Эсфирь 4:13-14

Эсфирь 4:13-14 СБК

Онно Мардохей Эсфирьгэ маннык хардарбыта: «Иудейдартан барыларыттан мин эрэ ыраахтааҕы дыбарыаһыгар тыыннаах ордуом дии санаама. Итинник быһаарыылаах күҥҥэ саҥата-иҥэтэ суох хааллаххына, көмө да, өрүһүлтэ да иудейдарга атын суолунан син биир кэлиэҕэ, оттон эн туох баар уруулуун-аймахтыын бары өлүөххүт. Ким билэр, эн, баҕар, итинник өлөр-тиллэр күҥҥэ туһалаары, сарыысса буолбутуҥ буолаарай?»