Akara Njirimara YouVersion
Akara Eji Eme Ọchịchọ

Саалтыр 3

3
1Давид уолуттан Авессаломтан куотан иһэн ыллаабыт псалома.
2 Айыы Тойон, өстөөҕүм үксээтэ даҕаны!
Үгүстэр миигин утары өрө тураллар;
3үгүстэр мин туспунан#3:3 Эбэтэр: мин дууһам туһунан. :
«Таҥара кинини быыһыа суоҕа», – дэһэллэр. Села#3:3 Саалтыырга барыта 71-дэ хатыланар тыл. Туох суолталааҕа чуолкай биллибэт, музыканнарга аналлаах ыйыы биитэр кылгас тохтобул бэлиэтэ буолуон сөп.
4Ол эрэн, Айыы Тойон, Эн буолаҕын мин көмүскэнэр куйаҕым,
албан аатым, Эн өрө көтөҕөҕүн мин санньыйбыт төбөбүн.
5Куолаһым муҥунан Айыы Тойону ыҥырабын,
оччоҕо Кини миэхэ сибэтиэй хайатыттан хардарар. Села
6 Айыы Тойоҥҥо көмүскэтэр буоламмын,
мин холкутук сытан утуйан турабын.
7Тула өттүбүттэн саба түһэр үтүмэн дьонтон
ончу куттаныам суоҕа.
8Оо, туруй, Айыы Тойон!
Өрүһүй миигин, Таҥарам!
Эн иэдэскэ охсоҕун мин өстөөхтөрбүн барыларын;
Эн тоһутаҕын хара дьайдаахтар анаҕастарын.
9Быыһабыл Айыы Тойонтон кэлэр;
Эн алгыһыҥ норуоккар тосхойдун. Села

Nke Ahọpụtara Ugbu A:

Саалтыр 3: СБК

Mee ka ọ bụrụ isi

Kesaa

Mapịa

None

Ịchọrọ ka echekwaara gị ihe ndị gasị ị mere ka ha pụta ìhè ná ngwaọrụ gị niile? Debanye aha gị ma ọ bụ mee mbanye