Akara Njirimara YouVersion
Akara Eji Eme Ọchịchọ

Иоанн 1

1
Тыл Киһи буолан кэлбитэ
1Аан бастаан Тыл#1:1 Тыл (грек. Логос) – Айыы Тойон Таҥара Иисус Христос ааттарыттан биирдэстэрэ. баара, Тыл Таҥараҕа баара, Тыл Таҥара этэ. 2Кини аан бастааҥҥыттан Таҥараҕа этэ. 3Туох барыта Киниттэн саҕаламмыта, Кинитэ суох туох да саҕаламматаҕа. 4Кини олох төрдө этэ, оттон олох киһи аймах сырдыга этэ. 5Сырдык хараҥаҕа да сырдатар, хараҥа сырдыгы кыайар кыаҕа суох#1:5 Кыайар кыаҕа суох – эбэтэр «өйдүүр кыаҕа суох»..
6Таҥара ыыппыт киһитэ кэлбитэ, аата Иоанн диэн этэ. 7Бары киниттэн истэн итэҕэйэллэрин туһугар, кини дьоҥҥо сырдык туһунан кэрэһиттии кэлбитэ. 8Кини бэйэтэ сырдык буолбатах этэ, сырдык туһунан кэрэһиттии кэлбитэ.
9Бу аан дойдуга кэлэр хас биирдии киһини сырдатар дьиҥнээх сырдык баара#1:9Эбэтэр «Бу аан дойдуга кэлэн хас биирдии киһини сырдатар дьиҥнээх сырдык баара».. 10Сырдык бу дойдуга баара, бу дойду Киниттэн саҕаламмыта, арай бу дойду дьоно Кинини билбэтэхтэрэ; 11Бэйэтин дойдутугар кэлбитэ эрээри, Бэйэтин дьоно ылымматахтара; 12оттон ылыммыттарга, Кинини итэҕэйээччилэргэ, Кини Таҥара оҕолоро буолар быраабы биэрбитэ. 13Кинилэр хаантан, эттэн-сиинтэн, эр киһи баҕатыттан буолбакка, Таҥараттан төрөөбүттэрэ.
14Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.
15Иоанн Кинини кэрэһиттээн этэрэ: «„Кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи иннибэр буолла, тоҕо диэтэххэ, мин иннибиттэн баара“ диэн, мин бу Кини туһунан эппитим!»
16Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүө баайтан биһиги бары бииртэн биир алгыһы ылбыппыт. 17Сокуону Таҥара Моисейынан бэрдэрбитэ, оттон тапталы уонна кырдьыгы Иисус Христос аҕалбыта. 18Таҥараны ким да хаһан да көрбөтөҕө, арай Аҕатыгар баар Кини Төрөппүт соҕотох Уола#1:18 Төрөппүт соҕотох Уола – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Төрөппүт соҕотох Уола Таҥара». биһиэхэ Таҥараны көрдөрбүтэ.
Иоанн Сүрэхтээччи кэрэһиттээһинэ
19Иоанн маннык кэрэһиттээбитэ. Иудей тойотторо Иерусалимтан Иоаҥҥа аҕабыыттары кытта левиттэри ыытан: «Эн кимҥиний?» – диэн ыйыттарбыттара.
20Иоанн куотуна барбатаҕа, аккаастаммакка аһаҕастык эппитэ: «Мин Христос буолбатахпын».
21«Оччоҕо кимҥиний, – диэбиттэрэ. – Илияҕын дуо?»
«Суох», – диэбитэ кини.
«Пророккун дуо?»
«Суох», – диэн хоруйдаабыта.
22«Оччоҕо кимҥин эт, – диэбиттэрэ. – Биһигини ыыппыт дьоҥҥо тиэрдиэхпитин бэйэҥ тускунан тугу этэҕин?»
23Иоанн эппитэ: «Исайя пророк эппитин курдук, мин „Айыы Тойоҥҥо көнө суолла солооҥ“ диэн кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥатынабын».
24Онуоха фарисейдар ыыппыт дьонноро ыйыппыттара: 25«Эн Христос да, Илия да, Пророк да буолбатах буоллаххына, тоҕо сүрэхтиигин?»
26«Мин ууга сүрэхтиибин, – диэбитэ Иоанн. – Оттон эһигини кытта Ким турарын эһиги билбэккит: 27Кини кэннибиттэн иһэрэ да, билигин иннибэр буолла. Мин Кини атаҕын таҥаһын да быатын сүөрэргэ сөбө суохпун». 28Бу Иоанн сүрэхтиир сиригэр, Иордан аттыгар Вифаварга#1:28 Вифаварга – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Вифанияҕа»., буолбута.
Аан дойду аньыытын Бэйэтигэр ылынар Бараан Оҕото
29Сарсыныгар Иоанн киниэхэ кэлэн иһэр Иисуһу көрөн эппитэ: «Аан дойду аньыытын-харатын Бэйэтигэр ылынар Таҥара Бараанын Оҕото бу иһэр. 30„Кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи иннибэр буолла, тоҕо диэтэххэ, мин иннибиттэн баара“ диэн бу Кини туһунан эппитим. 31Мин Кинини билбэт этим гынан баран, Кини Израильга биллэрин туһугар ууга сүрэхтии кэлбитим».
32Онтон Иоанн маннык туоһулаабыта: «Тыын холууп курдук халлаантан Киниэхэ түһэрин көрбүтүм. 33Мин Кинини урут билбэт этим, ол гынан баран ууга сүрэхтэтэ миигин Ыытааччы миэхэ Тыын үөһэттэн түһэн Кимиэхэ тохтуур да, Ол – Сибэтиэй Тыынынан Сүрэхтээччи буолар диэбитэ. 34Мин ону көрбүт буолан, Таҥара Уола бу Кини диэн туоһулуубун!»
Маҥнайгы үөрэнээччилэр
35Сарсыныгар Иоанн икки үөрэнээччитин кытта эмиэ ол сиригэр турбута. 36Кини Иисус кэлэн иһэрин көрөөт: «Таҥара Бараанын Оҕото бу иһэр!» – диэн саҥа аллайбыта.
37Маны истэн, үөрэнээччилэрэ иккиэн Иисуһу батыһан барбыттара. 38Иисус кэннин хайыһан көрөн: «Эһиги тугу көрдүүгүт?» – диэн ыйыппыта.
«Равви (ол аата «Үөрэтээччи»), Эн ханна олороҕунуй?» – диэн кинилэр хардары ыйыппыттара.
39«Барсыҥ, оччоҕо көрүөххүт», – диэбитэ Иисус. Бу уон чаас#1:39 Уон чаас – күнүс түөрт чаас. саҕана этэ. Үөрэнээччилэр барсан, Иисус ханна олорорун көрбүттэрэ, итиэннэ киэһэриэр диэри, Киниэхэ олорбуттара.
40Иоантан истэн Иисуһу батыспыт икки киһиттэн биирдэстэрэ Симон Петр быраата Андрей этэ. 41Андрей убайын Симоны бастакынан булан ылан эппитэ: «Биһиги Мессияны (ол аата Христоһу) буллубут». 42Итиэннэ кинини Иисуска илдьэ кэлбитэ. Симон диэки көрөн баран Иисус: «Эн Иона#1:42 Иона – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иоанн». уола Симоҥҥын, – диэбитэ. – Аны мантан инньэ Кифа диэн ааттаныаҥ». (Ол аата Петр, «таас» диэн суолталаах аат.)
Филиптээх Нафанаилы ыҥырыы
43Нөҥүө күнүгэр Иисус Галилеяҕа барардыы быһаарынан, Филиби булан: «Миигин батыс», – диэбитэ.
(44Филипп Вифсаидаттан, Андрейдаах Петр куораттарыттан, төрүттээҕэ.) 45Филипп Нафанаилы булан этэр: «Биһиги Моисей Сокуонугар уонна Пророктарга Суруллубуту – Назареттан төрүттээх Иосиф уолун Иисуһу – буллубут».
46«Ол Назареттан туох эмэ үтүө тахсыан сөп үһү дуо?» – Нафанаил саарбахтыыр.
«Бараҥҥын көр», – диэн хоруйдуур Филипп.
47Иисус Киниэхэ кэлэн иһэр Нафанаилы көрөн этэр: «Бу туох да албына-көлдьүнэ суох дьиҥ чахчы Израиль киһитэ».
48«Эн миигин хантан билэҕиний?» – Нафанаил дьиктиргиир.
«Мин эйигин, Филипп өссө ыҥыра илигинэ, смоковница анныгар көрбүтүм», – диэн хоруйдуур Иисус.
49«Равви! – Нафанаил саҥа аллайа түһэр. – Эн Таҥара Уолунаҕын, Израиль Ыраахтааҕытынаҕын!»
50«Эйигин смоковница анныгар көрбүтүм диэбитим иһин, Миигин итэҕэйэҕин; аны маннааҕар өссө улаханы көрүөҕүҥ, – диир Иисус 51уонна салгыы этэр: – Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: мантан инньэ эһиги халлаан арылларын уонна Таҥара Аанньаллара Киһи Уолугар кэлэллэрин-баралларын көрүөххүт».

Nke Ahọpụtara Ugbu A:

Иоанн 1: СБК

Mee ka ọ bụrụ isi

Kesaa

Mapịa

None

Ịchọrọ ka echekwaara gị ihe ndị gasị ị mere ka ha pụta ìhè ná ngwaọrụ gị niile? Debanye aha gị ma ọ bụ mee mbanye