Иисус биир куоракка сырыттаҕына, этэ бүтүннүү араҥ бааһа буолбут киһи кэлэн, Кинини көрөн, сиргэ умса түһэн ааттаспыта: «Тойонуом! Эн баҕарыаҥ эрэ кэрэх, миигин ырааһырдар кыахтааххын».
Иисус илиитин уунан киһини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Сонно киһи араҥ ыарыыта сүтэн хаалбыта.