэ Пилат. – Мин Эйигин кириэскэ тиирэр да, босхолуур да былаастаахпын билбэккин дуо?»
11Иисус эппитэ: «Эйиэхэ үөһэттэн бэриллибэтэҕэ буоллар, Эн Мин үрдүбүнэн ханнык да былааһа суох буолуоҥ этэ; онон Миигин тутан эйиэхэ биэрбит киһи ордук улахан аньыылаах».
12Мантан ыла Пилат Кинини хайдах босхолууру тобула сатаабыта. Иудейдар үөгүлэһэ тураллара: «Кинини босхолуур буоллаххына, эн император доҕоро буолбатаххын! Ыраахтааҕыбын дэнэр киһи императоры утары барар!»
13Пилат маны истэн, Иисуһу таһырдьа таһаарбыта уонна бэйэтэ «Лифостротон» («Таас Муоста»), оттон еврей тылынан «Гаввафа» диэн ааттанар сиргэ турар дьүүллүүр кириэһилэтигэр олорбута. 14Бу Паасха иннинээҕи бээтинсэ күн ортотун диэки этэ.
«Эһиги Ыраахтааҕыгыт бу баар!» – диэбитэ Пилат иудейдарга.
15«Киэр гын, киэр гын! Кириэскэ тиир – Кинини!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.
«Ыраахтааҕыгытын кириэскэ тиирэбин дуо?» – диэбитэ Пилат.
Архиерейдар хардарбыттара: «Биһиги императортан атын ыраахтааҕыбыт суох!» 16Онуоха дьэ Пилат Иисуһу тиирдэрэ биэрбитэ.
Голгофа
Буойуннар Иисуһу илдьэ барбыттара. 17Кириэһин сүгэн, Кини «Бас уҥуоҕа», еврей тылынан «Голгофа» диэн ааттанар сиргэ тахсыбыта. 18Онно Кинини кириэскэ тиирбиттэрэ: Иисуһу ортоку, икки өттүгэр икки атын киһини.
19Пилат хаптаһыҥҥа сурук суруйтаран баран кириэскэ саайтарбыта. Онно «Иисус Назорей, иудей Ыраахтааҕыта» диэн суруллубут этэ. 20Иисус кириэскэ тиириллибит сирэ куораттан чугас буолан, бу еврей, грек, латыын тылынан суруллубут суругу иудей үксэ кэлэн аахпыта. 21Иудей архиерейдара Пилакка эппиттэрэ: «Иудей Ыраахтааҕыта диэн суруйума, иудей Ыраахтааҕытабын дэнээччи диэн суруй».
22«Суруйбутум суруллубутунан турдун», – диэбитэ Пилат.
23Иисуһу тиирбит буойуннар Кини таҥаһын ылан түөрт аҥыы, хас биирдиилэригэр тиксэрин курдук, үллэстибиттэрэ, хитонун эмиэ ылбыттара. Хитон тигии буолбатах, бүтүннүүтэ үөһэттэн сиигэ суох гына өрүү таҥас этэ. 24Буойуннар: «Маны хайытымыаҕыҥ, хата түөрэх быраҕан, кимиэхэ тиксэрин быһаарыаҕыҥ», – дэһиспиттэрэ. «Таҥаспын үллэстибиттэрэ, таҥаспын ылаары түөрэх бырахсыбыттара» диэн Суруйууларга этиллибит ити курдук туолбута. Буойуннар үкчү оннук быһыыламмыттара.
25Иисус кириэһин аттыгар Ийэтэ, Ийэтин балта, Клеопа кэргэнэ Мария итиэннэ Мария Магдалина тураллара. 26Иисус, Ийэтин уонна кини аттыгар турар таптыыр үөрэнээччитин көрөн, Ийэтигэр: «Бу – Эн уолуҥ», – диэбитэ.
27Оттон үөрэнээччитигэр: «Бу – эн Ийэҥ», – диэн эппитэ. Мантан ыла үөрэнээччитэ Кини Ийэтин бэйэтигэр ылан олордубута.
Иисус Христос өлүүтэ
28Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.
29Онно толору уксуустаах купсуун турара. Буойуннар уксууһу гуупкаҕа оботторон ылан, иссоп лабаатыгар#19:29 Иссоп лабаатыгар – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «үҥүүгэ». Иссоп – кыра ыарҕа үүнээйи. Сиэр-туом толороллоругар бу үүнээйи умнаһынан сүөһү хаанын ыһыахтыыллара. иилэн баран, уоһугар үҥүлүппүттэрэ. 30Иисус уксууһу амсайан баран: «Туолла!» – диэбитэ. Уонна төбөтүн хоҥкутан, тыынын Таҥараҕа биэрбитэ.
31Бу бээтинсэ күн этэ. Ол иһин иудейдар, тиириллибиттэри субуотаҕа – улуу күҥҥэ – кириэскэ хаалларымаары, сотолорун уҥуоҕун тоһуталаан баран кириэстэриттэн уһултарарыгар Пилаттан көрдөспүттэрэ.
32Буойуннар кэлэн, бастакы киһи сототун уҥуоҕун, онтон Иисустуун сэргэстэһэ тиириллибит иккис киһи сототун үлтүрүтэ охсуолаабыттара. 33Иисуһу кэлэн өлбүтүн көрөн, сототун уҥуоҕун тоһуппатахтара. 34Ол гынан баран биир буойун Кини ойоҕоһун үҥүүнэн анньыбытыгар сонно бааһыттан хааннаах уу тохтубута.
35Ону эһиги итэҕэйэргит туһугар тус бэйэтинэн көрбүт киһи туоһулуур, кини чахчыны этэрин билэр буолан, туоһута кырдьыктаах. 36Суруйууларга «Кини уҥуоҕа тостуо суоҕа» диэн этиллибит ити курдук туолбута. 37Өссө атын кэрчиккэ «Кими супту анньыбыттарын көрүөхтэрэ» диэн этиллэр.
Иисус Христоһу харайыы
38Бу кэнниттэн Иисуһу, иудейдартан куттанан Киниэхэ кистээн үөрэммит Аримафеяттан төрүттээх Иосиф кириэстэн устаары, көрдөспүтүн Пилат көҥүллээбитэ. Онон Иосиф кэлэн, Кинини кириэстэн устубута. 39Иисуска урут түүн сылдьыбыт Никодим эмиэ кэлбитэ, кини үчүгэй сыттаах сүүс муунта кэриҥэ арыыны – смирналаах алоэны#19:39 Алоэ – сандаловай маһы үлтү мэлийэн оҥоһуллубут бороһуок. Смирналаах алоэ булкудаһыгынан өлбүт киһини сотоллоро, оччоҕо этэ-сиинэ өр кэмҥэ тулуһара. – аҕалбыта. 40Иккиэн Иисуһу ылан, иудейдар харайар үгэстэринэн үчүгэй сыттаах арыынан сотон баран, таҥаска суулаабыттара. 41Кинини кириэскэ тиирбит сирдэригэр саад баара, онно ким да өссө харайылла илик саҥа таас хаспаҕа баар этэ. 42Иудейдар субуотаҕа бэлэмнэнэр күннэрэ – бээтинсэ буолан, Иисуһу чугастыы ол хоруопка укпуттара#19:42Палестинаҕа киһини өлбүт күнүгэр харайаллара..
ప్రస్తుతం ఎంపిక చేయబడింది:
Иоанн 19: СБК
హైలైట్
షేర్ చేయి
కాపీ
మీ పరికరాలన్నింటి వ్యాప్తంగా మీ హైలైట్స్ సేవ్ చేయబడాలనుకుంటున్నారా? సైన్ అప్ చేయండి లేదా సైన్ ఇన్ చేయండి
© Институт перевода Библии, 2008-2022