Руфь 3
3
Куумунаҕа көрсүһүү
1Биирдэ Ноеминь кийиитигэр Руфька эппитэ: «Тоойуом, мин эйиэхэ дурда-хахха буолар үчүгэй эрэбил киһини булуохпун баҕарабын. 2Бу киэһэ куумунаҕа биһиги уруубут Вооз (эн кини чаҕар кыргыттарыныын бииргэ сылдьыбытыҥ) нэчимиэнин көтүтэр. 3Суунан-тараанан, үчүгэй таҥаскын таҥнан куумунаҕа тиий. Ол гынан баран, аһаан бүтүөр диэри, киниэхэ көстүмэ. 4Утуйа барбытын кэннэ, ханна сыппытын билэн баран чугаһаар уонна бүрүнэ сытар таҥаһын сэгэтэн, аттыгар сытаар. Салгыы тугу гыныахтааххын бэйэтэ этиэҕэ».
5Руфь ийэ хотунугар: «Сөп, эн эппиккин барытын толоруом», – диэбитэ. 6Итиэннэ куумунаҕа баран, хотуна тугу эппитин толорбута.
7Вооз дуоһуйа аһаан-сиэн, бинэгирээт арыгытын иһэн баран, өрөһөлөммүт туораах бурдук кытыытыгар сытан утуйан хаалбыта. Ити кэмҥэ Руфь тыаһа-ууһа суох тиийэн, Вооз бүрүммүт таҥаһын сэгэтэн, аттыгар сыппыта. 8Түүн үөһүн саҕана киһи эмискэ уһуктан кэлэн эргиллэн көрбүтэ – арай аттыгар дьахтар сытара.
9«Кимҥиний?» – диэн ыйыппыта Вооз.
«Кулутуҥ Руфь, – диэбитэ дьахтар. – Бука диэн, кулуккун, миигин, кынатыҥ анныгар киллэр. Эн миэхэ көмөлөһүөхтээх уруум эбиккин».
10«АЙЫЫ ТОЙОН эйигин алгыахтын, тоойуом! – диэбитэ Вооз. – Эн уруккугунааҕар өссө үчүгэйи оҥордуҥ – эдэр киһини, дьадаҥыны да, баайы да, көрдүү барбатыҥ. 11Онон, тоойуом, куттаныма, эн тугу көрдөспүккүн барытын толоруом. Эн үтүө санаалааххын куорат дьоно бары билэллэр. 12Кырдьык, мин эһиэхэ көмөлөһүөхтээх уруугут буолабын, ол гынан баран эһиги миигиннээҕэр өссө ордук чугас атын биир уруулааххыт. 13Чэ бу түүн манна утуй. Онтон сарсын ол киһи быраабын туһанарга сөбүлэнэр буоллаҕына, туһаннын, оттон көмөлөһүөн баҕарбатаҕына, АЙЫЫ ТОЙОН иннигэр этэбин, эйиэхэ мин көмөлөһүөм. Утуй, сарсыарда буолуо ыраах».
14Руфь сарсыардааҥҥа диэри кинилиин атахтаһан утуйан баран, бэрт эрдэ, ким да кинилэри көрө илигинэ, тура охсубута. Вооз: «Куумунаҕа дьахтар кэлэ сылдьыбытын ким да билбэтэ ордук», – дии санаабыта.
15«Накыайкаҕын манна аҕалан тоһуй эрэ», – диэбитэ кини. Руфь накыайкатын тоһуйан биэрбитигэр Вооз алта мээрэй#3:15 Алта мээрэй – 22 киилэ кэриҥэ. нэчимиэни куппута. Итиэннэ ону Руфька санныгар сүктэрэн баран, бэйэтэ куоракка барбыта.
16Руфь ийэ хотунугар тиийэн кэлбитэ. Хотуна: «Хайа, тоойуом, төһө бэркэ сырыттыҥ?» – дии түспүтэ.
Вооз хайдах сыһыаннаспытын кэпсээн баран, Руфь: 17«Бу кини, ийэ хотуҥҥар кураанах төннүмэ диэн, миэхэ алта мээрэй нэчимиэни биэрэн ыытта», – диэбитэ.
18Ноеминь эппитэ: «Билигин, тоойуом, кэтэс. Ити барыта хайдах түмүктэнэрэ сотору биллиэ. Ол киһи саҕалаабытын бүтэрэ илигинэ уоскуйуо суоҕа».
Àwon tá yàn lọ́wọ́lọ́wọ́ báyìí:
Руфь 3: СБК
Ìsàmì-sí
Pín
Daako
Ṣé o fẹ́ fi àwọn ohun pàtàkì pamọ́ sórí gbogbo àwọn ẹ̀rọ rẹ? Wọlé pẹ̀lú àkántì tuntun tàbí wọlé pẹ̀lú àkántì tí tẹ́lẹ̀
© Институт перевода Библии, 2008-2022

: